Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 2
I. Булчут үөрэҕэ
Булка сыһыаннаах быһаарыылаах өйдөбүллэр
ОглавлениеБиһиги, булчуттар, ураты дьоммут. Улахан бултан эргиллэн киирдэхпитинэ, халба кус курдук «суохтан» атыны билбэппит. Оттон дьиэ таһыгар бултаннахпытына, оннооҕор өлөрбүт биир чыркыйбытын хонук аайы ахсаанын элбэтэн, өҥнүүн-түүлүүн уларытан, хааска тиийэ үлүннэрэн кэпсиир ураты дьоҕурдаахпыт. Хор, дьэ, итинник дьоммут биһиги – булчуттар.
Булт да араастааҕын курдук, булчуттар байанайдаах уонна байанайа суох, сүрэхтээх уонна сүрэҕэ суох диэн арахсаллар. Ханнык баҕарар кыра да, улахан да бултуйуу уһун күннээх, сыралаах, дьаныардаах үлэ кэнниттэн биһирэмҥэ тиксэр. Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕас бэлэҕэр тиксэн бултуйаҥҥын, булка көрсүбүт ыарахаттаргын, эрэйгин-муҥҥун барытын умнан, ыаммыт үүт үрүт сыатын халбыйан ылар курдук, өйүҥ-санааҥ бултаабыт булкуттан үчүгэй эрэ өттүн илдьэ хаалаҕын. Ол иһин бултуйбут эрэ өттүгүн өрүү тумус туттан ыаһах оҥостоҕун. Оттон булка көрсүбүт ыарахаттаргын хаппахчыҥ түгэҕэр үтэйэ кистиигин.
Мин булка саҥа уһуйулла сылдьар эдэр дьоҥҥо сүбэ курдук, бу эйгэҕэ сыһыаннаах өйдөбүллэри, бултааһын ураты көрүҥнэрин, албастарын, эҥин-эгэлгэ тэрээһиннэр тустарынан кэпсииргэ холоннум.
Бастатан туран, эдэр булчут, ханнык баҕарар булт дьаныардаах үлэнэн ситиһиллэрин кытаанахтык өйдөөн тураҥҥын, булт аартыгар1 турунуох тустааххын. Бултуохтаах сиргэр киирэр холлороон, ыллык, суол саҕаланар төрдүгэр ас кээһэн эбэтэр сиэл баайан, барыахтаах сиргэр бэлиэ хаалларар эбээһинэстээххин. Бу сириҥ – бултуур аартыгыҥ буолар.
Мин маннык сиргэ үксүгэр сүүмэх сиэли мас лабаатыгар баайабын. Бу үгэһи куһаҕан тыыннар батыспатыннар, бултуур турукпун ыспатыннар, сырыыбар мэһэйдэспэтиннэр диэн өйдөбүлтэн толоробун.
Бултуур Эбэбэр2 кэллэрбин эрэ Эбэм таһаатын көрө охсоору тиэтэйэбин, кэрии саҕатыгар алаадьы, сиэл кээһэбин. Бу үгэһи тутуһуу, бастакынан, сиргэ-уокка кэлбит ахтылҕаҥҥын таһаарыы бэлиэтэ; иккиһинэн, Эбэ салгынынан сайа тыынаҥҥын, Эбэ Хотун айылгытынан биир турукка киирии; үсүһүнэн, Эбэҕэ кэлбиккин биллэрии; төрдүһүнэн, ахтан-санаан кэлбиккин биллэрэн, Эбэ Хотуҥҥа дьиэттэн илдьэ кэлбит кэһиигинэн айах тутан күндүлээһин.
Курдары тартаран кэлбит Эбэҕин көрөн-истэн бараҥҥын, чэйдэнэр уугун баһаҥҥын, үүтээҥҥэр тахсаҥҥын кулуһуҥҥар3 уонна үүтээниҥ оһоҕор буруо таһааран, уот оттон ас кээһэҕин. Ол кэннэ оллооҥҥор4 күөскүн ууран уоккун үөттүрэҕинэн5 булкуйан кутааҕын күөдьүтэ сааһылыыгын.
