Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 8

ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
БИҺИГИ – ДЬОЛ-ЭЙЭ ДЬОНОБУТ

Оглавление

Үөлээннээх үтүөкэн ыччаттар,

Ытыктаах маанылаах ыалдьыттар,

Бу улуу Туймаада киинигэр

Мутукча көҕөрөр кэмигэр —

Уруйдаах ырыаны ыллааммыт,

Уйгулаах ыһыаҕы ыстыбыт,

Кылыйа оонньооммут, тустаммыт

Кыахпытын көрүнэн ыллыбыт.

Толору чороонноох кымыспыт

Дьон-сэргэ утаҕын ханнарда.

Дорҕоонноох тойукпут, ырыабыт

Дьолбутун хоһуйан чугдаарда.

Ол ырыа күүрээннээх үлэбит

Инники кэскилин кэпсээтэ,

Куйаарга көтүппүт үйэбит

Күн курдук сырдыгын да эттэ.

Ырыабыт бар-дьону ыҥырда

Эйэлээх, доҕордуу буоларга;

Күн сирин бүтүннүү сандаардан

Коммуна олоҕун тутарга.

Ырыабыт ыҥырда ыччаты, —

Ыарахан, хараҥа буомнары

Хайыта-тоҕута солуурга,

Килбиэннээх сырдыгы ыһарга.

Үөлээннээх үтүөкэн ыччаттар,

Ытыктаах-маанылаах ыалдьыттар,

Көрүлээн-сынньанан бүттүбүт,

Күүспүтүн-сыалбытын түмнүбүт.

Күүттүлэр, күн көтөн да аастар,

Көмүстээх, алмаастаах тайҕалар,

Ача күөх үүнүүлээх алаастар,

Сылгылаах, ынахтаах сыһыылар.

Күүттүлэр хотугу куйаардар,

Кумаардаах, табалаах чыыстайдар,

Күүттүлэр күүрээннээх өрүстэр, —

Көрдүөхпүт, булуохпут үгүстэр!..

Биһиги – дьол-эйэ дьонобут,

Бигэтик эрэнэн хонобут:

Сырдыгы, кэрэни айыахпыт,

Сыл аайы баай ыһыах ыһыахпыт!


Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3

Подняться наверх