Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 14
Тыа сирин нэһилиэнньэтин састаабыгар киирбит уларыйыылар
ОглавлениеХХ үйэ саҥатыгар Саха сирин экономикатыгар киирбит уонна улаатан-дириҥээн иһэр уларыйыылар тыа нэһилиэнньэтигэр сабыдыаллара улахан этэ. Маны бигэргэтэн, бары чинчийээччилэр 1917 с. биэрэпис уонна специалистар оҥорбут түмүктэригэр сигэнэллэр. Бу биэрэпис 1917 с. от ыйыттан балаҕан ыйын бүтүөр диэри Саха сирин 3 уокуругар – Дьокуускайга, Бүлүүгэ уонна Өлүөхүмэҕэ – ыытыллыбыта, Дьааҥы уонна Халыма уокуруктарыгар ыытыллыбатаҕа.
1917 с. хаһаайыстыбаннай биэрэпис түмүгүнэн Дьокуускай уонна Бүлүү уокуруктарыгар сүөһүтэ суох хаһаайыстыбалар – 3% (хаһаайыстыба барытын ахсааныттан), ынаҕа суох хаһаайыстыбалар – 4% ылаллара. Маннык хаһаайыстыбалары батараактар хаһаайыстыбалара дииллэр. Биэрэпис ыытыллыбыт 3 уокуругар барытыгар холбоон 6571 киһи наймыга үлэлиирэ, дьону наймылаһан бэйэтигэр 5190 хаһаайыстыбаҕа (бары хаһаайыстыба 10,2%) үлэлэтэрэ, биирдии хаһаайыстыба ортотунан 1,24 наймыга үлэлиир оробуочай (үлэһит) баар эбит (манна баайдар уонна тойоттор хаһаайыстыбаларыгар үлэлиир дьоннор бары киирбиттэр).
Маны таһынан тойоттор хаһаайыстыбаларыгар олорон үлэлиир 9088 иитимньилэр (4387 уолаттар уонна 4701 кыргыттар, воспитанники и воспитанницы) биэрэпискэ киллэриллибиттэр. Кинилэри сахалар хамначчыттар дииллэр (кинилэр наймыга үлэлиир оробуочайдар буолбатахтар). Профессор Г.Г. Макаров кинилэри «сельские полупролетарские элементы» диэн ааттыыр [Макаров, 1979, с. 127].
Тыа сирин нэһилиэнньэтин ыаллар, хаһаайыстыбалар социальнай балаһыанньаларынан көрөн бөлөхтөргө, араҥаларга араартааһыҥҥа специалистар биир чуолкай түмүккэ кэлэ иликтэр. Бэйэтин кэмигэр, холобура, М.К. Аммосов 10 сүөһүлээх уонна 0,25 гаа ыһыы сирдээх хаһаайыстыбалары дьадаҥылар ахсааннарыгар киллэрэрэ уонна хаһаайыстыбалар 40% дьадаҥылар диирэ. Биллиилээх историк С.А. Токарев маннык быһаарыыта баар: «…в условиях примитивного скотоводческого хозяйства дореволюционной Якутии голодной нормой считалось 10 голов скота на семью из пяти душ, т.е. по 2 головы на душу» (Токарев, 1945, с. 8). Л. Мамет диэн историк БСЭ маҥнайгы таһаарыытыгар Саха сирин туһунан ыстатыйатыгар маннык суруйбута: «10 голов скота в скотоводческом хозяйстве – грань нищеты» (БСЭ, т. 65, М., 1931, с. 499). Оттон З.В. Гоголев ааҕарынан, 3–10 сүөһүлээх хаһаайыстыбалар дьадаҥылар (хаһаайыстыба уопсай ахсааныттан 56%), 20–25 сүөһүлээх хаһаайыстыбалар ортолор (28%), оттон 20–25 төбөттөн элбэх сүөһүлээх хаһаайыстыбалар байылыат хаһаайыстыбалар – дьону көлөһүннээччилэр (6%), үлэлээн иитиллээччилэр – батараактар (10%) буолаллар [Гоголев, 1970, c. 128–129].
Дьиҥнээх баар балаһыанньаҕа арыый да чугас уонна ылыннарыылаах түмүктэри Ленинград экономист-учуонайа Михаил Константинович Расцветаев оҥорбута. Кини 1917 сыллааҕы Саха сирин тыатын нэһилиэнньэтин маннык араарбыта: кулаактар – 7%, орто бааһынайдар – 50%, дьадаҥылар – 42% этилэрэ диир. Ол кэннэ аны батараактар (8-10%) бааллара диир. Маны ырыппыт профессор Г.Г. Макаров бу 10% батараактары оннун буллараары орто бааһынайдартан 10% көҕүрэтэр уонна орто бааһынайдар түмүгэр 40% буолуохтарын сөп диэн сөпкө тойоннуур уонна кулаактар (7%) араҥаларыгар тойоттор эмиэ киирбиттэр диэн бигэргэтэр. М.К. Расцветаев сүөһү иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалары социальнай араҥаларга маннык быһааран араартыыр: кулаактарга (тойоттору киллэрэн туран) биир киһиэхэ ортотунан 6,17 төбө сүөһү тиксэр (кулаактар хаһаайыстыбалара ортотунан 38-40 төбө, онтон да элбэх сүөһүлээх буолара), орто хаһаайыстыбаларга биир киһиэхэ ортотунан 2,94 төбө сүөһү тиксэр (орто хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин ахсаана 14–15 төбөттөн 38–40 буолара), дьадаҥы хаһаайыстыбаларга биир киһиэхэ ортотунан 1,57 төбө сүөһү тиксэрэ (дьадаҥы хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин ахсаана 5—6 төбөттөн 14–15 төбөҕө тиийэрэ).
М.К. Расцветаев быһаарыыта ылыннарыылаах. Мин санаабар, боростуойдук толкуйдаан көрдөххө да, аҥаардас сүөһүнэн эрэ дьарыктанан олорор натуральнай хаһаайыстыбаҕа тыыннаах хаалар эрэ туһугар биир киһиэхэ сылга кырата 3 төбө сүөһү наада: 1 сүөһүнү сиир (атын элбэх ас суоҕа), 1 сүөһү атыыта төлөбүрдэри (нолуоктары, түһээннэри) төлөөһүҥҥэ барара, ордубута ас-үөл, таҥас-сап, иһит-хомуос, мал-сал, туттар сэп-сэбиргэл атыытыгар барара, хаһаайыстыбаны эспэт наадатыгар 1 сүөһү (ынах) хайаан да иитиигэ баар буолуохтаах. Ол иһин маннык дьаһанар хаһаайыстыбалар сахаларга элбэхтэрэ (40–50% ылаллара), кинилэри орто хаһаайыстыбалар дииллэрэ.
Онон, 1917 с. биэрэпис түмүгүнэн Саха сирин 3 уокуругар нэһилиэнньэ социальнай балаһыанньата маннык этэ:
– барыта 7191 оробуочай баара (манна батараактар, дьадаҥылар уонна хамначчыттар киирбиттэр);
– араас дьадаҥы хаһаайыстыбалар – туох да сүөһүтэ суох (2086 хаһаайыстыба), көлүнэр оҕуһа суох (12446 хаһаайыстыба), ынаҕа суох (2974 хаһаайыстыба), барыта 17 506 батараактар уонна дьадаҥылар хаһаайыстыбалара этилэр;
– биэрэпис ыытыллыбыт үс уокуругар баайдар уонна тойоттор хаһаайыстыбаларыгар иитимньигэ барыта 9006 киһи баар этэ (кинилэри «воспитанники», «воспитанницы» дииллэрэ, сорохтор «домашняя челядь» дииллэр).
Онон, 1917 с. диэри Киин Арассыыйаҕа сайдыбыт капиталистическай сыһыаннаһыылар сабыдыалларынан, Саха сирин экономикатыгар уларыйыылар киирэннэр уобалас тыатын сиригэр олох-дьаһах таһымынан нэһилиэнньэ араас социальнай араҥаҕа (бөлөххө) арахсыыта (социальное расслоение, дифференциация) күүһүрбүтэ.