Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 12

I. Булчут үөрэҕэ
Сымаһыттар

Оглавление

Бүлүү дьонун «сымаһыттар»33 дииллэр. Итинник этии оруннаах. Оҥойор айахтарын ииттинээри, ууну булкуйан балыктааһынынан идэтийэн кэлбит өбүгэлэрбитин улуу добдурга сахтарыгар, кэрээнэ суох кыргар кырыыстаах кыргыс үйэлэр кэмнэригэр «уу үөнэ сыма аһылыктаах мас сахалар» диэн сэнээн ааттаабыттарыттан иҥэн хаалбыт.

Ол эрээри билигин ити өйдөбүл уларыйан, балыктыыр албастары ымпыктаан-чымпыктаан баһылаабыт, мындыр, хоһуун балыксыты «сымаһыт» дииллэр. Онон булчут сымаһыт курдук илимниири эмиэ сатыахтаах. Мантан салгыы эйиэхэ, эдэр кусчукка, туһалаарай диэн тыыны хайдах эрдинэ үөрэммиппин, илими үтүү албастарын туһунан суруйабын.

33

Сыма – былыр күһүн мундуну буһаран баран, сири хаһан эбэтэр уһаакка симэн салгын киирбэт гына сабан хаһааныллыбыта.

Баай барыылаах Байанайдан

Подняться наверх