Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 10

Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
Алыһардаах Аана
Удаҕаҥҥа уһуйуллуута

Оглавление

Аана олох кыһалҕатын билбэтэх буолан, дьон хараҕар быраҕыллар кыыс буола улааппыта. Аҕата эрдэ өлбүтэ. Кыыс 11 сааһын туолуута дьону кытта аһаспат, киһини кытта кэпсэппэт, кыраттан да киҥнэнэр, доҕордоспот, бэйэтин көрүммэт, сууммат-тарааммат буолбута. Дьүһүнэ-бодото, майгыта куһаҕан өттүгэр уларыйбыта (А.Е. Пахомова). Бэйэтэ биллибэт ыарыынан ыалдьан ийэтин улаханнык куттаабыта. Уһуйтараары Өөккөөччөөн ойуунтан көрдөспүттэригэр: «Ити мин кыайан уһуйбат удаҕаным буолар аналлаах, кини 23 мутугунан үрдүк олорор. Санааҕытыгар Басхырдаан эбэтэр Маҥаас кырдьаҕастарыттан көрдөһүҥ, баҕар, ол дьон кыайан уһуйуохтара буолуо», – диэбит. Ийэтэ Евдокия чугас аймаҕыттан, кинээһиттэн Никифор Николаевтан кыыһын эмтииригэр көмө көрдөөбүтэ. Тулаайах хаалбыт ыалга кинээс элбэх көмөнү оҥорон абыраабыта. Лүүчүҥҥэ олорор аймахтара Хаарпа ойуун үс түүннээх күн кыыран баран: «Үөһэттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Аллараа дойдуга суох, онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыаҕа. Билигин да суолу билэрэ буоллар, иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билигин Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ дойдуга Иэйэхсиккэ, Айыыһыкка, Күрүө Дьөһөгөйгө, Ала Мылахсыҥҥа барыларыгар тиийэр алгыстаныа. Кэлин аата-суола аан дойдуга тарҕаныа, суон сураҕа иһиллиэ», – диэн баран, Хаарпа Аана төбөтүгэр силлии-силлии имэрийбитэ. Аана Хаарпа ойуун алгыһын үүт-маас түһэрэн иһэрэ. Хаарпа алҕаан-домноон баран: «Оҕом, Аана, дьиҥнээх оҕо бэйэҕиттэн кэлэр тускута суох буолаахтыыра буолуо диэн көрүүлэнним», – диэн эппит (В.А. Кондаков).

Никифор кинээс Хаарпа «атаҕын соболоҥун» үчүгэйдик төлөөбүт. Сотору Аана үтүөрэн, дьонун үөрдүбүт. Ыҥырыыларга сылдьан дьону, сүөһүнү эмтээн, аата киэҥник тарҕаммыт. Кыыс олус кэрэ дьүһүннээх буолан, ыраахтан-чугастан, кэргэн кэпсэтэр дьон үксээбит. Кыыс кимиэхэ да сөбүлэҥин биэрбэтэх. «Үчүгэйдик олорор ыал уолугар кэргэн тахсыбаккын» диэн ийэтиттэн мөҕүллэр буолбут. Анна Дмитриевна ийэтин кытта кыыһырсан баран, быраата Николай көмөтүнэн Бэстээх күөл соҕуруу өттүгэр Хайыҥда кытыытыгар дьиэ туттан, онно олохсуйбут.

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх