Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 3

ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
ӨСКӨ БАРАР БЫАТЫГАР

Оглавление

Мин бүгүн

Биир бэркэ билэр атаспыттан

Айахха киирбиччэ ыйыттым:

(Онтубун бэйэм да билбэккэ,

Өйдөөбөккө хааллым):

– Бу эн норуокка, бар дьоҥҥо

Туох айыылааҕы оҥороҥҥун, —

Бачча дөбөҥнүк байдыҥ-тайдыҥ? —

Кииһи кэттиҥ, саһылга састыҥ,

Хотуттан-соҕурууттан

«Гарнитур-мебель» тастыҥ,

Массыынаҕын, даачаҕын,

Малгын-салгын хаҥатаҕын…

Мин бүгүн

Биир бэркэ билэр атаспыттан,

Бэйэм да өйдөөбөккө,

Дьиибэтик тэһи астаран,

Итинник холустук ыйыттым.

Оо, өскө барар быатыгар

Эмиэ айыыны оҥоһуннум,

Эмиэ алҕаһы саҥардым.

«Мээнэ, аһаҕас айахтааххын,

Бэйи, тылгыттан ыйыахтара!..» – диэн,

Ийэм эрэйдээх былыр

Итини билэн, бадаҕа,

Эппит эбит буоллаҕа…


1972

Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3

Подняться наверх