Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 3
Капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын хайдах быһаарыахха сөбүй?
ОглавлениеБу ыйытыыга чуолкай эппиэти Арҕаа Европаҕа уонна Арассыыйаҕа капитализм сайдыытын дириҥник үөрэппит марксизм-ленинизм классиктара К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин биэрбиттэрэ. Кинилэр айымньыларыгар үлэҕэ (производствоҕа) капиталистическай көстүүлэр (элементы) сайдыылара, саҥа кылаастар үөскээһиннэрэ, кинилэр утарсыылара чуолкайдык быһаарыллар. Онон, бэрт кылгастык, ааҕааччыларга сорох балаһыанньаны быһаарабыт:
Аан маҥнай үлэҕэ (производствоҕа) үлэһит бэйэтэ айан, илиинэн толорор үлэтин көрүҥэ – ремесло (идэ) киирбитэ уонна сайдыбыта. Ремесло сүрүннээн капитализм иннинээҕи уопсастыбаларга сайдыбыта. Арҕаа Европаҕа, холобур, Германияҕа олус күүскэ сайдыбыта. Манна элбэх уонна кытаанах конкуренция баар буолан, ремесленниктэр бэйэлэрин оҥоһуктарын олус үчүгэйдик, туйгун хаачыстыбалаахтык оҥорор буолбуттара (кинилэр үгэстэрэ салҕанан, билигин «немецкое качество» диэн тиэрмин олохсуйан сылдьар). Ремесленник бэйэтин матырыйаалыттан сакааһы толорор, кини оҥоһуга табаар буолан ырыынакка тахсыбат. Саха сиригэр ремесло эмиэ сайдыбыта. Ордук саха уустара аатыраллара (саха быһаҕын, батыйаны, анньыыны, дьиэ тэрилин оҥорооччулар, билигин хомуһу, биһилэҕи, дьахтар киэргэллэрин уо.д.а. оҥорооччулар киэҥник биллэллэр).
Ремесло базатыгар уонна кини кэнниттэн оҥорон таһаарыы (производство, промышленность) сайдыытын К. Маркс үс улахан кэрдиис кэмҥэ араарар: 1) боростуой капиталистическай кооперация; 2) мануфактура; 3) баабырыка уонна собуот оҥорон таһаарыыта (фабрично-заводское производство, промышленное производство, машинная индустрия).
Боростуой капиталистическай кооперация (табаары оҥорон таһаарыыга илии үлэтин көдьүүстээхтик туһанар сыалтан, оробуочайдар сүбэлэһэн баран бииргэ үлэлээһиннэрэ) – капиталистическай промышленность сайдыытын маҥнайгы кэрдиис кэмэ. Кооперация ремеслоттан сүрүн уратыта – оҥорон таһаарбыт табаардара хара маҥнайгыттан киэҥ ырыынакка тахсыыта, үлэ төлөбүрүн сакаасчыт эбэтэр хаһаайын (сырьену, тиэхиньикэни бас билээччи, үлэни тэрийээччи) төлөөһүнэ буолар. Боростуой кооперация биһиэхэ биллибит көрүҥнэринэн, холобур, кирпииччэ оҥоһуута, дьиэ тутуута уо.д.а. буолар. Маннык кооперацияҕа үлэлии сылдьан оробуочайдар дьоҕурдарын, талааннарын арыйаллар, сөбүлүүр идэлэринэн үлэлии сатыыллар.
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр капитализм киириитин (сайдыытын) биир саҥа көстүүтүнэн боростуой кооперация сайдыыта буолбута. Саха сиригэр промышленность кооперация эрэ таһымыгар сайдыбыта. Кооперация үлэһиттэрэ оҥорбут бородууксуйаларын (холобур: эти, балыгы), табаардарын (арыыны, тууһаммыт балыгы, туттар сэби, малы) атын киһи – атыыһыт (скупщик) атыылаһан ылан, ырыынакка таһааран атыылыыра, барыс киллэринэрэ, капиталын хаҥатара. Ардыгар хаһаайын (скупщик) бэйэтин матырыйаалын (сырьену) аҕалан биэрэн дьону үлэлэтэрэ. Ол иһин маннык түбэлтэҕэ Саха сиригэр үгүс дьон олорор сирдэриттэн тэйбэккэ сакааска үлэлииллэрэ уонна хамнас аахсаллара. Үлэ маннык көрүҥүн Арассыыйаҕа дьиэтээҕи промышленность (домашняя, т.е. кустарная промышленность) дииллэрэ. Манна оҥорон таһаарааччылар (үксүгэр бэйэлэрэ бас билэр сырьеларыттан уонна илиинэн үлэлээн) хамнас аахсаллар этэ, ол иһин кинилэри оробуочайдар диэччилэр. Ол эрээри кинилэр дьиҥнээх капиталистическай производство (үлэ) оробуочайдара буолбаттар, кинилэри пролетариакка (фабрично-заводские рабочие, индустриальный пролетариат) киллэрэр сыыһа, төрүт табыллыбат (А.И. Новгородов, З.В. Гоголев киллэрэн капитализм сайдыытын дакаастаан муҥнаналлара).
Мануфактура кэмэ (от лат. manus – рука, facere – делать) – капиталистическай промышленность сайдыытын иккис кэрдиис кэмэ. Арҕаа Европаҕа XVI–ХIX үйэлэргэ сайдыбыта. Мануфактураҕа үлэни барытын илии күүһүнэн оҥороллоро, ол эрээри көрүҥнэринэн (салааларынан) араарыы баара. Манна сырьену (матырыйаалы) эмиэ хаһаайын булара, биэрэрэ, үлэ түмүгүн (табаары) эмиэ хаһаайын (капиталист) бас билэрэ уонна ырыынакка атыылыыра.
