Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 17
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
КҮҺҮҤҤҮ БҮЛҮҮБЭР
ОглавлениеҮөскэр күннүүн үҥкүүлүүр
Үрүҥ көмүс Бүтэй Бүлүүм,
Оччоон-синньээн сытаргыттан
Уу таҕыста харахпыттан…
Өлбөт мэҥэ уу быйаҥҥын,
Эдэр кыыстыы эккин-хааҥҥын —
Улуу өрүс куолаҕа
Оборон ылбыт буоллаҕа…
Ол эрэн бөҕөх турабын,
Уһуну-киэҥи саныыбын:
Эһиил кэлиэ ыһыах сааһа,
Угут уута, көмүөл мууһа…
Икки кытыл сыҥаһаттан
Илиигинэн эн тардыстыаҥ,
Эдэргинии, түөскүн астан,
Эппэлдьийэ, мөхсө сытыаҥ…
Быттыккыттан-хонноххуттан
Быйаҥ уута өрө анньыа,
Намылыйар таһааҕыттан
Тайҕа тыабыт, сыһыы хамныа…
Оттон бүгүн бөтүөхтүүгүн,
Үрүҥ көмүс Бүтэй Бүлүүм!
Уолан-оччоон сытаргыттан
Уу таҕыста харахпыттан!..
1972