Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 8
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленность сайдыытын туһунан сибидиэнньэлэр
ОглавлениеХаннык баҕарар дойдуга уонна региоҥҥа капитализм сайдыытын быһаарарга К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин олохтообут теорияларын уонна методологическай бириинсиптэрин туһаныахха сөп.
1. Ремесло уонна мануфактура капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын туоһулара уонна мэктиэлэрэ буолбатах. Бу промышленность сайдыытын кэрдиистэрэ, кэрчик кэмнэрэ эрэ, капитализм көстүүтэ буолбат.
2. Капитализм сайдыытын быһаарыыга уонна билиниигэ хайаан даҕаны сырьену таҥастыыр, байытар, оҥоһукка кубулутар (обработка и переработка сырья) уонна бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэлэр – баабырыкалар уонна собуоттар баар буолуохтаахтар. Бу тэрилтэлэри быһаарарга, үлэлэрин хааччыйарга хайаан да илии үлэтин солбуйар массыыналар, механизмнар, двигателлэр (промышленнай переворот техническэй өттө) баар буолуохтаахтар. Ол кэннэ капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын түмүгэр промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат (промышленнай переворот общественнай өттө) диэн саҥа общественнай кылаастар үөскүөхтээхтэр.
Саха уобаластааҕы статистическай управление уобалас экономикатын 1910 сыллаах туругун ырытар кинигэтигэр маннык чахчылар бааллар. 1910 с. Саха сиригэр барыта 97 «собуот» баара бэлиэтэммит. Ол иһигэр 64 бурдук тардар миэлиҥсэ баарыттан: 50 миэлиҥсэ ат эргитэр көлүөһэлээх (диискэлээх) (манна 61 киһи үлэлээбит), 3 тыал күүһүнэн үлэлиир миэлиҥсэ (2 үлэһиттээх), 9 уу сүүрүгүнэн үлэлиир миэлиҥсэ (17 үлэһиттээх), 2 миэлиҥсэ паровой хамсатааччылаах (двигателлээх) эбит (2 үлэһиттээх). Онон, бу 64 «собуокка» барыта 82 оробуочай үлэлээбит (биирдии «собуот» ортотунан 1,28 оробуочайдаах). Бу сүрүннээн тыа ыалларын бас билэр миэлиҥсэлэрэ этилэр, онно хаһаайын уонна кини кэргэттэрэ үлэлииллэрэ.
Мантан ураты 33 «собуот» баара: мыыла оҥорор (буһарар) 1 тэрилтэ (2 үлэһиттээх), тириини имитэр уонна боростуой оҥоһуктары оҥорор 3 мастарыскыай (14 үлэһиттээх), кирпииччэ үктүүр 14 сарай (кирпииччэҕэ барыта 34 киһи үлэлээбит, биирдии сарайга 2,4 киһи), мас хайытар 2 сыах (араама) (барыта 4 киһи үлэлиирэ), пиибэни буһарар 1 «собуот» (7 киһи үлэлиирэ), бурдук тардар паровой 12 миэлиҥсэ (барыта 33 киһи үлэлиирэ, биир миэлиҥсэҕэ ортотунан 2,8 үлэһит баара). Мантан көстөрүнэн, сорох «собуоттарга» ортотунан 2–3 үлэһит, сорохторго 4–7 эрэ үлэһит баара. Маннык кыракый тэрилтэлэргэ үлэни идэлэринэн араарыы (үллэрии) уонна массыынаны туһаныы суоҕа. Бу 33 «собуокка» барыта 93 киһи, хаһаайыттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, үлэлииллэрэ. Бу тыа сиригэр тарҕаммыт «дьиэтээҕи промышленность» (кустарная, домашняя промышленность, промыслы) этэ. Наука быһаарыытынан сыаналаатахха, бу боростуой кооперация тэрилтэлэрэ этилэр, кинилэри мануфактуралар диир да табыллыбат (Башарин, 1974. С. 43–44). Оттон З.В. Гоголев бу ааттаммыт 97 «собуоту» (барыта 1910 с. 175 киһи үлэлээбитэ), саба быраҕан, промышленнай предприятиелар диэн бигэргэтэр (Гоголев, 1970. С. 43, 48).
Саха сиригэр капитализм суоҕун көрдөрөөрү, манна маарынныыр сыыппаралары профессор Г.Г. Макаров «Октябрь в Якутии. Часть первая. Якутия накануне и в период Февральской революции» (Якутск: Кн.изд-во, 1979. – С. 280) кинигэҕэ эмиэ аҕалар. Кини бигэргэтэринэн, 1911 с. Саха сиригэр баар 108 «собуокка» (профессор «кустарные предприятия» диир – Н.Н.) барыта 140 оробуочай үлэлээбит. Бу тэрилтэлэртэн Дьокуускай уокуругар 55 «собуот» (барыта 64 үлэһиттээх этэ), Бүлүү уокуругар – 24 «собуот» (32 үлэһит баара), Өлүөхүмэ уокуругар 29 «собуот» (44 үлэһиттээх) баара. Маны таһынан Дьокуускай куоракка 211 ремесленник, кинилэр мастарыскыайдарыгар көмөлөһөөччүнэн уонна оробуочайынан 112 киһи сылдьыбыт (атын уокуруктар уонна куораттар тустарынан сибидиэнньэ суох). 1914 с. Дьокуускайга электростанция тутуллан үлэҕэ киирбитэ, куораты уонна Марха сэлиэнньэтин уотунан хааччыйбыт (1920 с. 30 үлэһиттээх этэ, атын дааннай суох). Эмиэ 1914 с. куоракка тимир оҥоһуктары оҥорор уонна тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир массыыналары уонна тиэхиньикэни өрөмүөннүүр мастарыскыай аһыллыбыта (1921 с. манна 32 киһи үлэлээбитэ эрэ биллэр).