Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 13

1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Хоноһобун эрэ дуо?

Оглавление

Халлаан бэлиэр киэһэрэн

Хараҥалыын куустуспут,

Күммүт улам кээрэнэн

Кыыһар саҕах боруорбут.

Өйдөөбөккө хаалбыппын

Кэмим хайдах ааспытын…

Бүппэт курдук санааммын

Сиппэтэҕим баһаамын!

Чүмэчибин уматтым —

Симик уота кыламныыр,

Көмүс күндү күннэрим

Таммах буолан тохтоллор.

Айыы сирин үрдүгэр

Бүппэт суоҕун билэбит,

Арай ону мэлдьэһэр

Сүрэх отой ылыммат.

Ама, маннык түргэнник

Олох эмиэ ааһыа дуо?

Ама, маннык кэрэҕэ

Хоноһобут эрэ дуо?


2017 с. балаҕан ыйа

Сүлдьүкээр

Хаһан да хойут буолбатах

Подняться наверх