Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 14
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
«Ахтылҕаммын дьэгдьитэ…»
ОглавлениеАхтылҕаммын дьэгдьитэ,
Оторох уйан санааларым
Өрүстэри быһа көтөн,
Ойуур мастарын быыһынан
Үөр чыычаах кэриэтэ,
Оскуолабар тиийэн түһэллэр.
Кырачаан оҕо саастарбыттан
Кыһыл көмүс үөрүүнү
Кынаттарын быыстарыгар
Кыбытынан бараннар
Туллук тобурах үөрүнүү
Төттөрү көтөн кэлэллэр!..
1972