Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 14
1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ
ОглавлениеКэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Нуурал киэһэ, соһуччу.
«Соргу дугуй!» – үөрбүччэ,
Уруйдуоҕум доргуччу.
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Сырдык мичээр сэтиилээх,
Кэрэ кэпсээн кэһиилээх,
Сылаас сыһыан аргыстаах.
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Остуол тардан көрсүөҕүм,
Чороон иһит туруоруом,
Кымыс кутан күндүлүөм.
Оччоҕуна дьолунан
Аал уотум сыдьаайыа,
Үтүө дьоннуун алтыһан
Санаам күннүү сандаарыа.
2018 с. бэс ыйа
Дьокуускай