Мин санаабар, булчуттар үрдүк айыылары, тулалыыр иччилэри кытта айах атан кэпсэтэллэригэр уот оттоннор толорор үгэстэрэ былыргы сахтан утумнаан кэлбит сиэр-туом күн бүгүнүгэр диэри тутуһуллар диэн өйдөбүллээхпин. Бастатан туран, булчуттар Үрүҥ Аар Тойонтон үҥэн-сүктэн, ааттаһан, кини көҥүлүнэн тулалыыр иччилэриттэн, чуолаан, Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕастан, күлэн-үөрэн чаачыгырыыр Хатан Тэмиэрийэттэн, кус, балык баайдардаах Күөх Боллох оҕонньортон, этэҥҥэ сылдьарга, өлгөмнүк бултуйарга көрдөһөллөр, уокка ас кээһэллэр. Ас кээһии тылынан домноох буоллаҕына табыллар. Ол дому судургутук бу курдук этиэххэ сөп:
Алтан сарын,
Бырдьа бытык,
Хаалык төбө
Хатан Тэмиэрийэ кырдьаҕас,
Сир гына
Сирилэччи умай,
Күлүм гына
Күүгүнэччи күлүмүрдээ.
Аал уотум барахсан,
Үөр-көт, күлүм гын.
Хара тыам баайын
Ханыылаан сылдьааччы,
Үрүҥ-хара түүлээҕи
Үөрдээн үксэтээччи,
Чооҥкулаах сотолооҕу
Хомуйан холбооччу,
Көтөр бииһин
Кынат оҥостооччу,
Баай Барыылаах
Баай Байанай
Тойон эһэм,
Баһаам баайгыттан
Өлүүлээн-чаастаан,
Куду анньан кулу!
Күлүм гын!
Мичик гын!
Дом! Дом! Дом!
Бултуйарыҥ сиргин-уоккун хайдах аһаппыккыттан уонна үҥэр-сүктэр иччилэргиттэн төһө ылыннарыылаахтык өс амалыйан көрдөспүккүттэн, алгыстыыр кэмҥэр сыыһа-халты тылласпатаххыттан улахан тутулуктаах.
Өскөтүн алгыстыыр кэмҥэр киһини кэтэҕинэн киирэр гына тылластаххына эбэтэр күлэ-күлэ суолтатыгар эрэ оонньуу-күлүү курдук алгыстаатаххына, бултааһын кэмигэр ол-бу барыта, оннооҕор, бэл, дэҥ-оһол кытта тахсыан эмиэ сөп. Ол иһин булчуттар үксүгэр бэйэлэрин ортолоруттан, бас-көс эбэтэр иичээнниҥи дьарыктаах, сыһыаннаах киһиттэн уоту аһатарыгар көрдөһөллөр. Алгыска «сыыһа-халты тыллаһыам» диир дьон саҥа таһаарбаккалар алгыстыыллара сиэр иһинэн. Ардыгар оттуллубут уокка хас да киһи хос-хос аһатар түгэнэ баар буолааччы. Маны сыыһа дии саныыбын.
Биирдэ алгыстыыр кэммэр сыыһа быһыыланан турардаахпын. Ону хатылаабатыннар диэн эһиэхэ, эдэр булчуттарга, кэпсиибин. Болҕойон аах.
