Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 17

I. Булчут үөрэҕэ
Хайа күөл собото ордугуй

Оглавление

Күөл арааһа элбэх: бэс күөлэ, хара мас күөлэ, алаас күөлэ, тэҥкэ күөлэ, тукулаан күөлэ, о.д.а.

Бэс күөлэ. Аата да этэрин курдук, бэс чагда, маардар, тарыҥнар тардыыларыгар баар кытыытыттан кумах биэрэктээх, үөһүгэр чайдаах, сапропеллаах, бэс сымалатынан угуттаммыт, киһи илиитигэр сыстаҥнас уулаах күөл. Бэс күөл собото атын күөллэртэн уратыта – бөдөҥ, эттээх уонна сиһин уҥуоҕа кытаанах буолар.

Хара мастаах күөл. Алаастыҥы, оттонор ходуһалаах, тулата тиит тыалаах, куталаах, күөлүн анна былыыктаах, муохтаах, собо эриллэр араас оттоох күөл. Маннык күөл собото бэс күөлүнээҕэр көрүҥүнэн кыра, ол эрээри амтанынан, миинэ барарынан, өлө хойуутунан улахан уратылаах.

Алаас күөлэ. Бүлүүһэ ортотугар сытар курдук дьоҕус күөл. Ойуурун саҕата үрдүк таалалардаах. Ардах-хаар уута алаас ортотугар сытар күөлгэ сиҥэрэн киирэрин быһыытынан ходуһатыгар үүнэр ото олус иҥэмтэлээх буолар. Ол да иһин буолуо, собото, быччыыката, мундута, күөнэҕэ олус минньигэһинэн, этэ сымнаҕаһынан уратылаах.

Тэҥкэ күөлэ. Өрүстэр, үрэхтэр тардыыларыгар үөскүүр уута сааһын аайы сайҕана турар уулаах күөл. Тэҥкэ күөлэ өрүһү, үрэҕи кытта сибээстээх буолан, уутугар өрүс балыктаах буолар. Үрэх сүнньүн санатар курдук биэрэгиттэн эмпэрэ сүнньүлээх. Собото өрүс балыктарын кытта алтыһар буолан, лэппиэскэ курдук бөдөҥ. Тэҥкэ күөл олус тыаһырҕас, сыыдам соболордоох.

Тукулаан күөлэ. Бэс тыаҕа сыҕарыйа сылдьар кумахтаах, тукулааннаардаах сир тулааһыннарынан үөскүүр күөл. Тукулаан күөлүгэр өрүс балыгын бары көрүҥүн көрсүөххэ сөп. Маннык күөлгэ быраҥаатта сөбүлээн үөскүүр. Собото бэс күөлүн соботуттан этэ сымнаҕас уонна миинэ барымтыатынан ураты минньигэс амтаннаах.

Баай барыылаах Байанайдан

Подняться наверх