Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 17
З.В. Гоголев – Саха сиригэр национализмы саралааччы
Оглавление«Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтигэр Г.П. Башарин ыраахтааҕылаах Арассыыйа кэмигэр А.Е. Кулаковскай саха норуота бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥарыахтаах, туһаныахтаах, төрөөбүт тылынан үөрэнэр оскуолалар баар буолуохтаахтар, норуот тылын, литературатын, духуобунай култууратын сайыннарарыгар бырааптаах уонна көҥүллээх буолуохтаах диэн туруорсарын бигэргэтэр. Маны таһынан Кулаковскай саха норуота үөрэх-сайдыы суолугар киириэхтээх, норуоттар бары тэҥ бырааптаах буолуохтаахтар диирэ. Ол туһунан Г.П. Башарин маннык суруйан үйэтин тухары мөҕүллүбүтэ: «Мы установили, что у Кулаковского в дореволюционный период не было реакционного, буржуазного национализма, что у него был здоровый, прогрессивный национализм мелкобуржуазного демократа-просветителя, направленный против великодержавного шовинизма царизма… Кулаковский не был националистом». Башарины, саха норуотун холуннарааччылар бары ити икки тылтан иҥнэллэр, кинилэргэ сөрүөстэллэр. Ол кэннэ сахалар норуот быһыытынан тугу эмэ туруорустулар даҕаны, кинилэри националистар диэн буруйдууллара: бэйэлэрин норуоттарын эрэ өрө туталлар, атыттартан чорбойуохтарын баҕараллар, атын омуктары сэнииллэр диэн буолара. Онон, сахалар сордоохтор бэйэлэрин тылларын, литератураларын, духуобунай култуураларын, бырааптарын уонна көҥүллэрин көмүскээтэхтэринэ эбэтэр туруорустахтарына – барыларын национализмҥа буруйдууллара. Оттон национализм биир көстүүтүгэр – шовинизмҥа буруйдаммыт биир да киһи баара биллибэт.
Саха сиригэр буржуазнай национализмы саралааһыҥҥа 1950 сс. баһылыыр-көһүлүүр оруолу З.В. Гоголев – ТЛИНЧИ дириэктэрэ толорбута. Ону барытын институт Учуонай сэбиэтин, партийнай тэрилтэтин мунньахтарын боротокуоллара бигэргэтэллэр. Ол эрээри биһиги бэчээттэммит источниктарга эрэ сигэнэбит. Биир источникка маннык этиллэр: «В январе 1952 г. на партактиве городской партийной организации была сделана первая попытка объявить тов. Башарина и его сторонников… какой-то якобы [организованной] группой, проповедовавшей в партии буржуазно-националистическую идеологию. Товарищи Гоголев и Емельянов заявили, что борьба против извращений Башарина и других есть прямое продолжение борьбы нашей партии против буржуазного национализма врагов народа [в] 1928 и 1938 гг. <…> Тов. Гоголев продолжал: «Характерно при этом, что Башарин ни одного из своих единомышленников не назвал. Похоже на то, что Башарин оберегает и сохраняет кадры своих сторонников, чтобы через некоторое время снова начать борьбу в какой-нибудь области». <…> 21 февраля 1952 г. на заседании Ученого совета института Гоголев [заявил]: «…в 1952 г. снова подняли голову башаринцы, так как партийная организация [в 1936–1938 гг.] не сумела полностью искоренить остатки буржуазного национализма… В сентябре 1952 г. на XVIII областной партконференции Емельянов Н.С. (единомышленник Гоголева. – Н.Н.) заявил, что борьба с врагами народа, буржуазными националистами, в Якутии прошла четыре этапа и что последний этап борьбы с башаринцами длится более десяти лет, с 1942 по 1952 г., и требовал прямой расправы с последними…» (В.В. Скрябин-Идэлги. Иван Романов. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – С. 179–180). По утверждению Гоголева, борьба с буржуазным национализмом в Якутии прошла в три этапа: первый этап – в 1929 г. ЦК партии разгромил буржуазно-националистическую линию тогдашнего руководства обкома партии; второй этап – в 1936–1938 гг. была разгромлена целая группа врагов народа. Третий этап наступил в 1952 г., когда снова подняли голову башаринцы…» (эмиэ итиннэ, С.180). Онон, З.В. Гоголев 1952–1962 сс. Саха сиригэр буржуазнай национализмы саралааһыҥҥа актыыбынайдык кыттыбыта, националистары утары охсуһууга «теоретическай» уонна политическай бырагыраамалары оҥорсубута, элбэх киһини эккирэтиигэ көмөлөспүтэ.
Саха сиригэр ол сыллартан ыла буржуазнай национализм тиэмэтэ үөрэтиллэн, сыаналанан түмүктэммит, бүппүт курдук этэ. Уопсастыбаҕа сынньаныы, уоскуйуу буолбута. Ону баара Г.П. Башарины холуннарар эрэ сыаллаах Дьааҥыттан төрүттээх Лазарь Михайлович Рожин партия обкомун бюротун 6.02.1952 с. уурааҕын түөрэ эргитэн, ааҕааччылары албынныыр суруйуута тахсан, дьыала ис дьиҥин билбэт дьоҥҥо, сөҕүүнү-махтайыыны ылла (Л.Рожин. Эккирэтии сиэртибэтэ буолбута. – Туймаада. – 2020. – 6 апреля. – С.7). Лазарь Рожин суруйар: «Захар Гоголев историческай наукаҕа туспа көрүүлээҕин иһин кинини Г.П. Башариннаах сиргэ-буорга тэпсибиттэрэ. 1952 с. олунньу 6 күнүгэр партия анал уурааҕа тахсарыгар «буруй эрэ Моттойоҕо» диэбиккэ дылы, башаринецтар сыыр намыһахтыы кини үрдүнэн барбыттара». Бу тугуй?! Лазарь Рожин бу этиитэ барыта сымыйа, ахтыллар докумуону 180є төттөрү эргиппит, ааҕааччылары албыннаабыт.
Бу уураах кэнниттэн З.В. Гоголев сиргэ-буорга тэпсиллибэтэҕэ: 1952–1963 сс. ТЛИНЧИ дириэктэринэн, 1963–1974 сс. Новосибирскайга институт секторын сэбиэдиссэйинэн, «История Сибири» диэн 5 туомнаах академическай үлэ кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Бу үрдүк дуоһунастарга үлэлээһини хайдах «сиргэ-буорга тэпсиллии» диэххэ сөбүй? Бу уураахха З.В. Гоголев мөҕүллүбэтэҕэ, буруйдаах Моттойо буолбатаҕа. Уураахха националист суруйааччылары көмүскээбит Г.П. Башарин уонна кини буортулаах үлэтин кыайан саралаабатах дьоннор буруйдаммыттара. Бу уураах кэнниттэн партийнай сэмэлэри ылан туран, үлэлэриттэн маннык дьоннор үүрүллүбүттэрэ: Илья Егорович Винокуров, Иван Михайлович Романов, Петр Матвеевич Корнилов, Семен Петрович Данилов (суруйааччы), Степан Федотович Попов, Иван Иннокентьевич Михайлов, Павел Иванович Корякин. Кинигэ эрэдээктэрдэрэ Авксентий Егорович Мординов уонна Иннокентий Васильевич Пухов улаханнык сэмэлэммиттэрэ. Рожин өттүттэн дьэ кытаанах бассыыбайдааһын буолбатах дуо?!