Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 7

ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
КУОБАХ ҮТҮЛҮК
(Поэма)

Оглавление

1
САЛЛААТ

Мы не от старости умрем,

от старых ран умрем.


С. Гудзенко

Якутскай куоратым

Тохсунньу ыйын

Туманыгар чачайа,

Санаабар ыксаан,

Саппай уопсан

Салларыйан истэхпинэ,

Суханов завхоз

Санныга охсон ааста.

Санныга охсон ааста,

Санаабын аста, —

Куруутун уһулбатах

Куобах үтүлүгүнэн…

«Һатана уола»,

«Һуой», бу тугу биттэнэн,

Суһуку хараҥаҕа

Санаата көннөҕөй,

Иһигэр туох киирэн,

Имнэнэн аастаҕай?..

Киһибит аны, өстүбэһи,

Кыратык пиибэ иһэн,

«Кыыла туран», «үөһэ тэстэн»,

Көнньүөрэн иһэр

Киэһэтэ эбитээ?..

Эн кинини этэҥҥэ,

Иэйэ сылдьарын

Бу муҥур үйэҕэр

Бэрт дэҥҥэ көрсүөҕүҥ.

Бу тыын бурҕачыйар

Туман буурҕатыгар

Туох айылаах буолан,

Дууһата ирэн,

Дорообо биэрэн

Дьоллоото буолла!

Суханов диэн

«Сордоох киһи» буоллаҕа.

Ким этиэй

Кинини дьэ:

«Сытар ынаҕы туруорбат

Сымнаҕас киһи!» – диэн.

Тэрилтэтин дьиэтин

Төһө да тоҥорботор,

Батарея үлтү барарын,

Төһө да кини бастаан

Билэ-көрө охсон,

Быыһаатар, боһойдор, —

Чэ, ханныгын да иһин, —

«Суханов диэн

Сордоох киһи!..»

Тыллааҕы кытта

Тыытыһар кыдьыктаах,

Сымыйаччыны кытта

Сыҕайсар адьынаттаах,

Содуом турдаҕына —

Сонун уолуга аһыллан,

Сорох ардыгар

Сутуругунан да

Сотуһан кээстэҕинэ

Соччо соһуччута,

Сонуна суох буолуоҕун тэҥэ.

Атаһым эрэйдээх

Авторитетын онон,

Аҕа дойду сэриититтэн

Аҕалбытын арыт умнан,

Адьырыһа эрэ сылдьан,

Адьас сүтэрэ сыһар.

Тунеядеһы кытта

Туорайдаспыт дуорааныттан

Добун холорук түһэр,

Иҥсэлээҕи кытта

Иирсибитэ иһиллэн,

Иэдээн быата быстар.

Бүрүкүрээти кытта

Бөппүрүөктэспитэ биллэн, —

Бүтүн атыыр айдаан турар.

Сорохтор (о, сорохтор!)

Суоҕар, чып кистэлинэн,

Сэмэлииллэр кинини:

– Суханов завхоз,

Сордоох да киһи! —

Сатаабат эбит дуол,

Сутуруга суох сотуһар

Судургу дьыаланы,

Уолуктаһыыта суох,

«Уу чуумпутук»

Охсуһар ньыманы:

Үрдүкү сууттарга

Үҥсүү тэрийиэн,

Абарар санаатын

Анонимка бооччойуон!..

Оо! – ханныгын да,

Хайдаҕын да иһин, —

Суханов завхоз

Сордоох киһи,

Суостаах киһи

Буоллаҕа эбээт…

Уонна дуо? —

Ол кинини

Атах-бытах дьон

Сыаналыыра баар! —

Разведчик буолан,

Сэриигэ сылдьан,

Зояҕа —

Зоя Космодемьянскаяҕа —

Куруук араарбат

Куобах үтүлүгүн

Күөх от өҥнөөх

Кырачаан, баайыы

Чараас үтүлүккэ

Таах атастаһан,

Тоҕо эрэ ол оннук

Нохтолооҕо долгуйан,

Мичээрдээбит кыыска

Бэлэхтээн турар…

…Суһал сорудаҕы толорон,

Сол хараҥа, хаар түүн

Москва оҕолорун —

Бойобуой партизаннары —

Фронт уот быһыттарын

Бэркэ сэрэнэн,

Бэркэ сирдээн

Уҥуор туоратан,

Өстөөх тыылыгар

Утаарсыбыта баар!

Кэргэнигэр, оҕотугар,

Кимиэхэ да

Кэпсээбэт ол кистэлин;

Сэриини санаттахха

Сиэҕэ титириир,

Дьэбин уоһуйар,

Дьэргэлгэн оонньуур!..

