Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 15
I. Булчут үөрэҕэ
Илимниир кэм уонна албастар
ОглавлениеСаха киһитэ муус ырбыылаата да илимнээбитинэн барар үгэстээх. Бастакы илим соботун быгыы собото диэн ааттыыллар. Кыстаан, ыран, дьүдьэйэн тахсыбыт собо төһө да амтана мөлтөһүөр буоллар, харарҕаабыт киһи бастакы быгыы собону үөрэ-көтө сиэн ахтылҕанын таһаарар.
Оттон күөллэр муустарыттан босхолоннохторуна, соболор хонуу уутугар истэринэн сына сылдьан ыыллар. Бэс күөлүн собото икки төгүллээн ыыр. Соболор ыамнаан искэхтэрин сылаас ууга ыһан ыарыыланаллар, онон күөллэр чүөмпэлэригэр сөҥөллөр. Ол кэми «дьуоҕарбыт» дииллэр. Собо дьуоҕаран турар кэмигэр илимньит илимин күөл дириҥэр үтэрэ ордук.
От ыйын ортотуттан саҕалаан собо күөл дьаратыгар тахсан, харса суох аһыыр кэмэ саҕаланар. Итинник сайыҥҥы сылаас үрүҥ түүннэргэ маарылыахха, унньуктуохха сөп. Собо кытыылаан аһыыр кэмигэр күөллэр атахтарыгар, саппыйаларыгар илими улахан уу өттүн быһыттыы үтэн, кытыыттан саҕалаан, тыынан төттөрү-таары устан собону үүрэр ньыма – маарылааһын диэн ааттанар. Оттон маарылыан баҕарбат киһи унньуктуур. Ол эбэтэр сайын оройугар илими биэрэги бата кытыылыы үтэн биир-икки чаас кэриҥинэн илими эһэн ылаҕын. Итини унньуктааһын дэнэр.
Сайыммыт сөрүүкүтүйэн күһүнүгэр баран истэҕин ахсын, собо чүөмпэтиттэн тахсан үөрдээн эргийэ устара элбиир. Онон аны тоһуур ньыматынан илими үтүллэр. Ол аата күөллэргэ собо кытыылаан үөрүнэн устара саҕаланнаҕына, илими кытыыттан үөскэ туора үтэн таһааран балыктааһын.
Ити кэмҥэ мутукча көмнөҕө кытарар. Собо кытарбыт ойуур күлүгүттэн куттанан, күнүһүн уу үөһүн былдьаһар, оттон түүнүн үөрүнэн күөлү кытыылыы эргийэр.
Собо баччаларга саамай тупсубут кэмэ. Өлө элбиир, миинэ хоргуннанар. Онон күөллэр тоҥуохтара биэс-алта хонук хаалбытын кэннэ үлүмнэһэн содуоктааһын саҕалананар. Ол аата собону илимтэн арааран, тыыннаахтыы иһиккэ хаайааһын. Содуокка собону хатырыгын алдьаппакка, хааннырдыбакка арааран угуллар. Содуокка сап илим эбэтэр сахалыы өрүллүбүт хоппуруон илим табыгастаахтар. Кытай илимэ собону олус муомахтыыр буолан, собо олус бааһыран ырар-дьүдьэйэр, устунан өлөр.
Күөллэр турдахтарына, муус киһини уйдаҕына, муус аннынан илимнээһин саҕаланар. Итини хомолооһун диибит.
Илимньит, ити курдук илимнээһин араас албастарын туһанан, сылы эргитэ ууттан балык арааһын таһааран, сандалыгын байытыаххын сөп.