Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 6
1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Мин айыллыбыт эбиппин…
ОглавлениеМин айыллыбыт эбиппин
Бу сиргэ хоһоон айаары,
Сытыы чаҕаан тылларынан
Кырдьыгы эрэ туойаары.
Мин айыллыбыт эбиппин
Үтүө дойдум сырдык аатын
Үрдүктүк өрө тутаммын
Дорҕоонноохтук ааттатаары.
Мин айыллыбыт эбиппин
Бүгүрү үлэһит төрүтүм
Удьуор утумун салҕааммын
Үйэлэри нөҥүөлээри.
Бу сиргэ кэлбит аналбын,
Ытык иэспин умнубаппын,
Олоххо улуу тапталбын,
Дьолбун дьоннуун үллэстэбин.
Баламаттык сананна диэн
Сиилии-сэмэлии санаамаҥ,
Баҕа санаам дэлэгэйин,
Эһиги өйдөөҥ, баалаамаҥ.
Барбытым кэннэ оҕолорум
Барытын ситэриэхтэрэ,
Ол ону салҕаан, сиэннэрим,
Кэнэҕэс, чиҥэтиэхтэрэ…
2018 с. ыам ыйа
Дьокуускай