Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 16

Мөккүөр саҕаланыыта

Оглавление

1949 с. З.В. Гоголев Саха сиригэр кэлбитэ уонна 1949–1963 сс. Тыл, литература уонна история институтун дириэктэринэн, 1963–1974 сс. Новосибирскайга История, тыл уонна философия институтугар сектор (салаа) сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1950 с. дуоктарыскай үлэтин көмүскээн баран, Г.П. Башарин «19-с үйэ ортотуттан 1917 с. диэри Саха сиригэр социальнай-экономическай сыһыаннаһыылар историялара» диэн тиэмэҕэ эмиэ дьулуурдаахтык үлэлээбитэ.

З.В. Гоголев 1949 с. диэри Саха сирин историятыгар сыһыаннаах биир да научнай үлэни суруйбатаҕа. Саха сиригэр кэлэн баран, урукку үлэтинэн сибээстээн уонна тартаран, «Саха сирин 19-с үйэ бүтүүтүттэн 1941 с. диэри социальнай-экономическай сайдыыта» диэн киэҥ, комплекснай тиэмэҕэ үлэлээн барбыта. Ол эрээри 1952 с. Башарин «дьыалата» күөрэйэн тахсыбыта. 1944 с. тахсыбыт «Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтэ ис хоһоонунан марксизмы, науканы утарар уонна буржуазнай национализмы тарҕатар, күөртүүр диэн сыаналаммыта уонна бобуллубута. Саха интэлигиэнсийэтин эмиэ буржуазнай национализмҥа (омугумсуйууга) буруйдааһын саҕаламмыта уонна 1962 с. диэри барбыта. 1952–1962 сс. З.В. Гоголев буржуазнай национализмы саралааһын кыттыылааҕа, биир улахан салайааччыта уонна национализм сайдыытын үөрэппит киһинэн буолбута.

Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара

Подняться наверх