Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 1

Хаһан да хойут буолбатах

Оглавление

Сураһаллар соһуйбуттуу

билэр дьонум миигиттэн:

«Тоҕо бу сааһыран бараҥҥын

хоһоон суруйар буоллуҥ эн?»

Бэйэм да билбэппин —

төһө тыыппалаах

хоһоонньуппун…

Арай биири мин билэбин —

Хаһан да хойут буолбатах!

Мин хоһоон суруйабын —

Таптал кэрэтин

хоһуйуохпун баҕараммын,

Төрүт дойдум туһунан

киэн тутта кэпсээри,

Сахалыы уран тыл

оһуорунан

Айгыр-силик айылҕа

эриэккэһин ойуулаары.

Мин хоһоон суруйабын —

Күн күбэй ийэбэр анааммын,

Кини үлэни

өрө туппут олоҕун,

Сырдыгынан сыдьаайар

мааны майгытын,

Үтүөнү эрэ түстүүр

сырдык санаатын.

Истиҥ, иһирэх тылынан

Баараҕай

махталбын

этээри.

Мин хоһоон суруйабын —

Хаһан да ылламматах ырыа

Куйаарга

лыҥкыныы

кыырайар

Көмүс тылларын булаары,

Сүрэҕим кутаата,

уйулҕам иэйиитэ

Доллоһута ыллаатыннар диэн…

Мин хоһоон суруйабын —

Суруйабын кырдьыгынан,

Туоххаһыйар толкуйдарбын,

ситиспэтэх ыраларбын,

Көннөрүөхтээх алҕастарбын,

төннөрүөхтээх иэстэрбин,

Туохтан мин хомойорбун,

ытыырбын, үөрэрбин…

Мин хоһоон суруйабын —

Таптыырга,

айарга,

ыллыырга

Хаһан да хойут буолбатах!

Мин хоһоон суруйабын —

Олоҕу уруйдуур-айхаллыыр

Хаһан да хойут буолбатах!

Мин хоһоон суруйабын…


2019 с. бэс ыйа

Дьокуускай

Хаһан да хойут буолбатах

Подняться наверх