Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 6
Үс Бүлүүгэ ойууннааһын историятыттан
Айыы ойууна
ОглавлениеСаха сиринээҕи Тыл, литература уонна история института 1993 с. «Ойууннар уонна ойуун сиэрин-туомун туһунан кэпсээннэр» диэн хомуурунньугу бэлэмнээн таһаарбыта. 1938 с. 56 саастаах И.А. Суздаловтан-Сапалаайтан А.А. Саввин икки олоҥхо ис хоһоонун, ыһыах сиэрдэрин-туомнарын, итэҕэл туһунан сэһэннэри, алгыстары суруйбут. Аны 1945 с. Г.М. Васильев И.А. Суздаловка Айыы ойууна айыллыытын туһунан сэһэни кэпсэттэрбит. Онтон биир суруйууну А.Л. Новгородова бэчээккэ бэлэмнээбитин киллэрбиттэр (ССНК А. Ф.5, Оп.3. Д.480. Лл.20–24). Онтон быһа тутан биэрэбит:
«Таҥаһа. Айыы ойууна кыырар таҥаһа күрүҥ кулун саҥыйах буолар, түүтэ тас өттүн диэки гына тигиллибит. Ол ону осуобай тиктэрэллэрин билбэппин. Дьахтар биэстирэйдээх кулун саҥыйаҕа буолар. Көхсүгэр хара кулун сарбынньахтаах, оноото, эҥээрэ хара кулун бууктаах. Бу саҥынньах бииллээх, оноолоох буолар. Көхсүгэр тигэллэр ойуун тэһиинин, ол тэһиинэ чабыргах1 атах быатынан оҥоһуллар. Тэһиинэ түмүк төрдүгэр уонна төбөтүгэр баар буолар, биирдии хоболоох эбэтэр чуорааннаах буолар. Үксэ хобо буолар. Айыы ойууна таҥаһа тимирэ суох буолар. Үөһээ Үрүҥ Айыылар таҥастарын үтүктэн, таҥнар таҥаспын атыҥырыахтара атыны таҥыннахпына диэн, кинилэргэ үчүгэйдик көстөөрү айыы аймаҕын таҥаһын таҥнар, айыы алгыһын алгыыр. Ол айыы таҥаһын таҥнан тиийдэҕинэ, кырдьык, айыы аймаҕын киһитэ, бэйэбит оҕобут кэллэҕэ диэн сөбүлүү көрөллөр.
Бэргэһэтэ элэмэс эбэтэр маҥан кулун тириитэ буолар. Ол бэргэһэ аата ытык дуулаҕа бэргэһэ диэн. Кинини кулун баттаҕын сиэллэри, көҕүллэри, кулгаахтары сүлэн ылан бараннар тигэллэр. Сиэлэ киһи моонньугар түбэһэр, кулгааҕа чөрөйө сыдьдьар гына, киһи кэттэҕинэ. Ойоҕоһуттан көрдөххө убаһа төбөтүн көрдүк буолан көстүөхтээх: сиэллиин, кулҕаахтыын, көҕүллүү бу бэргэһэ. Сылгы – Айыы айбыт сүөһүтэ, ол иһин сылгы баттаҕа бэргэһэлэнэр. Былыр сылгы Айыытын таттахтарына, үөһэнэн былыты быыһынан кэлэн, ойуун кыыра олордоҕуна, ыһыахха сылгы Айыыта кэлэн, атыыр эбэтэр биэ сылгы буолан эргийэр үөһэннэн олорор дьону.
Дүҥүрэ сылгы тириитэ буолар. Ону маҕан сылгы тириитинэн, түүтүн ылан кэбиһэн баран, оҥороллор. Көстүөх буоллаҕына, атыыр сылгы тириитинэн оҥоруллар. Аттаммыт сылгы тириитэ сыттаммат. Дүҥүрэ ньолбоҕордуҥу, аҥар өттө саллаҕар. Икки муостаах, икки кулҕаахтаах, ол муоһа үөһээ, саллаҕар өттөгэр бааллар, кэккэлэһэ сыдьдьаллар. Икки ойогоһугар икки кулҕаахтаах.
Айыы ойуунун дүҥүрэ . Ол кулгааҕын, муоһун оҥороллор тириитин тиириэх иннинэ, иитигэр маһы сыһыаран, чочоруттан сыдьдьар гына. Ол кулҕааҕа, муоһа ойуун ийэ кыылын муоһун, кулҕааҕын үтүгүннэрэн оҥорбут суоллар. Муоһун, кулгааҕын туһунан солуур кыдьдьыытын көрдүк тимирдэргэ сүүтүк көрдүк көҥнөй ытаһыны кэтэрдэллэр, биирдии ии курдукка тоҕустуу кыаһааны. Онон үс сиргэ 27 кыаһааны кэтэрдиллэр, кыыгыныы сыдьдьар гына, олор төттөрү-таары сүүрэ сыдьдьаллар кыдьдьыы көрдүк тимир устун. Барыта үс тоҕус кыаһаан. «Төрүөтэхпитинэ симиэн түһэрбит симэхтэрэ, ити кыаһаан тыаһын, саҥатын сөбүлүүллэр», – диэн этэллэр ойууттар. Дүҥүр иитин тас өттүнэн эргиччи тириитин, ис өттүнэн айа киссин эбэтэр эргийии саҥа кисси оҥорон угаллар, ыга тардан баайаллар дүҥүр иитин ол быаннан. Ол үрдүнэн тириитин уонна иитин икки ардыгар, иитин куоһаан баран, тойон эбэтэр барыллыа куорсунун кырбаан баран, иҥиир сапка тиһэн толугуруу сүүрэ сыдьдьар гына угаллар, икки кулгааҕын уонна муоһун төрдүнэн сүнньүөх көмүс симэх көрдүк тиһэн. Ол тыаһын улаатыннарар, көтөр куорсуна аатыраллар алгыска бу куорсуннар. Бу үрдүнэн быарыгын быатыгар үстүү үс тоҕус ахсааннаах хобону эбэтэр чуорааны баайаллар.
