Читать книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - - Страница 4
ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)
ТҮҮН
(Хараҥаттан киһи саҥата)
Оглавление«…Ханнык эрэ бэрэпиэссэр,
Ханнык эрэ этэ-сэлээр
Ханна эрэ мунньахтааннар, —
Хоһооннорбун, ырыаларбын
Кутаалаах уот тылларынан
Хоруотаабыттар үһү диэҥҥин, —
Утуйбат буола уолуһуйдуҥ,
Аһаабат буола аһааҕырдыҥ…
Өйдөөҕү да акаарыны,
Үчүгэйи да куһаҕаны —
Барыбытын манньытаары
Муҥу көрөр буоллаххына,
Суруйааччы да аатырарыҥ
Солуута суохтуҥу буолаарай?
Хорооҥҥо ууну киллэрбэт,
Күөлгэ күнү күллэрбэт,
Самыыртан, силбиктэн, хаартан,
Сылаастан, тымныыттан атын:
Хара хапсыыр буоллаххына —
Халлааҥҥа хардаҕастаныма.
Эн, хата, миигин иһит аны —
Уот курдук орто ааҕааччыны:
Алааска от оҕустарар,
Ыстаныакка тимир кыстарар,
Ырыаны, үлэни, иэйиини
Аргыс оҥостор киһини!»
1972