Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 21
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
«Мин маҥнай харахпын аһарбар…»
ОглавлениеМин маҥнай харахпын аһарбар
Буурҕа тыал ахпыта, часкыйа, —
Балыыһам түннүгүн анныгар
Баай Хатыҥ турара, наскыйа.
Ол күнтэн элбэх да хонуктар
Элэҥнээн киэһэрэн аастылар:
Хонуктар игирэ курдуктар,
Күнтэн күн атына суох устар.
Арай эн, Хатыҥым барахсан,
Итии хаар таҥаскын уһуллуҥ.
Лабаалар хаарынан бырахсан,
Күн уота көмнөххөр уулунна.
Күөх солко бытырыыс былааккын
Санныгар иилинэ бырахтыҥ,
Ыһыахха бараары баҕарбыт
Эдэр кыыс кэриэтэ таҥынныҥ.
Миигинниин бэрт дэҥҥэ мунчаарар,
Таһыттан, ыраахтан талбаарар,
Эрэнэр, эрэммэт Хатыҥым! —
Эт эрэ, эт эрэ, хайдаҕый? —
Мин хаһан атахпар турабын,
Мин хаһан таһырдьа тахсабын;
Ыһыахха, бар дьоҥҥо барыахпын
Айыыта-харата хаччаный?..
1972