Хата, ол ону алҕас

Маннааҕы историк

Байыаннай архивка

Бара сылдьан

«Булан» кэлбит,

Кистэлбит сыыһын

Хаһыатынан хаһыытаппыт,

Кинигэнэн кэпсэппит…

«Суханов диэн —

Сордоох киһи!» – диэтэҕиҥ.

Кылааннаах түүлээҕи

Кыдьымахтыы уһаарбыт:

Кырынааһынан, солоҥдонон,

Кырсанан, саһылынан,

Саарбанан, бэдэринэн

Союзка биллибит

Тииҥньит, эсэһит

Туйгун булчут этэ ээ…

Кырдьар сааһыгар,

Өлөр үйэтигэр

Куоракка киирэн,

Хоһулайда ини оттон…

Итии иһин эрийсэр

Эр бэрдин холугар,

Сылаас иһин сыралаһар

Саха киһи санныгар

Онно даҕаны —

Ойуурга-тайҕаҕа —

«Охсуһуу хонуута»,

Олох оонньуута

Баар аҕай этэ,

Баай ахан курдуга…


2
ИТИИ ТУҺУНАН

Истиэҥ дуо, ааҕааччы,

Эйиэхэ таарыччы

Сарыы тастаах,

Сахалыы оһуордаах

Кылааннаах түүлээх

Куобах үтүлүк

Үөскээбит төрдүн

Үөтэн көрүөхпүн.

Үөскээбит биир тылтан,

Эппиэтэ биир тылтан:

– Тымныыттан…

– Тымныыттан…

– Тымныыттан…

Тымныы үөскэтэр,

Чахчыта,

Итиини,

Итиини

Итиэннэ

Ичигэс иэйиини!

Итиини тымныы

Үөскэтэр-үөдүтэр!..

«Итиитэ киллэр», – диирэ

Ийэм эмээхсин

Таһыттан киирбити,

Тоҥон кэлбити,

Ыалдьыты, хоноһону,

Улаханы, оҕону…

Кыстык угун саҕа

Кыстык балаҕаныгар

Уһун күнү быһа

Оргуйара чаанньыга…

Этэ үөрэммитинэн,

«Итиитэ киллэр», – диирэ,

«Тамаххын илит», – диирэ

Ыксаабатах да ыалдьытыгар,

Быстарбатах да быралгыга —

Бэл, сайын, ыам ыйын,

Бэс ыйын, от ыйын…

Уот куйааһыгар, —

Араскылаах алааһыгар,

Сардаҥалаах сайылыгар…

Харахтара сырдыыра,

Көхсүлэрэ кэҥиирэ

Ымыйалаах ымдааныгар,

Көөнньөрүүлээх кымыһыгар…

«Кукаакы сыамсах,

Саха ыалдьытымсах»,

Ол – үгэһэ дииллэр:

Төлөбүр эрэйэр

Төрүт сатаммат!

Ол эрээри,

Этиим мин биири:

Итиини манна

Тымныы үөскэтэр.

Абата баар диибин:

Арыт тымныыны

Итии үөскэтэр!

Угуту – кураан,

Курааны – угут!

Дьэ ол тугуй?

Хайата ордугуй?

Дьол уонна сор

Наһаа да чугастар:

Күлүк курдук

Батысыһа сылдьаллар…


3
БУЛТ ТУһУНАН

…Кылааннаах түүлээх

Куобах үтүлүк

Көмнөхтөөх күһүн,

Кыраһа сарсыарда

Лыҥкынас дьыбарга,

Таас уоттаах сарыалга

Миигиттэн үргэн

Быыраттан испитэ, —

Тыа, толоон саҕанан,

Чараҥы быыһынан…

…Туһахха түбэһэн,

Тэптиргэ эстэн, —

Тэйтэс гыммыта,

Туртайан турбута…

Күн уоттаах кырыа хаар

Лабааттан сууллан,

Титирик маһым

Дьигиһис гыммыта…

Хайыамый туһаҕы?

Хайыамый куобаҕы? —

Аһына-аһына

Араарар буоллаҕым…

…Кылааннаах түүлээх

Куобах үтүлүк

Кыыдааннаах кыһын

Куруҥ тыа кэтэҕэр,

Кур отум тэллэҕэр

Тимир хапкааҥҥа

Түбэһэ үктээн,

Түүрүллэ тоҥон

Сытарын буламмын, —

Сыакайдыыр буоларым!..

…Кылааннаах түүлээх

Куобах үтүлүк

Киирээрэй диэхтээн,

Кыһыҥҥы киэһэҕэ

Көмүлүөк сырдыгар

Аҕам оҕонньор

Кураахтаах саалыы

Курдары тэбэр

Киил мас бэрдэ

Айатын кирсин

Эрийэр, кирсэр,

Инчэҕэй тирииттэн

Элийэр-тэлэр…

Ырба тимирин

Ыһыылаан, хататтаан,

Уһааран, хатаран,

Ыстаал кыстыгар

Ыга таптайар

Ыаһахтаах этэ!..

…Кылааннаах түүлээх

Куобах үтүлүк,

Куобах бэргэһэ,

Кэтинчэ, суорҕан…

Киирээрэй диэхтээн,

Киникэй киһи —

Суордуун хатыһар

Сорсуннаах булчут —

Сыа от тохтубут

Сыһыы кэриитигэр,

Суол киириитигэр,

Орох суол субуйбут

Ойуур-тыа сиһигэр,

Сыбар, маар иһигэр

Лабааны сэриилээн,

Талаҕы мэҥиэлээн,

Сохсо охсор,

сохсо охсор,

Санаалаах этэ!..


4
ААЛ УОТ ИННИГЭР

Биһиги бары да хоодуот,

Хоччорхой дьон этибит,

Ону сарыы оҥортообут

Олох – модун имииһит.


Семен Данилов

Көмүлүөк оһох

Күлүмүрдүүр сырдыгар,

Хараҥа, сырдык

Хабыалаһа сырсар,

Хапсыһан ыпсар

Хаҥас чанчыгар

Куобах тириитин

Ийэм эмээхсин

Сыгынньах ньилбэгэр,

Сылаас тобугар

Имитэ олорор,

Иэҕиллэ олорор…

Арыы уутунан,

Аһыы тарынан,

Эмэх маһынан,

Уу хааһынан

Хаппыт тириитин

Кини илитэр.

Кини илиитэ

Ип-итиитэ!..

Талкы кулукута,

Таас суоруна

Таҥас, тимир,

Талах киинэ —

Дьэ ол киниэнэ!..

Тарбах илиитэ:

Эрийэр, эриллэр,

Эллиир, имитэр…

Ытыһа?! Ытыһа —

Ып-ырааһа!

Ырааһын ааһан,

Сып-сылааһа!..

Аттыгар олордор

Уолун – миигин,

Өрдөөҥҥү үйэтээҕи

Имии имитэр

Үрдүк үөрэҕэр

Үөрэтэр, уһуйар.

«Чарааһыа сүрэҕиҥ» —

Талаҕынан куһуйар.

Хаппыт тыһы,

Халыҥы, чарааһы,

Өҥнөөҕү, өҥө суоҕу,

Түнэни, уллуҥу,

Торбоһу, кулуну,

Сарыыны, саарыны

Сатаан имитии —

Сындааһын иҥиирдии

Сыыйылла эллэнии…

Сиикэй тирииттэн

Субаны кыһыйыы,

Хаанын ыытыы,

Хаптатыы, тэнитии,

Хатарыы, тоҥоруу,

Ириэрии, илитии

Үрдүк үөрэҕэр

Үөрэтэр, үөрэтэр

Уолун миигин, —

Иэн иҥиирин…

Ийэм илиитэ

Ип-итиитэ,

Чэрдийэрэ тириитэ.

Итиэннэ дьиктитэ —

Имэрийэ көрөрүттэн

Итэҕэһэ суох сылааһа!

Оо, аптаах этэ,

Эмтээх этэ ытыһа!..


* * *

Ийэм эмээхсин

Имии имитэ,

Имитэ олорор,

Иэҕиллэ олорор

Аал уотун иннигэр…

Ардыгар ытыыр,

Ардыгар ыллыыр…

Онтон устунан

Утуктуур, тоҥхоҥнуур,

Тобугар нуктуур,

Түүл түһүүр…

Көрдөҕүнэ алааһа —

Көмүс алаһа…

Күп-күөх, күөх от-мас…

Кыһын кэлбитин,

Хаар түспүтүн иһин —

Сып-сылаас,

Ып-ыраас,

Киһи-сүөһү кыймалас…

Уолаттара сэрииттэн

Ордон кэлбиттэр!!!

Кыыс кэрэ кийииттэр,

Кып-кыра сиэттэр!..

Үтүө дьон,

Үөрүү, дьол,

Үлэ, ыһыах…

Адьаһын сүппүт

Дьаҥ-дьаһах,

Тумуу-сөтөл…

Итиэннэ эргиччи

Итии күн, сырдык күн…

Эстибит эбит

Элбэх идэлээх түөкүн.

Оҕо-уруу,

Эрдэ туруу,

Устар уйгу,

Олох туйгун!

