Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 6
I. Булчут үөрэҕэ
Андылааһын
ОглавлениеСааскы кустааһынтан элбэх түбүгү эрэйэр иккис тэрээһиннээх түгэн анды кэлиитигэр көстөр.
Анды 15 биһиги сирбитин олох кылгас кэм иһигэр быһыта көтөн ааһар. Биһиэхэ анды икки көрүҥэ кэлэр. Чуус анды – кунна хохуоралаах, кытархай атахтардаах, хара дьүһүннээх, орто ыйааһына 4-5 киилэ. Андылар үөрүнэн көтөллөр. Сорох үөр сүүскэ тиийэр халыҥ үөрдээх буолуон сөп. Ол эрэн биһиги эҥээр муҥутаабыта сүүрбэҕэ-отуччаҕа тиийэр үөрдээхтэр эрэ таарыйаллар. Анды этэҕэлээх16, хара уулаах күөлгэ түһэрин ордорор.
Андылыыр кэмҥэ кураанах кус уйаланар, сымыыттыыр кэмэ саҕаланар, онон кураанах кус мончуугун хомуйуллар. Ол оннугар үөл кус уонна анды мончууктарын хойуутук үтүллэр. Анды сорох дьыл тумуһахтарга тохтуур, сорох дьыл булуҥнаан атах ууларга түһэр. Андыны маныыр дурда17 икки-үс киһи холкутук батан олорорун курдук кэҥэс буолуохтаах.
Анды кэмигэр ыам кумаара18 түһэр. Ыам кумаара сааскы күн сырайарыттан сылыйбыт инчэҕэй сирдэртэн көймөстөн, кыынньан тахсар дыыгынас саҥалаах, кынаттаах, кыра, хара дьүһүннээх кумаар. Кумаар бу көрүҥэ бастаан илэ бодотун ылыар диэри уу үрдүнэн, инчэҕэй сирдэргэ эйэҥэлии хамсыыр. Салгын сылыйан истэҕин ахсын ити үөннэр салгыҥҥа өрө көптөр көбөн, остуолба курдук кыынньа турар буолаллар. Онтон анды саҕана бырдах боһуомун ыланнар, иннэлээх, дыыгынас саҥалаах, кутталлаах, суостаах харамай буола дьүһүн кубулуйаллар.
Бу кэмҥэ күөллэр кытыыларынан уу анныттан күөх от бытыгырыы анньан тахсар. Бу кэмҥэ сорох кураанах кустар, биирдиилээн атыыр умсаахтар амахтыыллар19. Ол аата атыыр кустар уу анныттан саҥа быган тахсыбыт күөх от төбөтүн ылгаан сиэн, сэниэ ылар быыһык кэмнэрэ үүнэр. Тыһыларыттан арахсаллар.
Андылааһын – элбэх үлэни эрэйэр булт биир көрүҥэ. Мин санаабар, сааскы кустан саамай сылаалаахтара уонна түбүктээхтэрэ. Бу кэмҥэ бырдах20 үөн ордук тиллэр кэмэ буолан, кустуурга олус эрэйдээх. Ол иһин бырдаҕы-көймөһү аахсыбакка андыны манаһаҥҥын бултуугун. Бултуйуу – Байанай хайдах биэрэриттэн тутулуктаах. Андыһыттар биирдэ кэлэн түһэр түгэни мүлчү тутумаарылар солбуйсан маныыр былыргы албастара күн бүгүнүгэр диэри тутуһуллар. Онуоха андыһыттар араас албаһы тутталлара. Холобур, күөл ортотугар түспүт үөргэ тыынан киирэннэр кэйээриҥнииллэр21. Андыга биир суруллубатах, ол эрэн өрүү кытаанахтык тутуһуллар сокуон – күөлгэ киирэн эргийэ сылдьар андыны ууга түһүөр диэри ыппат буолуу. Үөр анды сөбүлээбит мончуугар, дурдатыгар түстэҕинэ, сэһээккэлээхтэр бастакынан ыталлар.
15
Анды – турпан (нуучч.) Муора куһа.
16
Этэҕэ – бормыш (нуучч.) Таракаан курдук күөхтүҥү өҥнөөх уу үөнэ.
17
Дурда – булчут куска олорор хаххата.
18
Ыам кумаара – собо ыамын кэмигэр кыынньан тахсар бырдах бииһэ.
19
Амахтаабыт кус – тыһытыттан арахсыбыт атыыр кус.
20
Бырдах – киһи, сүөһү хаанын уулуур дыыгынас саҥалаах кынаттаах үөн.
21
Кэйээриҥнээһин – күөлү кыйа устан, тыалга оҕустаран, андылар кэннилэриттэн батыһан кустары үүрэн ытыы албаһа.