Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 11

I. Булчут үөрэҕэ
Мончуугу хайдах үтэр ордугуй

Оглавление

Мончуугу сөпкө үтүү – бултуйуу биир сүрүн төрүөтэ. Сөпкө үтүллүбүт мончуукка кус супту кэлэн түһэр.

Оттон сыыһа үттэххэ, кус ууга түспэккэ эрэйдэнэр уонна бүтэһигэр чиэски сиргэ түһэн, уһун түүҥҥэ олорон кустары бэйэтигэр тарда олоруон сөп. Кустаргыттан көрө маттаҕыҥ ити. Ол иһин, эдэр кусчут, мончууктары үтүү албастарын эрдэттэн үөрэтэриҥ ордук.

Бастакытынан, кыра, тимэх ууга30 олорордуу тэриммит буоллаххына, уугар элбэх мончуук мэһэйи эрэ үөскэтиэҕэ. Маннык ууга элбээбитэ алта мончуугу олортуохха сөп. Кыра ууга моонньоҕон мончуугуттан сорох кустар куттаналлар. Ол иһин чыркымай, тыйаах, көҕөн, халба мончууктарын уурар табыгастаах.

Иккиһинэн, икки өттүнэн сэһээккэҥ аннын, ол аата куһу түһэрэн ытыахтаах сиргин, мончуугунан бүөлэтиэ суохтааххын.

Үсүһүнэн, дэлэй уулаах сиргэ күөлгэ олорор кусчут мончууга куһу тартарарга элбэҕэ ордук. Сэһээккэ иннигэр кустар түһэр үс-түөрт площадкаларын таһааран, мончууктаргын биэрэктэн үөс диэки субурутан үтүллэр. Оттон мончууга аҕыйах кусчут сэһээккэ иннигэр биир сиргэ арҕам-тарҕам ыһан олордоро ордук.

Төрдүһүнэн, ырбыыга олорор кусчут мончууктарын сэһээккэни икки өттүнэн бөлөхтүү ыһан баран, сэһээккэ анныгар хоруол мончуугу31 олортоҕуна, ырбыыны бата көтөн кэлбит кустар супту ол ыксатыгар кэлэн түһүөхтэрэ. Кынат мончууктары32 кус түһэригэр кыараҕас гына үттэххинэ, кустар аһара көтөн бараллар эбэтэр мончууктартан тэйэн, саа ылбат сиригэр түһэллэр.

30

Тимэх уу – сүрүн ууттан арахсан турар көлүччэтиҥи эбэтэр ходуһа хотоолугар тахсыбыт уу.

31

Хоруол мончуук – сэһээккэ иннигэр олордуллар соҕотох мончуук.

32

Кынат мончууктар – сэһээккэни икки өттүнэн үтүллэр мончууктар.

Баай барыылаах Байанайдан

Подняться наверх