Итиэннэ эргиччи

Имии имитиитэ,

Ийэ сүрэҕин

Илгэлээх итиитэ:

Хоччорхой хотторбут,

Кытаанах кыайтарбыт,

Сыалаах сыбыраабыт,

Тартаччы хаппыт

Таҥастыйбыт…

Иһиллибэт, хам барбыт

Аан дойду сэриитэ,

Ол дьиксиниитэ,

Эргиччи, эргитэн,

Ил-эйэ кэпсэтиитэ,

Өй, илии үлэтэ…

Эргиччи ол итиитэ,

Аал уот итиитэ!


5
ЗОЯ

Ыстыык төбөтүн курдук сытыы,

Ыстыык тимирин курдук тоҥ

Ыччакалаах тымныыга

Өйдүүн-санаалыын ыраас, —

Ийэттэн эрэ түспүтүнэн,

Ис эрэ ырбаахынан,

Сыгынньах таһырдьа тахсаргар,

Сыа хаарга үктэнэргэр,

Албан аакка

Атах сыгынньах хардыылыыргар

Санаабытыҥ дуо,

Нуучча кыыһа,

Москва кыыһа

Зоя,

Куобах үтүлүк сылааһын?..

Санаабытыҥ дуо —

Саха эмээхсинин

Эйиэхэ ыыппыт итиитин,

Ийэм илиитин

Ичигэс сылааһын?

Тымныы полюһун

Тыынныыр сылааһын?..

Санаабытыҥ дуо,

Саха саллаатын?..

Оо, ол, —

Итии, тымныы сиһиктэһэр,

Хараҥа, сырдык хабыалаһар

Туманнаах түүн

Олус да элбэҕи,

Ырааҕы көрбүтүҥ,

Эргитэ санаабытыҥ…

Утарар этиҥ,

утарар этиҥ!

Санаабытыҥ ТЫМНЫЫГА —

ИТИИНИ эрэ!

Саныыр этиҥ

Өлүүгэ – ӨЛБӨТ ҮЙЭНИ!

Саныыр этиҥ

Хотторууга – кэлэр КЫАЙЫЫНЫ!

Өстөөххө

Кубарыйа тымныйбытыҥ

Өһөгөйдөөх өһүөн,

Уодаһыннаах охсуһуу

Охсор тоҥ болото буолан!

Ийэ буоргар, бар дьоҥҥор

Иэйэ мичээрдээбитиҥ

Эдэр кыыс,

Итии күн сыдьаайа буолан!..

– Саҥар!!! – диэтэхтэринэ

Саҥарбат этиҥ ээ —

Оо, бэрдиэн!..

– Саҥарыма!!! – диэн

Моонньугар муомахтыыр

Быа бырахпыттарыгар —

Саҥардыҥ да этэ

Саталаах саҥаны —

Саргылаах санааны…

Сатана бииһин ууһа

Салҕалыар диэри!..

Саргыта самнан

Садаҕаланыар диэри!

Сиэхситтэр дууһаларын,

Сытыган да дьардьамаларын

Сириэдийэ чэлгийэр

Сир ийэ туппатаҕа,

Халлаан таҥара харайбатаҕа…

Арай

Умайа турар

Уот кудулу байҕал

Уһаарара буолуоҕа…

Оттон, Эн, Зоя! —

Тымныыттан тиритэн,

Утатан, суоһан,

Онно саҥаран

Сатарыппытыҥ,

Уот салгыны

Сатарпытыҥ

Ой дуораана буолан,

Икки атах сэриилэһэр,

Атааннаһар сиригэр

Билиҥҥэ диэри,

Бүгүҥҥэ диэри

Бүтэйдии эҥсэр,

эҥсэр,

эҥсэр…


6
«МИЛИЦИЯ КЫЫС»

Красивые – всегда смелы.


М. Горький

Умнубаппын уһук,

Кыараҕас, уһун

Райкомол хоһун.

Биэрбиттэрэ биһиэхэ

Комсомол билиэтин.

Онно секретарь

Ытарча ытыһыгар

Ыга туппута илиибитин.

Уонна эркинтэн,

Остуол үрдүттэн,

Миэхэ аан бастаан

Биллэ-биллибэттик

Мичээрдээбитэ,

Билгэлии көрбүтэ

Зоя,

Чуп-чугастан, —

Зоя мэтириэтэ!..

Маарыннааҕа хараҕа

Мадоннаҕа, Джокондаҕа.

Умнубаппын

Эр киһилии

Кылгас баттаҕын,

Ырбаахытын саҕатын

Ини-биилии —

Эдьиийдии-сурустуу

(Сашаны саныыбын,

Эмиэ сэрии геройун!)