Устудьуоннуу сылдьан дойдубар, Күүлэккэ, сааскы куска кэллим. Бырааппынаан Уһун Сээккэ, Сахаар түөлбэтигэр, кустаатыбыт. Бу сырыыга иккиэйэхпит. Онон, аҕа киһи быһыытынан, отуум кутаатын отуннум уонна уотум иннигэр сөһүргэстээн олорон аҕабытын үтүктэммин туойдум, ас кээстим, уокка сиэл быраҕан сыт таһаардым. Бу олорон, туох тэһэ анньыбыта буолла, салгыы дьиибэ соҕустук: «Сээт Эбэ Хотунум! Кыра кыһалҕалаах орой мэник уолаттарыҥ ахтан-санаан кэлэммит, Эн киэҥ-куоҥ дуолгунан сылдьан бултаары оҥостон эрэбит. Кэһиилээн уурбут кэһиигиттэн, көмүс хатырыктааххыттан, санааҥ кыайарынан, көтөр кынаттааххыттан уонтан тахсалыы кураанах куста, түөртүү умсаахта уонна икки андыта өлүүлээн-чаастаан кулу», – диэн тылластым, үтүрү-батары соҕустук олуйсардыы субурутан кэбистим. Ити итинэн хаалла.
Үөрэҕим быыһыгар кэлбит киһи бултуур күннэрим да кылгастар, онон үлүмнэһэн кустаабытынан, илимнээбитинэн бардыбыт. Сээт үрэҕинэн сордоҥ, алыһар тахсан Эбэ хотун ньуурун күөс уута оргуйарын курдук чалымныы-чаллыргыы иһиллэр буолбута. Алыһар, сордоҥ илими ууга түһэртэрбэт дьаабыта. Сордоҥу дьуухалалыы сатаан бараммыт, куулунан тыраахтардаах кусчуттарынан дьиэбитигэр ыытан истибит. Устунан алыһар илимҥэ тутара наһаалаабытыттан саллан, илимниирбин тохтоттум. Илиммин бастааммын талахха ыйаан кэбистим.
Кус көтөрүнэн кустуубут, кэрийэбит. Син бултуйдубут. Дьиэлиир күммүт кэлэн, булпутун, төһө да биир дьиэттэн сырыттарбыт, булт сиэринэн, үллэһиннибит. Кустарбын үллэрэрбин көрө олорон быраатым: «Саатар иккилии диэбэккэҕин»,– диэн тыл ыһыгынна. Мин бастаан утаа быраатым туох диэбитин өйдөөбөтүм. Онтон үллэрбит кустарым маастарынан наардаммыттарын кэннэ аахпытым, бултуохпут иннигэр Эһэкээнтэн көрдөспүтүм курдук, арай, уон иккилии кураанах кус, түөртүү умсаах уонна икки атыырдаах тыһы анды буолан таҕыста. Дьэ, онно эрэ өйдөөтүм Эбэ Хотунтан тугу көрдөспүппүтүнэн бултуйбуппутун. Хайдах көрдөспүтүм курдук ордуга-хоһо суох өлүүлээбит, ирээттээбит этэ. Ити түгэнтэн ыла алгыс этэрбэр «баччаны аҕал, оччону бэрис» диирбин тохтоппутум. Ол саас оттомноохтук уоппун аһаппытым буоллар, хас да төгүллээн мончууктарбар элиэтээбит андылары ытарым хаалбыта. Сэһээккэбиттэн баран хаалбыт кэммэр, халлаан хараҥарар элбэх умсааҕа мончууктарбар түһэн мустубутун көтүтэн кэбиспитим. Кыһыыбыттан ыппатаҕым даҕаны. Арай онно барбаккабын сэһээккэбэр олорбутум буоллар дии саныыбын билигин.
Аны уокка бэриллэр ас туһунан. Уокка сибилигин аһыахтаах аскыттан (сиикэй буспут эт аһылыктартан ураты) бэриллэрэ ордук. Алаадьыны, арыыны, сүөгэйи, чэйи, табаҕы, кымыһы, арыгыны биэриэххэ сөп. Ону таһынан сиэли ас кээһиигэ туһаналлар. Сиргэ сылдьан элбэхтик мөккүһээччибит: Байанайтан көрдөһөргө үүтээн оһоҕор ас кээһэн көрдөһөр ордугун дуу эбэтэр тэлгэһэҕэ турар кулуһун уота ордугун дуу. Мин санаабар, иккиэн биир суолталаахтар. Ол эрээри тус бэйэбэр үүтээним оһоҕо ордук чугас курдук.
