Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 19
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
КУЙУУР
ОглавлениеКөлүйэ күөл халыҥ муустарын
Күрдүргэччи көйө аллараҥҥын,
Көлөһүн-балаһын аллаҥҥын,
Түһэрдэр түгэҕин булларбат,
Туох да уутун сэбэ тургуйбат,
Таҥнары күөрэйэн тахса турар,
Дириҥ далай ойбонун тэһэҕин,
Дьэ бултуом аҕай дэнэҕин…
Чэччилээн-чэччилээн аллараҥҥын,
Түгэҕин эмискэ түөрэ олуйаҥҥын,
Төрүт буордаах уутун кытары
Кыһыл хааннаах лаапчааннааҕы —
Көмүс хатырык салыҥнааҕы
Кылбаһыта үөһээ өрүкүтэҕин,
Кыл сүүргүн үҥкүүлэтэҕин…
Маҥнайгы уоҕуҥ дьэ хараан,
Махтана, астына быһыытыйан,
Маҥкыҥ маһыгар бэргэнник
Түөрэйгин түргэнник кэтэрдэҥҥин,
Тилэххинэн күүскэ тирэнэҥҥин,
Дьэ эттиин-хаанныын иэнигийэн,
Дьэ эргитэн-эллэһэн бараҕын…
Төһө да балыгы хотордоргун, —
Төрүт баҕаҥ ханыа эрэ суоҕа;
Тымтайгын төһө да толордоргун, —
Тыаҕа тахсыах санааҥ кэлиэ суоҕа!..
Оо, үчүгэй даҕаны буоллаҕа
Ыкса сааскы ичигэс ылааҕа
Өссө элбэҕи түөрэ баһаары,
Атын ойбону аллараары, —
Өссө элбэҕи өрө тэптэрээри, —
Өлүмнэһэ эрэ сылдьарыҥ!..
1972