Икки сибэкки

Илбиргэс быатын…

Ол мэтириэти

Уруһуйдаабыт этэ

Ол саас

Оройуон түрмэтин

Бэрт эдэр үлэһитэ —

«Милиция кыыс».

«Эр киһилии таҥнар, —

Өйүнэн ыалдьар»…

Ситинник кэпсэтэллэрэ

Сир сииһит эмээхситтэрэ.

Ол кыыһы мин,

Умнан баран, кэлин, —

Утары көрсүбүтүм,

Умнубаттык өйдөөбүтүм:

Бэриэт бэргэһэлээх,

Лэппиэһин баттахтаах,

Саһархай гимнастеркалаах,

Синньигэс биилигэр

Халыҥ тирии курдаах,

Кобуралаах-наганнаах,

Шевро саппыкылаах,

Чараас сарыннаах

Дьарамай кыысчаан,

Саймаарыччы дайбаан,

Сайгыччы хааман,

Кыҥначчы туттан

Кэлэн ааспыта.

Көрбүтэ – миигиттэн

Килбигийэ, симиттэ…

Сырдык санаалаах

Санньыар харахтаах

Саха кыыһа эрээри

Тугунан эрэ,

Тугунан эрэ,

Чугас да этэ

Зояҕа бэйэтигэр.

Бадаҕа, маарынныыра,

Майгынныыра баара…

Кыбыста-кыбыста

Кыатаммакка,

Кэннибин хайыһан,

Көрөн хаалтым

Кинини —

Кэрэни…

Ол кыыһы

Ол кыһын

Өлөрбүттэр этэ

Хаайыылаахтар,

Күрээрилэр, куотаарылар

Уонна

Куобах үтүлүгүн

халаарылар…

Хабарҕатын хам тутан,

Эмиэ муомахтаан…

Эмиэ хараҥа түүн…

Кыыллыйбыт дьон,

Кыһалҕа, муҥ-таҥ…

Бу аан дойдуга

Баалларын тухары, —

Данко сүрэҕин

Чаҕылын таптыахпыт!

Бэйэ-бэйэҕитигэр маарыннаһар

Быыкаайык кыысчааннар,

Биһиги биир сүтүкпүт —

Эһиги! Эһиги баар…

Өйдүөхпүт, өрүүтүн өйдүөхпүт!..

Хара дьайтан быыһыаҕа

Куобах үтүлүкпүт!..


7
КУОБАХ ҮТҮЛҮК

Куруук уһулбат

Куобах үтүлүгүнэн

Суханов завхоз

Санныбар охсон,

Санаабын аста,

Саргылаан ааста.

Куобах үтүлүк

Күндүтүн өйдөөтүм,

Күҥҥэ көстүбүт

Көдьүүһүн сөхтүм!

Хотугу полюска,

Харсыһар мууска,

Муораҕа, буурҕаҕа

Тимирэ сыспыт

Челюскинецтарга

Тиийбит;

Кыдьымаҕа халҕаһа

Кыһыҥҥы Халымаҕа

Айанньыт ааттаахтарын,

Үөрэхтээх үтүөлэрин

Черскэйдэри

Тыыннаабыт;

Алмааһы, көмүһү,

Айылҕа баайын…

Арыйар, арҕарар

Аныгы геологтары

Абыраабыт, ириэрбит;

Алааска, окуопаҕа —

Атырдьах маһыгар,

Автомат чыыбыһыгар

Илиини итиппит

Куобах үтүлүк

Күндүтүн өйдөөтүм,

Доҕордоһуу дьолуттан

Долгуйда кутум!

Куобах бэргэһэ,

Таба тыһа куруму,

Быыһык саҕынньах

Сылааһын биллэрэн,

Сорсуннаах булчуттар —

Аҕам, эһэм оҕонньоттор

Айаларын, сохсолорун

Элбэрээктэрин эһэн;

Имииһит бэртэрэ

Ийэм, эбэм эмээхситтэр

Илиилэрин, сүрэхтэрин

Итиилэрин этэн —

Суханов завхоз

Санныга охсон —

Аттыбынан ааста,

Арбаҕаспын аста…

Тымныыны кытта

Тыаһа-ууһа суох

Туруулаһыам диэн,

Тилэхпиттэн тэтимирэн,

Тимэхтэрбин төлөрүттэн,

Чигди хаара күрдьүллэн,

Тирэхтэммит асфальга

Тиэтэйбэккэ хаамтым

Тэрилтэбиттэн дьиэбэр —

Ленин проспегынан!..


1972

Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3

Подняться наверх