Айылҕаҕа кэлбит киһи бастаан үүтээн иһин-таһын ыраастыыр үгэстээх. Бөҕү-сыыһы уматан, ыраастаан сылдьар сананарга да астык. Хас да күннээх уокка оттор маскын кэлбит күҥҥэр бэлэмниигин, ууну-хаары мунньунаҕын. Ити үлэлэри толорор кэмҥэр үүтээн уораанын6 таһаарар үлэни толоруллар. Ол аата уһуннук оттуллубакка турбут дьиэ тымныы салгынын сылытыы. Оһоҕу куурбут маһынан тигинэччи оттон үүтээн иһин күүскэ сылытыллар. Дьиэ эркиннэрэ сылыйдахтарына эрэ уораана тахсыбытынан ааҕыллар. Бу үлэ киһи сиргэ-уокка сылдьан, сыыстарбатын хааччыйар. Онон уорааны таһаарарга болҕомтолоохтук сыһыаннаһыллыахтаах.
Сиргэ-уокка «уот ыла» кэлбэтэх буоллахха, хаһан баҕарар наллаан сылдьар ордук. Наллаан сылдьыы – айылҕа эргимтэтин хаамыытыгар сөп түбэһэр. Онон киэҥ-холку тыыҥҥынан холкутук, наллаан сылдьар киһи айылҕалыын биир тэтиминэн алтыһар кыаҕа үөскүүр. Оттон ууга-уокка түһэн сылдьыы сырыытын да курдук, саргы-сатаҕай буолар. Булт иннигэр эбэтэр кэннигэр түбэһэн өрүү кураанах да сылдьыаххын сөп. Улахан куораттар олорор тэтимнэрин ыһыктыбакка кэлбит куорат булчуттара биир-икки күн иһигэр барытын саба көтөн, өлөрө-өһөрө охсон барыахтарын баҕарааччылар. Итинник сыһыаны Ийэ айылҕа ылыммат, ылыныа да суоҕа.
Билигин сааскы кустааһын араас эгэлгэтин туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.
Сааскы кустааһын бултааһын бары көрүҥүттэн умсугутуулаахтара уонна тартарыылаахтара. Саха киһитэ кыстык хаар түспүт бастакы күнүттэн сааһы кэтэспитинэн барар үгэстээх. Саас бастакы харалдьык тахсыыта куска тэриммитинэн барар.
Сорохтор сааскы кустааһын ыал хармааныгар ночооттооҕун туһунан этэллэр. Мин итини кытта сөпсөспөппүн. Эдьиий Дора айылҕа уһуктар кэмигэр эр киһи айылҕалыын алтыһара туһалааҕын, өйө-санаата тобуллаҕас, этэ-хаана чэгиэн буолуутугар көмөлөөҕүн өрүү быһаарар.
Булт тэрээһинэ олус элбэх үбү ирдиир, онно мөккүөр суох. Ол эрээри кустааһын абылаҥар ылларбыт «сордоох» ороскуоту хаһан да аахсыбат. Кусчут былырыын сыыһа ытан ыыппыт «улахыын да улахан куһун» бултаары, кыһыны быһа кыһаллан туран тэринэн, суолугар көрсөр бары харгыстары сатабыллаахтык туораан бултуур уутугар хас саас аайы син биир эргиллэр.
1
Аартык – суол саҕаланар төрдө.
2
Эбэ – бултуур күөл харысхал аата.
3
Кулуһун – күөс күөстэнэр кутаа онно.
4
Оллоон – чэй өрүнэргэ күөһү (биэдэрэни, хочуолу) ыйыыр мас.
5
Үөттүрэх – уоту булкуйар мас.
6
Үүтээн уораана – уһун кэмҥэ тоҥон турбут үүтээн тымныйбыт (уораана) салгына.