Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 24

1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Халандаар илииһэ

Оглавление

Кылгаабыт күлүмнэс күннэрим

Курустук ыгыта кууһаллар,

Уһаабыт ыас хара түүннэрим

Уйгуурдар мөккүөрү тардаллар…

Сарсыарда уһуктаат, аан бастаан

Халандаар сирэйин көрөбүн,

Сайыспыт санаабын санньытан,

Сыл-хонук сырсыытын сөҕөбүн.

Кэм-кэрдии айанын тиэтэтэн

Быһабын ааспыт күн илииһин,

Кэлбит күн ордугар эрэнэн

Күүтэбин туох эрэ дьиктитин.

Тулаайах халандаар илииһэ —

Туллубут сэбирдэх ханыыта,

Өксүөн тыал эрийиэ, имитиэ,

Ол онтон, дьэ сиргэ тэпсиэҕэ.

Сыыстардым дуу, бу мин бүгүн

Халандаар илииһин быраҕан —

Билбэтэх эбиппин адьаһын

Олоҕум сорҕотун быһарбын.

Бэйэбин халандаар кэриэтэ

Сарсыарда тураммын сананным —

Хас быспыт кырачаан илииһим

Олоҕум күннэрэ эбиттэр…


2018 с. тохсунньу

Дьокуускай

Хаһан да хойут буолбатах

Подняться наверх