Читать книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев - Страница 18

I. Булчут үөрэҕэ
Уйбаан «тройной ухата»

Оглавление

Биирдэ Уйбаан Силипиэнтэп: «Дьэ, нохолоор, мин «тройной ухаттан» атын миини испэт буола сылдьабын», – диэн хонтуораҕа мустубут дьон ортотугар собо миинин хайдах буһардахха ордук минньийэрин туһунан улахан кэпсэтиини таһааран турар.

Биһигини кырдьаҕастарбыт собо миинин оргуйбутуттан ааҕаннар чаас уон биэс мүнүүтэ буһарарга үөрэппиттэрэ. Биир чаас устата оргуйбут собо миинэ минньийэр, онтон уон биэс мүнүүтэ салгыы оргуйдаҕына, собо миинин астыйар диэн быһаараллара. Бу кэм устата собо үрдэ үрүмэлэнэ, миинэ үрүҥ буола хойдо буһар. Оттон собо бэйэтэ уулла буһан, өлө, искэҕэ, сиһин этэ сииргэ минньигэс амтаннанар. Миинин истэххэ, түөһүҥ иһинэн сайа охсон киирэн, эккинэн бүтүннүү тарҕанан, уҥуохтаргын, эккин-сииҥҥин сымнатан, сытан, сынньанан ылыаххын баҕарталаан кэлэҕин. Собо киһиэхэ ити курдук түргэнник эккэр-хааҥҥар дьайа охсор күүстээх.

Оттон Уйбаан «тройной ухата» диэн биир мииҥҥэ үс төгүл собону уган буһарбыттара ааттанар. Ол аата күөскэ кутуллубут ууга бастакы биэс-алта собону халыкыната түһээт, хоторуллар, онтон ол ууга иккиһин соччо собону хос уган чаас аҥаара буһарыллар уонна эмиэ хоторуллар. Онтон үсүһүн итиччэ собону саҥаттан күөскэ угуллар уонна чаас уон биэс мүнүүтэ оргутуллар. Маннык ньыманан буспут собо миинэ киһи сүһүөҕүн көрбүтүнэн түһэр хойуу, амтаннаах буолар.

Баай барыылаах Байанайдан

Подняться наверх