Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 12
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
МЮНХЕН
ОглавлениеМюнхены мин билэр этим
(Билэр этим сэрии тиэмэтин)
Били абааһы мунньаҕынан,
Бии отут аҕыс сыллааҕынан…
«Үчүгэйдэринэн» айаҕаланар
Үс анаҕастаах адьырҕалар
Субу куоракка болдьосуһан,
Сүбэ мунньах оҥоортор, саһан…
Оччугуй омугу, кыра дьону
Эһэр туһугар иллэспиттэр.
«Ол инниттэн аан дойдуну
Уокка уматар сөп» дэспиттэр.
Мюнхеҥҥа түстэммитэ үһү
Майданек, төннүү, сүлүһүн…
Мин биллим быйыл Мюнхены
Букатын даҕаны атыннык:
Алааһым кыыһа Анегина
Ыллаата уон омук тылынан;
Оройуонум отох уола Роман,
Онно тиийэн тустан, бастаан, —
Аан дойду күүстээх бухатыыра,
Олимп хайа бэрдэ аатырда.
Үрдүк, намыһах арааса
Үөскээбит эбит, арааһа…
«Киһи, дьон төрдө биир» диэннэр
Хой баһын холбоон эппэтэхтэр.
Мэлдьи куһаҕаннык Мюнхены
Мин да саныа суохпун аны.
1972