Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 13
Атыы-эргиэн сайдыыта
Оглавление1917 с. диэри атыы-эргиэн сүрүннээн Дьокуускай куоракка уонна уокуруктар кииннэригэр – Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Дьааҥыга уонна Орто Халымаҕа барара. Саамай элбэх маҕаһыыннаах, ыскылааттаах уонна атыыһыттаах сиринэн Дьокуускай куорат этэ. Манна 1916 с. бүтүүтүгэр 104 лааппы (лавки) баара. Куоракка Саха сиригэр киэҥник биллибит фирмалар («Наследники А.И. Громовой», «Коковин и Басов», «Наследники А.М. Кушнарева», «Рылов и Лесников», «Наследники Н.Н. Силина», «Д.А. Стрелов и Ко», «Блох и Ко») хонтуоралара бааллара. Атыыһыттар ортолоругар 36 саха эргиэмсигэ баара. Кинилэр ортолоругар капиталлара кыра да буоллар, нэһилиэнньэҕэ киэҥник биллибит Г.В. Никифоров – Манньыаттаах уола, Н.Д. Эверстов – Сэрбэкэ, В.Н. Ксенофонтов, К.К. Иванов уо.д.а. бааллара.
Кыра лааппылар Дьааҥы уокуругар Верхоянскай куоракка, Казачье, Аллайыаха, Булуҥ уонна Абый сэлиэнньэлэригэр, Халыма уокуругар Орто Халыма куоратыгар (манна 1916 с. 4 лааппы) бааллара. ХХ үйэ саҥатыгар киин улуустар кииннэригэр уонна улахан сэлиэнньэлэригэр кыра лааппылар тэриллэн, тэнийэн барбыттара (Амма, Абаҕа, Болугур нэһ. Ааллаах диэн сиргэ), Чурапчыга, Дүпсүн улууһун Дьөндү (Дүөндү) диэн сиригэр уо.д.а. сирдэргэ.
Саха сиригэр атыы-эргиэн биир саамай табыгастаах уонна киэҥник сайдыбыт көрүҥүнэн табаары тиэйэ сылдьан атыылааһын (развозная торговля) буолара. Бу киэҥ сиринэн тайаан сытар, суола-ииһэ суох, элбэхтэ кэлбэт-барбат, айаннаабат нэһилиэнньэлээх Саха сирин улуустарыгар уонна нэһилиэктэригэр атыы-эргиэн биир саамай табыгастаах көрүҥэ этэ. Кыһын саҥата, алтынньы бүтүүтүттэн, сыарҕа суола аһыллыаҕыттан атыыһыттар бирикээсчиктэрэ (продавцы) айаҥҥа туруналлара. Нэһилиэнньэ олорор сирдэрин кэрийэ сылдьан табаардарын «атыылыыллара», атыннык эттэххэ, дьон илиитигэр тутан олорор харчыта суох буолан, оҥорбут бородууксуйатын (эти, арыыны, балыгы, түүлээҕи уо.д.а.) уонна муспут баайын (сэлии муоһун уо.д.а.) атыыһыттар аҕалбыт табаардарыгар (чэй, саахар,бурдук, табах, иһит-хомуос, туттар уонна үлэлиир тэриллэр, саа-саадах, доруобунньук, таҥас-сап, араас мануфактура, испиир уо.д.а.) атастаһара (маны «меновая торговля» дииллэр). Табаары бу курдук сырьеҕа атастаһыы атыыһыттарга элбэх барыһы аҕалара.
ХХ үйэ саҥатыгар Дьокуускай куоракка эмиэ уруккутун курдук кыһын уонна сайын дьаарбаҥкалар ыытыллаллара. Онно кыттаары араас сирдэртэн атыыһыттар бэйэлэрин табаардарын улахан партиянан илдьэ кэлэллэрэ уонна атын атыыһыттар табаардарыгар кууһунан атастаһаллара, атыылыыллара, дуогабардары түһэрсэллэрэ. Бытархай атыы эмиэ киэҥник тэриллэрэ. Дьаарбаҥкалар баар буоланнар, Саха сирин табаардара, сырьета, күндү булумньулара Арассыыйа уонна аан дойду ырыынагар тахсаллара. Дьокуускай дьаарбаҥкатыгар олохтоох сыананан маннык түүлээх атыыламмыт: 1913 с. – 1 371 500 солк., 1914 с. – 864 250 солк., 1915 с. – 1 301 640 солк; сэлии (мамонт) муоһа атыылаһыллан атын сиргэ таһаарыллыбыта: 1913 с. – 1600 буут (25 600 кг) (84 800 солк. сууммаҕа), 1915 с. – 1 450 буут (23 200 кг), 1917 с. – 2000 буут (32 000 кг). Саха сирэ күндү түүлээҕинэн баай этэ. Түүлээхпит Саха сириттэн тиэйэн таһаарыллан Москваҕа быыстапка-дьаарбаҥкаҕа, Кяхта куоракка – Азия атыыһыттарыгар, Лондоҥҥа – Арҕаа Европаҕа атыыланара, кинилэргэ тиксэрэ.
Бу курдук эргиэн, бытааннык да буоллар, сайдан испитэ. Харчы суоҕа эргииргэ мэһэйдиирэ. Нэһилиэнньэ харчыта кэмчи этэ. Эбии ХХ үйэ саҥатыгар нэһилиэнньэ сорох нолуогу уонна түһээни харчынан төлүүр буолбута. Маннык балаһыанньаҕа Дьокуускайга 1910 с. олунньу 27 к. «Русско-Китайский банк» Саха сиринээҕи салаата аһыллыбыта. Сотору буолаат, «Хотугу бааны» кытта холбоһон, 1910 с. ыам ыйын 25 к. ыла «Русско-Азиатский банк» диэн ааттаммыта. Маны таһынан куоракка «Якутский городской общественный банк им. Н.Д. Эверстова» 1911 с. аһыллыбыта, олохтоох атыыһыт И. Кершенгольц баана бааллара. 1916 с. Саха сиригэр барыта нэһилиэнньэ харчыны мунньан уурунар сирэ – 19 каасса баара [Макаров, 1979, С.71].
Бу бааннары уонна каассалары барытын чааһынай дьон бас билэллэрэ. Ол иһин бааннарга киирбит харчы (капитал) барыта Арассыыйа киинигэр барара. Чааһынай бааннар Саха сирэ сайдыытыгар улахан үбү укпаттар этэ. Онон сүрүн кыһалҕанан Дьокуускайга Арассыыйа Судаарыстыбаннай баанын салаатын тэрийии буолбута да, бу боппуруос 1917 с. диэри кыайан быһаарыллыбатаҕа.