Үгүс дойдуга уонна региоҥҥа мануфактура тарҕаммыт көрүҥнэринэн таҥаһы тигии, тирииттэн оҥоһуктары, атах таҥаһын, дьиэ малын-салын оҥоруу, үлэ уо.д.а. көрүҥнэрэ буолаллар. Холобура, таҥаһы тигиигэ (швейное производство) научнай худуоһунньук-дизайнер баар сырьену хайдах туһанары уруһуйдаан, халыыбын оҥорон биэрэрэ, ол кэнниттэн сырьену халыыбынан быһааччылар (закройщики) бэрийэллэрэ, кинилэр кэннилэриттэн иистэнньэҥнэр (швеи) үлэлииллэрэ, онтон бэрэбиэркэлээччилэр, табаары атыыга бэлэмнээччилэр үлэлэрэ кэлэрэ. Тирииттэн таҥаһы тигии үлэтэ эмиэ араас көрүҥүнэн толоруллара. Дизайнер, кырыйааччы, тигээччи, ситэрээччи үлэ биир эрэ көрүҥүн толороллоро, сатабыллара, маастарыстыбалара үрдүүрэ. Ол иһин кэлин үлэ биир, быстах уонна боростуой түһүмэҕин киһи оннугар массыына, механизм, двигатель толорор кыахтаммыта. Мануфактуралары сотору кэминэн баабырыка, собуот солбуйбута.
Мануфактура миэстэтэ маннык: Мануфактура сайдыыта дьиҥнээх капиталистическай сайдыы кэмэ буолбатах, оччолорго массыына, тиэхиньикэ суоҕа, мануфактура сайдыыта капитализмҥа киириигэ тиэрдэр эбэһээтэлинэй кэрдиис кэм (переходнай период). Бу кэнниттэн дьиҥнээх промышленнай капитализм кэмэ кэлэр. Мануфактура үлэһиттэрэ пролетариат араҥата буолбатахтар, кинилэр пролетариат иннинээҕи оробуочайдар этилэр (Ф. Энгельс кинилэри «предшественники современного пролетариата», сэбиэскэй учуонайдар «предпролетариат» диэн ааттаабыттара).
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленнай сайдыы мануфактура таһымыгар тиийбэтэҕэ, бэрт аҕыйах тэрилтэни улаханнык өрө тардан, мануфактура дииллэр быһыылаах – бу олоҕо суох бигэргэтии.
Машиннай производство (машинное производство) кэмэ – мануфактура кэнниттэн кэлэр промышленность үһүс кэрдиис кэмэ. Капитализм бу эрэ кэмтэн саҕаланар, машиннай производствота суох капитализм суох. Мануфактура сайдыытын түмүгэр, табаары оҥорууга илии үлэтин массыыналарынан солбуйуу уопсастыба олоҕор элбэх экономическай, социальнай уонна политическай уларыйыыны аҕалбыта. Илии үлэтин массыыналарынан солбуйууну, машиннай индустрия саҕаланыытын К. Маркс промышленнай переворот диэн ааттаабыта. Ханнык баҕарар дойдуга промышленнай переворот икки – техническэй уонна общественнай – өрүттээх.
Техническэй өрүтэ – бу аата массыынаны, механизмы, двигатели айыы, оҥоруу уонна производствоҕа киллэрии (туһаныы). Табаары оҥорууга илии үлэтин массыынанан солбуйуу кыайдаҕына, техническэй өрүт түмүктэнэр. Машиннай производство кыайдаҕына, феодальнай тутул букатыннаахтык эстэр, кыайтарар, мантан ыла капитализм эпохата саҕаланар.
Общественнай өрүтэ – бу аата капиталистическай уопсастыба сүрүн кылаастарын үөскээһинэ буолар. Промышленнай переворот бүттэҕинэ ханнык баҕарар дойдуга уопсастыба сүрүн кылаастарынан промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат буолаллар. Бу саҥа кылаастар – промышленнай переворот общественнай түмүктэрэ (Ф. Энгельс этиитэ).
Промышленнай переворот түмүгэр оробуочайдар илии үлэтин солбуйбут массыыналары үлэлэтэр, көрөр-истэр, салайар үлэһиттэр буолбуттара. Кинилэр бэйэлэрэ бас билэр тэрилтэлэрэ, тэриллэрэ суоҕа, идэлэринэн үлэлиир эрэ кыахтаахтара (маны «рабочая сила» дииллэр), бу идэлэринэн кинилэр баабырыкаҕа, собуокка үлэлииллэрэ, идэлэрин, билиилэрин, сатабылларын, кыахтарын баабырыканы (собуоту) бас билээччигэ атыылыыллара, киниттэн хамнас эрэ ылаллара. Маннык оробуочайдары баабырыка (собуот) оробуочайдара (фабрично-заводские рабочие, индустриальные рабочие, промышленнай пролетариат) дииллэр. Онон пролетариат диэн аан маҥнайгыттан баабырыка уонна собуот оробуочайдара эрэ этилэр. Онтон кэлин хамнаска (харчыга) үлэлиир, хамнаһынан аһаан-сиэн, иитиллэн олорор производство, хааччыйыы, кинилэргэ сыһыаннаах эйгэ үлэһиттэрин барыларын холбоон оробуочайдар диэн ааттыыр буолбуттара. Онон пролетариат уонна оробуочай кылаас диэн тиэрминнэр тус-туһунан ис хоһоонноохтор уонна суолталаахтар. Ону чуолкайдык арааран билиэххэ наада.