Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 16
1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Дамокл батаһа
ОглавлениеДамокл батаһа
Кылынан баайыллан
Өһүөҕэ ыйаммыт,
Түһүөхчэ түспэккэ,
Кылаана кылбаҥнаан
Биэтэҥниир үрдүккэ.
Биир күлүм түгэҥҥэ
Быа быһа барыаҕа,
Кыраҕы харабыл
Батары түһээри
Хаанымсах көтөрдүү
Аллараа сурулуо.
Хас биирдии бэйэбит
Күннэри-түүннэри,
Олохпут устата
Кыл быаҕа ыйаммыт
Дамокл батаһын
Анныгар сылдьабыт.
Билигин санныбар
Сэбирдэх таммалыыр,
Күөх халлаан суһумун
Көрөммүн дьоллоохпун,
Дамокл батаһын
Таһыччы умнабын…
2018 с. ыам ыйа
Дьокуускай