Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 16
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
ХАЙЫЫБЫН?
Оглавление– Биһиги өйдүүрбүт курдук өйдөн,
Биһиги саныырбыт курдук санаалан!
Баҕар, киһи буолуоҥ! – диэбиккит,
«Бэлэспэр силлээбиккит».
Барытын ылыммытым,
Быһа хаампатаҕым
Эһиги үс күлүккүтүн,
Үөрэ көөртүм эһиги үрдүккүтүн.
– Сатаан таҥын, сатаан тото аһаа,
Силлиэ-буурҕа түстэҕинэ,
Сиргэ быстарыахпыт суоҕа,
Сэтиилэнэн иһиэхпит! – диэбиккит.
Барытын ылыммытым, махтаммытым,
Батыһан эрэ испитим.
Арай сатаан аһаабат,
Урданар буола уойбат эбит этим.
– Биһиги ыллыырбыт курдук ыллаа,
Бу дойду адьырҕа кыылларын,
Үрүҥ көмүс кынаттаах көтөрдөрүн
Үргүтэр сатаммат! – диэбиккит.
Үтүктэ сатаабытым, үтүктэ сатаабытым.
Адьас сатаабатаҕым. Сатаабат эбит этим
Эһиги уу сүүрүгэ уран кылыһаххытын,
Эһиги оту-маһы хамсаппат ырыаҕытын.
Хайыһан көрдөххүтүнэ аны миэхэ
Хараххыт хатыыланар буолан барда…
Хайыыбын? Хардыыгытын ситиэ суохпун ээ.
Хайыыбын? Хайыыбын? Хаалабын дуо?
1972