Читать книгу Хаһан да хойут буолбатах - - Страница 17
1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Өлүүнү кыайбыттар
ОглавлениеБүгүн, Улуу Кыайыы күнүгэр
Өрөгөй ырыата эҥсиллэр.
Өлбүттэр, тыыннаахтар тахсаллар,
Кырыыстаах сэриини санатар,
Кырдьыгы бар дьоҥҥо тириэрдэр
«Өлүүнү кыайбыт полк» айанныыр.
Иһэллэр, сыллары нөҥүөлээн,
Адьырҕа сиэмэҕин сиҥнэрбит,
Аан дойду көҥүлүн быыһаабыт
Буойуннар чиҥ-чиҥник үктээннэр.
Албан аат кустугар сууламмыт
Өлүүнү билиммэт буойуннар.
Хаамаллар, илииттэн сиэттиһэн
Аарыма кырдьаҕас эдэрдиин,
Кырачаан кэнчээри сиэннэрдиин.
Сир түөһэ өрүтэ түллэҥниир,
Сүрэхтэр биир тэҥник тэбэллэр,
Хаартыска былаахтыы күөрэҥниир.
Хаартыска ахсыттан көрөллөр,
Кэм-кэрдии хаттыгын курдаттаан,
Харахтар, мөлүйүөн харахтар.
Аан дойду дьалхааннаах туонатын —
Куоһаныы, дьиксинии, сэрэнии
Кыымнара саҕыллар курдуктар…
Кэлэр күн кэскилин айабыт,
Эйэлээх олоҕу тутабыт.
Өскөтүн уотунан уһуурар
Өстөөхпүт күүһүнэн өттөйүө,
Оччоҕо бар дьонун туһугар
«Өлүүнү кыайбыт полк» турунуо…
2018 с. ыам ыйа
Дьокуускай