Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 19
1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Халлааны туос сатыы дабайан
ОглавлениеКып-кыра оҕочоос кэмнэрбэр
Саҕахха тиийиэхпин саныырым,
Көҕөрөр сис хайа кэтэҕэр
Бу турар курдуга саҕаҕым.
Халлааны туос сатыы дабайан
Көй сулус быыһынан хаамаары,
Киэҥ куйаар киэлитин кэрийэн
Тулаайах ый кыыһын көрсөөрү.
Сир, халлаан ыпсыытын арыйан
Ыксыырым дьиктини билээри,
Олоҥхо кэпсээбит дьиктитин
Ол онно дуоһуйа көрөөрү.
Улаатан истэҕим аайытын
Саҕаҕым ырааттар ыраатар,
Алгыстаах аартыгым арыллан
Айаным ыырдара кэҥииллэр.
Сир, халлаан силбэһэр сиксигэр
Билигин да тиийэ иликпин —
Ол санаам дьулуһар, талаһар
Оҕочоон саастарым саҕаҕар…
2017 с. ахсынньы
Дьокуускай