Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 2

1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Хотугу сулуһум

Оглавление

Ханна да сылдьаммын,

Ханнык да халлаантан

Суохтааммын көрдүүбүн

Хотугу сулуспун.

Хотугу сулуһум

Үөһэттэн мичээрдиир,

Тапталлаах мин дойдум

Сыдьаайын бэлэхтиир.

Хотугу сулуһум,

Эйигин көрөммүн

Тус хоту кыраайым

Илдьитин тутабын.

Үөрүүбүн үллэстэн

Чаҕылла сырдыыгын,

Мунаарар кэмнэрбэр

Эн суолдьут буолаҕын.

Хотугу сулуһум,

Эйигин көрдөрбүн,

Ыраах да сылдьаммын

Дойдубар чугаспын.


Хаһан да хойут буолбатах

Подняться наверх