Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 3
I. Булчут үөрэҕэ
Хомурах куһа 7
ОглавлениеКусчут бастакы сааскы булдун хомурах (хаар) куһуттан саҕалыыр.
Хомурах куһа – алаастарга, сыһыыларга, от үрэхтэргэ хаар уута сиҥэрэн8 турдаҕына кэлэр бастакы кус. Хомурах куһун кэмигэр бастакынан көҕөн, аҕыйах үөрдээх моонньоҕон кустар быгаллар. Устунан моонньоҕон, тыйаах халыҥ үөрдэрэ тоҕо түһэн, икки-үс күн иһигэр хоту ааһаллар.
Баччаларга ойуур өссө хаардаах буолар. Онон сир уораана тахса илик буолан, хомурах куска төһө кыалларынан ичигэстик таҥнар ордук. Хомурах куһа көтөр кэмэ кылгас. Ол курдук, киэһэ халлаан хараҥарыыта саа сыала көстөр-көстүбэт, үөл-дьүөл буолан турдаҕына эбэтэр сарсыардааҥҥы халлаан суһуктуйуута көтөр. Саас бастакы кэлэр кус олус мончуугумсах буолар. Кыра да ууга мончуук уурдахха түһэр. Ол эрээри элбэх мончуугу9 үтэр наадата суох. Тоҥмот уулаах сири буллаххына, тоҥоргун тулуйаҥҥын олордоххуна табыллар. Түүн үс-түөрт чаас кэннэ хомурах куһа көтүүтэ эмискэ хойдор. Ыттарбытынан мончууккар түһүөн сөп. Ол курдук, харах да саҕа сарсыардааҥҥы сиикэй уу киниэхэ олус наадалаах буолар.
Хаар быһыта сиэбит сирдэриттэн тахсар кытархайдыҥы дьүһүннээх улахан иннэлээх кумаары – хомурах кумаара10 дииллэр. Сороҕор ити кумаары – бэс кумаара диибит. Хомурах куһа кэлиитинэн тахсар бастакы кумаар ыам кумаарынааҕар куттала, суоһа суох.
8
Сиҥэ – муус үрдүнэн халыйбыт хаар былаастаах уу.
9
Мончуук – тыыннаах куһу үтүгүннэрэн оҥоһуллубут кус күлүгэ.
10
Хомурах кумаара – кытархайдыҥы дьүһүннээх, дыыгынас саҥалаах бөдөҥ кумаар.