Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 5
1917 с. диэри Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбыттара дуо?
ОглавлениеСүрүннээн бу ыйытыыга эппиэттээри биһиги инники бэлиэтээһиннэрбитигэр капиталистическай кооперация (ремесло), мануфактура, промышленнай производство (фабрично-заводская промышленность), буржуазия уонна пролетариат тустарынан ааҕааччылар өйдүүллэрин курдук кылгастык быһаара сатаатыбыт. Тоҕо диэтэххэ, 1960–1980 сс. учуонайдар ортолоругар бу ыйытыыга элбэх мөккүөр, утарсыы баара. Кинилэр бигэргэтиилэрин үөрэтэн көрдөххө, Новосибирскай учуонайдара Саха сиригэр капитализм баара, сайдыбыта диэн балаһыанньаҕа олоҕуран, сүрүннээн А.Е. Кулаковскайы реакционер, контрреволюционер диэн сыаналаары, айымньыларын реакционнай ис хоһоонноохтор диэн бигэргэтээри; 1921–1923 сс. гражданскай сэриини Киин Арассыыйаҕа буолбут сэрии курдук көрдөрөөрү; саха интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрин уонна уобалас бастакы салайааччыларын буржуазнай национализмҥа буруйдаары наар буржуазнай уопсастыба уонна идеология сайдыытын теориятыгар уонна практикатыгар сигэнэллэрэ, капиталистическай сайдыы көрдөрүүтүнэн сыаналыыллара.