Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 10
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
ҮРҮҤ ААННЬАЛ
(М.Тырылгинныы)
ОглавлениеАйан нэксиэтин, өксүөнүн уйбаккабын,
Эмиэ ыалдьан, ыалга быстардым.
Эмиэ эмп, эмиэ иннэ – укол…
Эмиэ туманнырда айанныыр суол.
…Үөл-дьүөлгэ түһээн үлүгүнэйэ,
Ууга тимирэ, уокка умайа,
Уум быыһынан баттата сыттахпына:
Үрүҥ түүн кынатын сапсыныыта,
Таҥара дьайҕара сырдыыта,
Тыаһа суох үктээн киирэн кээлтэ
Уус тыллаах ойуулаан эппэтэх
Улаан ньуурдаах ураты кэрэтэ —
Сарсыарда салгын, сиик-силбик сыттаах
Санаабар эрэ көрөр сахам кыыһа!..
Сандаарбахтыы оонньоон ылбыта
Сырдыыр уоттаах, санаалардаах
Хараҥа сардаҥа кыламаннардаах
Хап-хара xapaҕa, харсар хааһа…
Кыыймыт арыы, силии курдук дьэҥкир
Кыыл таба, сэлии чиргэл муостарыттан
Аалан, кыһан чочулаабыт тэҥэ
Уйула суох уран сибэкки уоһа
Аалай сарыаллыы аһыллан, —
Оҕуруо таас кэчигирэс тииһэ
Уонна тугу эрэ эппэт кистэлэҥэ,
Икки атахтаах кэрэ, эппэт имэҥэ,
Умайа, мүчүйэ сырдаабыта!..
Уруккуттан билэр киһитинии:
– Эмиэ суорҕаҥҥын аспыккын, – диэбитэ
Ичигэс, сымнаҕас илиитэ биллэн,
Этим сааһын аһан, сабан биэртэ.
Оо, уонна кубалыы устан, тута,
Оргууй аҕай тахсан баарта! —
Ыыс-араҕас сыгынньах атаҕын,
Санныгар, самыытын байаатыгар
Субуруйа сүүрүгүрэн түһэр
Соһуллар хойуу суһуох хара баттаҕын,
Килбик иэдэһин сырдатан,
Күлүм гыммыт көмүс ытарҕатын,
Хараҕым кырыытынан эрэ
Халты көрөн хаалтым, кэмчиэрэ.
Кэрэҕэ урут итинник иҥсэрэн,
Кэнниттэн сайыһа хаалбыттааҕыам?!
Уум быыһынан үлүгүнэйэ сытан,
Үөл-дьүөл үрүҥ түүн дьайҕарыыта
Ити мин кими көрөн аһардым? —
Астыбыт халлаанныы сырдаатым…
Эмтиир бырааһым ыыппыта дуу? —
Эйигин миэхэ – билэн кэл диэн…
Түүлүм диэхпин – илэ курдуга,
Аанньалым диэхпин, киһи курдугуҥ…
Оо, аны биирдэ миэхэ кэлиэҥ дуо? —
Оттон-мастан, сибэккиттэн долгуйар,
Үтүөрэн, эр бэрдэ дэтэр күннэрбэр…
Олоххо, тиллиигэ, дьолго угуйан,
Чыпчылыйыы түгэнэ көстөн ааһан,
Тыыннаабыт мадоннам, Сахам кыыһа?!
1972