Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 18
1917 сыл иннинэ Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытын сыаналааһын туһунан мөккүөр
Оглавление1970 с. Новосибирскайга З.В. Гоголев «Якутия на рубеже XIX–ХX вв. (Социально-экономический очерк)» диэн кинигэтэ тахсыбыта. Захар Васильевич бу кинигэтигэр Саха сиригэр XIX үйэ бүтүүтүттэн 1917 с. диэри буржуазнай, о.а. капиталистическай сыһыаннаһыылар олохсуйбуттара, бөҕөргөөбүттэрэ уонна баһылыыр-көһүлүүр оруоллаахтара диэн дакаастыы сатаабыта, бигэргэппитэ.
Эмиэ бу тиэмэнэн үйэ чиэппэрин кэриҥэ дьарыктаммыт Г.П. Башарин 1974 с. Дьокуускайга «Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX – начала ХХ века (по поводу книги З.В. Гоголева «Якутия на рубеже XIX–ХX вв.)» диэн үлэни таһаарбыта. Георгий Прокопьевич бигэргэтэринэн, бу кэмҥэ Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар бааллара, ону тэҥэ буржуазнай сайдыы биирдиилээн, быстах көстүүлэрэ (элеменнэрэ) бааллара, капитализм уопсастыба быһыытынан сайдыбатаҕа диир.
Г.П. Башарин бу кинигэтигэр научнай полемика уонна научнай чинчийии дьиҥнээх марксисткай-ленинскэй миэтэттэрин кыахтаахтык туһаммыта. Ол аата К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин курдук, инники ааптардар үлэлэрин сыыһаларын, итэҕэстэрин, сыыһа түмүктэрин ыйан туран, саҥа араас чахчылары, дааннайдары, араас элбэх источниктары уонна литератураны аҕалан туран, тута саҥа түмүктэри оҥорон саҥа арыйыылары оҥоруу буолар. Чинчийээччи эрэ барыта кыайан туттубат ньымата (үгүс чинчийээччилэр халыып курдук араас фактары, дааннайдары, чахчылары хаарты курдук наардаан, чохчолоон баран түмүк оҥороллор, онон бүтэр).
Тоҕо маннык буолбутун билбэппин, ол эрээри Захар Васильевич кинигэтигэр наһаа элбэх сыыһалар бааллар, бардырҕас сыыһа (сымыйа), боростуой да ааҕааччы хараҕар тута быраҕыллар. Бу курдук Саха сирин киинигэр кыһыммыт уһуна 8 ый эбит, Саха сиригэр 1917 сыллаахха диэри Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Дьааҥы, Орто Халыма, Булуҥ уо.д.а. куораттар бааллар эбит, бу куораттарга барыларыгар промышленнай тэрилтэлэр бааллар, атыы-эргиэн сайдыбыт уонна кинилэр култуура кииннэрэ эбиттэр, З.В. Гоголев итинник бигэргэтэр. Бу бигэргэтиилэр бары сыыһалар диэн Г.П. Башарин дакаастаабытын үрдүнэн, А.П. Окладников хамыыһыйатын дьоно маны Башарин бытархайдаһыыта (придирката) эрэ диэбиттэр.
Сүөһү ахсаанын уонна сүөһүнү иитии сайдыытын көрдөрөр З.В. Гоголев сыыппаралара үксэ дьиэктээх, сыыһа быһаарыллыбыттар диэн Башарин чуолкайдаабытын, дакаастаабытын хамыыһыйа аны «передергивание данных, цифр» диэн наукаҕа элбэхтэ туттуллар дэгиттэр миэтэди туттан З.В. Гоголевы быыһыы сатаабыт. З.В. Гоголев баар чахчылары араастаан эргитэн, Саха сиригэр Бодойбо бириискэлэригэр (1898 с. Иркутскай уобалас сирэ), Өлүөхүмэ, Нюкжа, Саха сирин соҕуруу өттүн, Өлүөхүмэ уокуругун атын да сирдэригэр баар бириискэлэргэ кыһыл көмүс, Сунтаарга – эмиэ кыһыл көмүс, Алдан төрдүгэр Эндыбалга тимир уонна сибиниэс хостонор буолан, хайа промышленноһа күүскэ сайдыбыта диэн бигэргэтэр. Маны таһынан тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх тиэхиньикэ туттуллар, элэктэриичэстибэ эмиэ баара диэн бигэргэтэр. Бу бигэргэтиилэр сыыһаларын дакаастаан, Г.П. Башарин элбэх чахчылары аҕалбытын, хамыыһыйа Башарин «приписката» (эбии суруйуута) диэн быһаарбыт – онон Саха сиригэр капитализм сайдыбыта диэн бигэргэппит.
Аны Саха сиригэр баар промышленнай тэрилтэлэр уонна оробуочайдар ахсааннарын быһаарарыгар З.В. Гоголев эмиэ кураанах сыыппаралары аҕалбыт, ону Башарин атын регионнары кытта тэҥнээн, бырыһыаннаан көрбүт, онуоха Саха сирэ Арассыыйаҕа капитализм сайдыбыт регионнарын ахсааныгар киирсэр буолан хаалбыт. Капиталистическай промышленность сайдыытыгар 3 кэрдиис кэм баар (ремесло, мануфактура, фабрично-заводское производство). Оробуочай кылаас эмиэ үс этабынан сайдар (ремесленные рабочие, мануфактурные рабочие, фабрично-заводской (индустриальный пролетариат). Мантан хайалара Саха сиригэр сайдыбыттарын быһаарыыга, Гоголев уопсай бигэргэтиилэринэн эрэ муҥурдаммыт. Башарин маны барытын эҥкилэ суох быһаарбытын, А.П. Окладников хамыыһыйата барытын «домыслы Башарина» (эбиискэтэ)