Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 5

I. Булчут үөрэҕэ
Үөл кус кэлиитэ

Оглавление

Үөл кус 14 Саха сиригэр сайыҥҥы бастакы күнү көрсө (ыам ыйын 22 күнүгэр – Сааскы Ньукуолуҥҥа) кэлэр. Бу күнтэн саҕалаан кусчуттар кураанах кус мончуугар үөл кус мончуугун эбэн мончууктарын хойуннаран биэрэллэр. Бу кэми үгүстэр сааскы кустааһыҥҥа саҥа тыын киирэр кэмэ диэн ааттыыллар. Үөл кус кэлиитинэн сааскы салгын тыына-быара сымныыр. Халлаан сайыҥҥылыы холкутуйар. Төбөҥ үрдүнэн тыыйамнар үрдүк мэҥэ халлаан урсунунан тайаара көтөллөр. Үгүрүөлэр үөстэрин тартаран кими эрэ куттуур курдук, үөһэттэн таҥнары түһэн сурулууллар. Күөллэр кытыыларынан бараахтар үөрдэрэ эргийэ көтөр. Хохой дулҕаларга сахсас гына түһэн быыгынатар. Күөл иһэ эймэҥнэс көтөр кынаттаах араас эгэлгэ тойугунан кэрээбэккэ айманар кэрэ кэмин үөл кус кэлиитигэр бэлиэтии көрөҕүн. Ити күн сайыҥҥы бастакы ичигэс ардах түһүөн сөп.

14

Үөл кус – уу куһа. Киирэллэр: умсаах, биргинэх, орулуос, о.д.а.

Баай барыылаах Байанайдан

Подняться наверх