Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 14

I. Булчут үөрэҕэ
Илими үтэ үөрэнии кистэлэҥнэрэ

Оглавление

Тыынан устары сатаабыт киһи кэбэҕэстик илими үтэ үөрэнэр. Илими ыллыҥ да үтэн киирэн барыллыбат. Манна эмиэ туспа үөрэх наада.

Илими иилиһиннэрбэккэ үтэр инниттэн илим сааһыланыахтаах. Ол аата – бастаныахтаах. Бастаммыт илими үтэргэ чэпчэки. Саха илимин таастыганнарын уу иһигэр уган олорон, тыыгын тыалга оҕустаран түһэрэр ордук.

Күүстээх тыалга илим үтүллүбэт. Тыыгын долгун түөрэҥнэтэн уунан сабыта охсон тимирдиэн да сөп. Онон эрэһэ долгуҥҥа эбэтэр хара чуумпуга киирэн үтэр хаһан баҕарар ордук буолар.

Билигин саха илиминэн илимниир киһи суоҕун кэриэтэ. Илимньиттэр бары кэриэтэ омук араас илимнэринэн туһаналлар. Илими үтээһин да албастара улаханнык уларыйдылар. Ол эрээри илимнээһин сүрүн ньымата оннунан хаалла.

Кытай илимин саха илимин курдук түһэрдэххинэ, таастыганын сибиниэстэрэ илим хараҕар киирэн иилиһиннэрэллэр. Ол иһин кытай илимин ууга түһэрээри олорон, илим хотоҕосторун уонна таастыганнарын бобо тутан ууга уган сытытар ордук. Онтон таастыганнаах өттүн илими түһэрэр өттүнээҕи атаҕыҥ ньилбэгэр чөмөхтүү ууран, хотоҕостоох өттүгүн биир атаҕыҥ ньилбэгэр кыһарыйа тыыҥ ойоҕоһугар биллэхтии ууран баран, илим харахтаах сиэккэтин атаҕыҥ икки ардынан сахсайбытын хаптата баттыыгын. Чороох маска илим баһын баайаҕын, илими хотоҕостоох, таастыганнаах өттүттэн илиилэргинэн нэлэччи уунаҥната тардыалаан, уу үрдүгэр нэлэччи быраҕа-быраҕа, тыалга үрдэрэн эбэтэр эрдинэҥҥин барбах сыҕарыҥнаан түһэрбитинэн бараҕын. Маннык албаһынан омук илимнэрин хайдах баҕарар күҥҥэ иилиһиннэрбэккэ үтүөххэ сөп.

Илими сарсыарда эрдэ, күнүскү тыал түһэ илигинэ, үтэр, көрөр ордук. Оттон киэһэ күн арҕаалаабытын, күнүскү тыал астыбытын кэннэ көрөр да, үтэр да сынньалаҥ буолар.

Баай барыылаах Байанайдан

Подняться наверх