Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 3

1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Бэҕэһээҥҥи мууһунан

Оглавление

Бэҕэһээҥҥи мууһунан

Киһи туоруур өрүһү,

Куттанарын да умнан

Сарсыҥҥыны көрсөөрү…

Олох, өлүү быыһынан

Барар кини сэрэнэ,

Сытыы быһах биитинэн

Хааман иһэр кэриэтэ.

Киһи көҥүл майгыта

Хааччахтартан иҥнибэт,

Хаҥыл, хорсун санаата

Күөмчүлүүрү билиммэт.

Уҥуор көстөр кытылга

Тиийэр баҕа кэнэйдиир,

Хотолдьуйар чэҥ мууска

Атах суола кэккэлиир.

Бэҕэһээҥҥи мууһунан

Киһи туоруур өрүһү,

Сэрэх, бигиир хардыынан,

Саҥа хаамар оҕолуу…


2019 с. сэтинньи

Дьокуускай

Хаһан да хойут буолбатах

Подняться наверх