Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 13
I. Булчут үөрэҕэ
Тыыга сүрэхтэнии
ОглавлениеБэһис кылааска үөрэнэр күһүммэр аҕабын кытта «Чачаҥда» пиэрмэтин учаастагар киинэ көрдөрө кэллибит. Сопхуостар уларсыкка Саахардаах диэн хара эриэн көлүүр оҕуһун биэрбиттэрэ. Мин ол оҕуһу миинэн иһэн ууга тыынан уста сылдьар кыыһы көрөн соһуйдум.
Кыысчаан күөлтэн тахсарын кэтэһэн тыы тардарга киирэн олордум. Хараҕым күөлтэн арахпат. Син көһүппүтүм кэннэ күн уотуттан уонна сайыҥҥы салгынтан тэтэрэ буспут иэдэстэрдээх, кылабачыгас бөдөҥ тиистэрдээх тыылаах кыысчааным эрдэр-эрдибэт устан кэллэ. Болҕойон көрбүтүм, бииргэ үөрэнэр кыыһым Марыыҥка эбит. Тыытын иһигэр соболор мөхсөллөр.
– Марыыҥка, илими сатаан көрөр эбиккин дуу? – диэн күүппэтэхпин көрөн соһуйабын.
– Көрбөккөбүн. Киинэ көрдөрө кэллигит дуо? – Марыыҥка мин соһуйбуппар кумаардаан да көрбөккө, утары ыйыталаспытынан тыытыттан тахсыбыта. Ити итинэн хаалбыта.
Бу көрсүһүү кэнниттэн «тыыны эрдэргэ үөрэппэккин, оннооҕор бииргэ үөрэнэр кыыһым илими көрөр эбит. Мин буоллаҕына тыыны эрдэри да сатаабаппын» диэммин аҕабын үүйэ-хаайа тутан мээрилиир буолбутум.
Биирдэ күнүскү омурҕан кэнниттэн күөлбүт атаҕар баран от охсор буоллубут. Хотуурдарбытын ылан уу баһар ыллыкпытынан күөлбүт диэки хаамтыбыт. Мин тыынан барар буоллубут диэн испэр үөрэ иһэбин, аҕабын кэнниттэн батыһабын. Аҕам тыы тардарга кэлэн умса быраҕыллыбыт кырааската суох мас тыыны олордьу уурда уонна ньамах ууга тыыны үтүрүйэн киллэрдэ. Төннөн таҕыста. Сатала суох модьу уктаах эрдиини ылан илиибэр туттарда уонна «уҥуор тиийээр» диэн баран хотуурдары холбуу тутан сүктэ да, хадьымал устун дайбана турда.
Мин эмискэччитэ бэрдиттэн кулахачыҥныы түстүм. Аҕам соһуччу соругуттан соһуйдум даҕаны, куттанным даҕаны. Ол эрэн тыынан устар баҕам кэтэмэҕэйдиирбин баһыйан, «миэхэ киирэн олор, уһуннубут» диир курдук ньамаҕынан бүрүллүбүт уу үрдүгэр дагдайан турар тыыны толлубуттуу одууласпахтаат, турар сирбэр «лах» гына олоро түстүм да, атаҕым таҥаһын уонна наскыбын устуталыы оҕустум. Быллаҥныы сытар бадарааннаах, никсик сыттаах кырыһы батарыта үктээбитинэн тыым иһигэр биирдэ баар буола түстүм. Эрдиибинэн анньыммыппар тыым өсөһүөх курдук гынан иһэн, эмискэччи устан күөгэс гынна.
Тыыбын икки өттүнэн түөрэҥнэтэн ууну баһа сыһан тыым олбоҕор «лах» гына олоро түстүм. Тыыбын өрө-таҥнары уһуннаран эргичиҥнэтэн эрдинэн кулупаайдаатым. Ол ахсын ньамахтары, уулары далбаатаммыппыттан сиэҕим иһинэн, хоонньубунан уу сүүрдэ. Ууну баллырҕаччы чалбааттыырбыттан түргэн үлүгэрдик ньылбы сытыйдым.
Онтон өйбүн-төйбүн булан, сыыйа-баайа тыым сүнньүн көннөрөн, кыралаан сыҕарыйдар сыҕарыйан истим. Устуохтаах сирим хоту тыыбын хайыһыннаран күөлүм уҥуоруттан долгуннура мөхсөр кулун кутуруга оттоох сири одууластым. Аҕам бэлиэр тиийэ охсон, отуостаан эрэр эбит. Хойутаары гыммыппын дии санаат, күөлбүн кытыылаан эрдибитинэн бардым. Тыым эрэһэ долгуну силэйбитинэн, күөгэҥнээбитинэн устан истэ. Туох баар күүспүн мунньунан, дьүккүччү туттан, сыыһа-халты далбаатаан харса суохпар түһэн, эрдинэн кулупаайдаан истим. Устунан илиим үөрэнэн, эрчимнээхтик эрдинэн, аҕабар ньылбы сытыйан тиийдим. Үөрүүбүттэн сүөм үрдээн, тыыбыттан ойон тахсан сонуммун кэпсии аҕабар ойбутум. Ити мин тыыга бастакы сүрэхтэниим этэ.