Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 11
Тыа сиригэр баар тиэхиньикэ
ОглавлениеТыа сиригэр сүрүннээн бурдугу үүннэриигэ уонна астааһыҥҥа саамай боростуой тиэхиньикэни тутталлара. 1917 с. биэрэпискэ бэлиэтэммитинэн, Саха сирин үс киин уокуругар – Дьокуускай уокуругар, Бүлүүгэ уонна Өлүөхүмэҕэ – барыта бурдугу үүннэриигэ уонна хомуйууга туһаныллар 640 араас тиэхиньикэ баара. Кинилэр ортолоругар бааллара: бурдугу олордор (ыһар) массыыналар (сеялки) – 74 устуука, от охсор массыыналар (косилки) – 42 устуука, бурдугу быһар массыыналар (жнейки) – 108 устуука, бурдугу сынньар малатыылкалар (молотилки) – 71 устуука, бурдугу көтүтэр массыыналар (веялки) – 345 устуука. Маны таһынан 1149 биирдии уллуҥахтаах (лемехтээх), 254 элбэх уллуҥахтаах булууктар бааллара. Ол эрээри, биэрэпис көрдөрөрүнэн, учуоттаммыт хаһаайыстыба ахсаана 51 850 буоллаҕына, кинилэртэн маннык тиэхиньикэлээх хаһаайыстыба ахсаана баар-суоҕа 1521 (ол аата хаһаайыстыбалар 3% эрэ тиэхиньикэлээх эбит), атыттар бары – 50 329 хаһаайыстыба (97%) туох да тиэхиньикэлэрэ суох этэ. Мантан көстөрүнэн, кыахтаахтык, сэниэтик олорор нуучча бааһынайдара, тойоттор, атыыһыттар, атын да сэниэ ыаллар эрэ маннык тиэхиньикэлээхтэр этэ.