Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 2

ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
«Ыт иччитэ бултуйдаҕына …»

Оглавление

Ыт иччитэ бултуйдаҕына —

Үөрэн эккэлиир,

Өрүтэ ыстаҥалыыр,

Оонньуур илин атаҕынан.

Мин эмиэ оннукпун,

Туспа дьон үөрүүтүнэн,

Туспа дьон кыайыытынан

Дьоҕус бэйэм топпун.

Ол курдук күн-дьыл ааһар,

Аҕыйаан иһэр

Айбытым биэрбит

Аҕыйах сааһа…

Бэйэм үөрүүбүнэн

Бэйи бу хаһан үөрэбин?

Туох эмэ томооннооҕу оҥорон,

Туспа да дьону үөрдэбин?

Чэ, ол туох буолуой, —

Дьон үөрүүтүгэр кыттыһар

Ол бэйэтэ туспа кэрэлээх,

Эккэлиир эрэ диэбэтэллэр…


1971

Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3

Подняться наверх