Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 9
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУБУТ
ОглавлениеТөрөөбүт дойдубут биһиэнэ —
Төрүт өбүгэлэрбит саҕаттан
Тэнийбит тэлгэһэбит тэҥэ,
Үөскээбит уйабыт кэриэтэ,
Иитиллибит иэримэ дьиэбит!
Ол көмүс уйабыт биһиэнэ —
Ортотугар аал уот оһохтордоох,
Ат эккирэтэр айдам хостордоох,
Күн көрбүтүнэн тахсар, киирэр
Килэдийбит үрдүк түннүктэрдээх.
Toҕyc турбут туруу уолаттардаах,
Аҕыс аанньал курдук кыргыттардаах,
Күн бүтэйигэр туран уот оттор
Айыы санаалаах аҕалаахпыт,
Иэйэхсит тэҥэ ийэлээхпит.
Ыалдьыт сылдьар, хоноһо хонор
Айан аартыгын ыалларабыт:
Ааспыты аһатан атаарар,
Быстыбыты салҕаан, күүһээн ыытар
Былыргы ытык үгэстээхпит.
Ача күөх ньуурдаах алааспытыгар
Илиибит күүһүнэн оттоон-мастаан,
Иитэр сүөһүнү күрүөлээбиппит,
Төбөбүт, сүрэхпит билгэтинэн
Төрүүр оҕону төлкөлөөбүппүт.
Бу тыйыс дойдубут тымныытын,
Буурҕатын кытта хатыһаммыт,
Итиини эрдэлэтэ сатыыбыт, —
Киһи кыаҕа, санаата барҕа
Көмүстээҕэр, алмаастааҕар!..
Аттаахтан кымньыытын ылбаппыт,
Сатыыттан тайаҕын суйдаабаппыт.
Атаҕастаммыт аймахтарбыт
Сордорун солбонутар туһугар
Сорунан туран охсуһабыт.
Өксүөннээх тымныы күннэргэ
Үрдүк, тойон өһүөбүт баһынан
Үргүөр эрэ түһэн үргүйбэтин,
Алын хара муостабыт аннынан
Аргыар эрэ тахсан аргыйбатын!..
Төрөөбүт дойдубут биһиэнэ —
Төрүт өбүгэлэрбит саҕаттан
Тэнийбит тэлгэһэбит тэҥэ,
Үөскээбит уйабыт кэриэтэ,
Иитиллибит иэримэ дьиэбит!
1972