Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 8
I. Булчут үөрэҕэ
Быыралааһын
ОглавлениеАрҕаалаабыт күн тыа саҕатыгар налыйан эрэр кэмигэр уу үрдэ сиэркилэ ньуурунуу дьэҥкэрэ көҕөрүмтүйэ иһийэр чуумпута түһэр. Итинник кэмҥэ андыны умуһуннара сылдьан, ытан ылаллар. Анды тыылаах киһиттэн куотан, умсаахтаан, тыына бүтэн уу үрдүгэр көбөн таҕыстаҕына, быыраһыт куһу ытан ылар. Маннык кэмҥэ уу үрдүгэр анды умса сылдьара, уу анныгар тыынарыттан тахсар хабахтар бычыгырыыллара ыраахтан чуолкайдык көстөр буолар. Бу албаһы «быыралааһын» диэн ааттыыллар. Биир саас Миитэрэй оҕонньор биһиэхэ ити албаһы көрдөрөн турар.
Анды үгэннээн турар кэмэ этэ. Миитэрэй: «Уолаттарбар өбүгэлэргит хайдах быыралыылларын билигин көрдөрүөм, көрөн үөрэниҥ», – диэт, тыытын тэллигэр мадьаччы үктэммитинэн үөскэ эрдиммитэ. Биһиги сэһээккэбититтэн быыраһыты одууласпыппыт. Бу кэмҥэ күөл ортотугар бөлүөҕэ сылдьар андылар тыылаах киһини көрөннөр арҕам-тарҕам ыһыллыбыттара. Быыраһыт ууну икки өттүнэн талалаан андыларга чугаһаан иһэн «һуу» диэн үөгүлээбитэ уонна тыытын ойоҕоһун эрдиитинэн «тас» гына охсубута. Андылар үтүктүспүт курдук, уу иһигэр умсан унньулус гыммыттара. Өр-өтөр буолбатаҕа, биир анды тыылаах киһи чугаһынан уу үрдүгэр көбөн эрдэҕинэ, Миитэрэй модьугу куобаҕы куттуурун курдук иккиһин «һуу» диэн үөгүлээбитэ уонна эмиэ эрдиитинэн охсубута. Анды уу иһигэр эмиэ унньулус гына умсубута. Итинник андыны хаста да умуһуннарбыта. Сотору кэминэн анды уу үрдүгэр көппөйөн тахсан кэлбитэ. Тыын ылан хохуоралаах баһа босхо барбыта. Миитэрэй эрдиитин тыытыгар туора уурбута уонна тыын ылан хардыргыы олорор андыны быһа ытан ылбыта. Итинник ньыманан Миитэрэй түүҥҥү хойобул андылары барыларын аахтара биирдиитэ ытыалаан хомуйбута.
Кэлин Миитэрэй албаһын туһанан хойобул кустарбын умуһуннаран быыралыыры баһылаабытым.
Сорсу куһа 23
Былыргы өбүгэлэрбит кус кэлиэҕиттэн кус барыар диэри араас кэмҥэ арааран айахтарыгар бултууллара. Олору бу курдук ааттыыллара.
Анды кэмигэр кураанах кустар тыһыларыттан арахсаллар. Тыһы кус сымыытын ахсаанын ситэриннэҕинэ, атыыра тыһытыттан арахсар уонна атыыр кустары булсан, үөрдүһэр кэмин сорсу диэн ааттыыллар.
Сорсуга күөллэр тумуһахтарыгар, арыыларга, күөллэр биэрэктэрин бата атыыр кураанах кустар мончууктарын тарҕаччы уурдахха, атыыр кустар ыраахтан саҥарбытынан, боотурҕаабытынан тайааран кэлэн түһэллэр. Сороҕор үөрдүспүт атыыр кустар саҥа-иҥэ буоланнар субуруспутунан биэрэктэн тэйэ олорор буолаллар.
Сара 24
Сорсулаабыт, ол аата үөрдүспүт атыыр кустар, күүс-сэниэ ыла мусталлар, онтон тыатын саҕатыттан халыҥ куталаах, угуттаабыт күөллэргэ сааскы түүлэрин үргэнэн аны сараллар. Сара – сиикэй кынаттаах бэйэ кус. Сарбыт куһу ытынан бултуур ордук хотоойу. Кус этэ сара кэмигэр ордук минньийэр.
Көччөх 25
Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото. Ылдьыын таҥара, ол аата атырдьах ыйын иккис күнүттэн күһүҥҥү кустааһын саҕаланар кэмигэр бултууллар.
Нэмэнэ
Нэмэнэ – систэн киирэр күһүҥҥү айан куһа.
23
Сорсу куһа – сайын тыһыларыттан арахсан, үөрдээн сылдьар атыыр кус.
24
Сара – сайын түүлээн, көппөт буолан биир сиргэ сылдьар кустар.
25
Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото.