Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 16
I. Булчут үөрэҕэ
Сайыы
ОглавлениеБиир дьыл II Күүлэккэ сырыттахпына, анды кэлиитин саҕана кустуур күөлбүт мууһа көтөҕүллэн тахсыбыта. Сааскы тыалтан муус кырылас тыаһа кылыгырыы суугунаабыта. Ити күн олохтоохтор «сайыыны34 булан илимнэ үт» диэтилэр. Андылыахтаах күөлбүтүгэр саас ахсын тахсар сайыыны ыйдылар. Систэн киирэр сыккыс уонна хоруу сааскы муус уутун хамсатар буолан, эрдэ сайыы тахсар диэн быһаардылар.
Мин илим ылан сайыыны көрдүү бардым. Илиммин үтүөхтээх түөлбэм саппыйатыгар кэлэн көтөҕүллүбүт муус кытыытынан устабын уонна эрдиибин хороччу көтөҕөн, тоҥсуйан сайыыны көрдүүбүн. Эрдиим баһынан тоҥсуйдаҕым аайы мууска сааллан бүтэҥитик лүҥсүйэр. Сайыыны көрдүүр сирим син дириҥ, киһи турарынан. Хобордообут35 муус кытыыта долгун сынньарыттан көөрөттөн кылыгырыы тохтор. Мин төттөрү-таары устабын. Мууска ыкса сыһыннахпына, тыым муус үрдүгэр олорон хаалаары ыксатар. Ол иһин муустан тэйэ соҕус туттан сайыыбын көрдүүбүн да булбаппын. Устунан аккаастанан эрдэхпинэ, эрдиим баһа сымнаҕаска ньимис гына киирэн хаалла. «Сайыыларын буллум быһыылаах» дии санаан, чороох маспын сымнаҕас бадарааннаах сиргэ батары анньаат, тыалга оҕустарбытынан илиммин үтэн кэбистим.
Сарсыардааҥҥы кус көтүүтүн кэнниттэн, отуубар тахсаары илиммин көрдүм. Кытыы чороохтон өгдөтөн көрбүтүм, илимим ыраас сытар. Собото суох. Хайыамый, илиммин илиибэр хомуйан эспитинэн бардым. Өр-өтөр буолбакка, ол хомуйа турдахпына, илим ортотугар биир уоннаахха тутар бору-боллоҕор собо бөрөөн туппута ууттан мөхсүбүтүнэн таҕыста. Онтон устунан иккилии, онтон үстүү-түөртүү соболору тыыбар таһаарталаан бардым. Чорооҕум таһыгар ылара-биэрэрэ суох гына илиммэр собо сэбирдэх курдук хойуутук аспыт. Ити күн тыым түгэҕин өрөһөлүү сааскы быгыы собонон толорон отуубар тахсыбытым.
34
Сайыы – саас күөл кытыытынан тэстэн, ирэн ойбон курдук дьөллөрүйбүт сир.
35
Хобор (хобур) – сиҥэ уута аллара түһэн көтөҕүллүбүт халтаҥ муус.