Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 2
Учуонайдар мөккүспүт сорох боппуруостара
Оглавление1. 1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) уонна баһылыыр кылаастар баалларай?
1960–1980 сс. Саха сирин уонна Новосибирскай историктара уһуннук, туруулаһан туран, мөккүспүт биир боппуруостара – 1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) уонна ханнык социальнай утарсыылар баалларай диэн этэ. Уопсастыба экономическай сайдыыта, таһыма ханнык баҕарар дойдуга нэһилиэнньэ олоҕун, уйгутун, өй-санаа сайдыытын, кылаастар уонна араҥалар (сословиелар) сыһыаннарын (утарсыыларын), духуобунай сайдыыны быһаарар төрүтүнэн, олоҕунан, базатынан буолаллар. Дойду баһылыыр-көһүлүүр общественнай-политическай тутулугар олоҕуран уопсастыба үгүс боппуруоһа быһаарыллар.
1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул баарын, сайдыбытын туһунан учуонайдар ортолоругар элбэх мөккүөр, утарсыы баара. Сүрүннээн икки сабаҕалааһын баара. Маҥнайгы сабаҕалааһын: 1917 с. диэри Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбыттара, феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар буомуран, кэхтэн испиттэрэ, саҥа уопсастыба сайдыытын мэһэйдииллэрэ диэн. Бу сабаҕалааһыны тутуһар учуонайдар (А.И. Новгородов, З.В. Гоголев, В.А. Демидов, В.С. Познанскай уо.д.а.) Саха сиригэр промышленность сайдыбыта, собуоттар бааллара, саҥа уопсастыба кылаастара – промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат бааллара диэн бигэргэтэллэрэ. Ол иһин Саха сиригэр уопсастыба социальнай, политическай уонна духуобунай сайдыыта Арассыыйа киин уобаластарын курдук биир халыыбынан сайдыбыта дииллэрэ.
Историктар атын бөлөхтөрө (И.М. Романов, Г.П. Башарин, Ф.Г. Сафронов, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев, И.А. Аргунов, В.И. Федоров уо.д.а.) 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай (Ф.Г. Сафронов – патриархальнай-феодальнай) сыһыаннаһыылар сабардыыллара, капитализм бастакы көстүүлэрэ, араскылара (элеменнэрэ) саҥа киирэн, табаар уонна харчы эргиирэ улаатан, атыы-эргиэн сайдан, торговай буржуазия араҥата үөскээн испитэ диэн бигэргэтэллэрэ. Саха сиригэр баабырыкалар, собуоттар уонна рудниктар суохтара, онон буржуазия уонна пролетариат суохтара, буржуазнай идеология, өй-санаа сайдыбатаҕа диэн этэллэрэ. Бу саҕана нэһилиэнньэ олоҕун таһыма мөлтөх, үөрэх–култуура сайдыыта намыһах, кылаастарынан улахан атааннаһыылар, утарсыылар суохтарын кэриэтэ этэ, Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын биир хаалыылаах, кытыы сирэ-уота этэ диэн бигэргэтэллэрэ.
Бэйэлэрин сабаҕалааһыннарын төрүттээн уонна олохтоон, А.И. Новгородов уонна З.В. Гоголев түөрэ-таары эргийэ сылдьан, араас дааннайдары уонна чахчылары аҕалаллара, кинилэри биир сиргэ чохчолоон, чөмөхтөөн баран, бу буржуазнай сайдыы көстүүлэрэ, туоһулара дииллэрэ. Үрдүнэн-аннынан К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин суруйууларыгар сигэнэллэрэ.
Бу сабаҕалааһыны утаран, Г.П. Башарин, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев уо.д.а. элбэх научнай үлэни суруйбуттара уонна 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай тутул баһылыырын, сабардаабытын, капитализм араскылара саҥа үүнэн эрэллэрин эмиэ дааннайдары, чахчылары аҕалан, бэйэлэрин сабаҕалааһыннарын көмүскүүллэрэ, бигэргэтэллэрэ.
Кэлин уһугар тиийэн, 1980-с сыллар бүтүүлэриттэн Г.П. Башарин, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев этэр сабаҕалааһыннарын элбэх историк, политолог, философ, социолог өйөөбүтэ уонна билиммитэ. Билигин научнай үлэһиттэр ортолоругар улахан мөккүһүү (дискуссия) суох. Биирдиилээн сөбүлэспэт дьон баар да, кинилэр наукаҕа уонна уопсастыбаҕа баһылыыр-көһүлүүр оруоллара суох. Онон бириэмэ уонна история сууттара ким кырдьыктааҕын, сөптөөх позицияны көмүскээбитин бэйэлэрэ быһаарбыттара. Ол түмүгэр киэн туттар суруйааччыларбыт А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов уонна Н.Д. Неустроев уопсастыбаҕа уонна историяҕа бэйэлэрин миэстэлэрин дьиҥнээхтик булбуттара, саха национальнай интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрэ буржуазнай националистар буолбатахтара быһаарыллыбыта.
1921–1923 сс. буолбут гражданскай сэрии биир сүрүн биричиинэтинэн хаҥастыйыы бэлиитикэтин олус күүскэ уонна кытаанахтык ыытыы буолбута дакаастаммыта, сахалары омук быһыытынан национализмҥа буруйдааһын тохтообута. Саха сирэ аптаныамынай өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын ылыытыгар уонна 1922 с. кулун тутартан саҕаламмыт тупсуу, эйэлэһии туһугар ыытыллыбыт саҥа байыаннай-политическай куурус олоххо дьиҥнээхтик киириитигэр нуучча норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ олус бэриниилээхтик, актыыбынайдык үлэлээбиттэрэ өссө төгүл дакаастаммыта уонна билиниллибитэ.