Ойуун гиэнэ дүҥүрэ – миинэр ата. «Чой бороҥ соноҕоспут, көтөр кынаппыт, тардыстар далаһабыт, суон томукпуттан торолутан таҕаарар дорҕоонноох маһым, кэтит дьилбэкпиттэн киэргэтэн таҕаарар киҥкиниир киил маһым», – диир. Үс кэрдии сиргэ тиийэн баран баайан кэбиһэр (соногоһо-дүҥүрэ). Аан дайды иччитигэр туттаран баран барар ойуун, эргийэн кэлиэр дылы. Ыраатар буоллаҕына эбэтэр Аллараа түһээри гыннаҕына, бу соноҕоһун алҕаан-алҕаан баран Аан дайдытыгар төттөрү ыытар. Онуоха: «Кэлэрбэр, Аан дайдыбар эргийэрбэр уойан-уойан, тотон-тотон баран, баайыллан кууран-хатан тоһуйаар, бу Аан дойду үс үүттээх үрүҥ көмүс остуолбатыгар», – диир ойуун алҕаан. Аллараа дайдыга түһэригэр кини атын ыраах иппэт. Айыы сылгыта абааһы сирин быттаҕар-былагайыгар биһиллиэ дуо?» – диэн санааттан.
Былаайаҕын кулун тыһынан бүрүйэллэр, маҕан, кэрэ тыһынан. Былаайаҕа – атын кымньыыта. Тонукка этэллэр: «Аллаах атым, тустаах соноҕоһум үрүҥ көмүс кымньыыта», – дииллэр.
Айдарыыта. Кини Эллэй Иэйэхситтэн ситимнээх, Оноҕой Баай тойонтон оҥоруулаах. Кини абааһы ойуунун көрдүк өр булларан ыалдьыбат, син кыратык ыалдьар, мэнэрийэр. Кини түүллээх-биттээх буолуохтаах. Кини олорор сиригэр сайын сылгы кистиир буолуохтаах. Булт да сиригэр, кини бултуур сиригэр, сылгы суох сиригэр сылгы кистиир күн тахсыытын саҕана. Ону доҕоро, булчуттар истэллэр. Ол күн ойуун буолар киһи улаханнык саньньыйан, хаана-сиинэ кубулуйан сыдьдьар. Ону доҕоро: «Хайтах буоллуҥ?» – диэн ыйыттаҕына, «Үөһэ аарык чуораан, кыаһаан тыаһа аймыллар, кулгаахпар, төбөбөр чугунуур. Мэйиим, санаам үөһэ тахсар көрдүк буолар, төйөбүн», – диир. Онтон сотору бу киһи ойуун буолуохтаах. Ол киниэхэ сылгы Айыытыттан билиннэхтэрэ үһү. Айыы ойууна сылгы Айыытын: «Айыым», – диир кыырдаҕына. Кини ойуун буолумуна мөккүһэн сыттаҕына, Айыылара быһа кымньыылаан өлөр, бу киһи.
Айыы ойууна син төрүүр-үөскүүр мастаах. Ол маһын этэр: «Айыы луук маһым», «Ийэ харыйа маһым», «Иэдьэгэй кутум иирэ эбит аан харыйа маска», – дииллэр. «Үүт таас олбохтоох Үрүҥ Айыы куту айар, Оногой Баай тойонтон оҥоруулаах, Эллэй Айыыттан саҕыаллаах киһи кута. Ол онуоха Айыы ойууна буолар киһини үрүҥ көмүс холбуйатыттан Үрүҥ Айыы кутун-сүрүн ыытар, ол кэлэн аан харыйаҕа Иэдьэгэй уйаҕа кэлэн иириир, иитиллэр, ойуун маһыгар. Онно иитиллибитин кэннэ үрэн ыыппыттара Илин халлаан анныгар үрүҥ көмүс хайаҕа удаҕан-удаҕан ойуун-ойуун умсуллар үүт чөҥөрө көлүйэтигэр кэлэн умсан сөтүөлээн, суунан тахсан мойбордоох мохсоҕол кыыл буолан сэттэ бастаах, тоҕус мутуктаах хахыйах маска тахсан олорор, Айыыттан аналлаах харыйа маска, ол олорон өйдөнөр: «Орто аан дайдыга аналлаах эбит буоллаҕым ойуунунан», – диэн. Бу манна олорон баран Орто дойдуга төрүүр ийэтин-аҕатын көрдүүр, мохсоҕол кыыл буолан. Бу көрдүөн сөбүлүүр сиригэр, сөбүлүүр дьахтарыгар үрүмэччи буолан төбөтүн оройугар иҥэр. Ол иҥэн оҕо буолан төрүүр.
Көтөрө-сүүрэрэ . Айыы ойууна син көтөрдөөх-сүүрэрдээх, киниэхэ барыллыа, өксөкү, кырбый да баар буолуохтаах, киниэнэ ол аата кэп кыыллара. Кини ол кыыллар буолан кубулуйан, айанныыр үөрүн-сүүрүгүн көтөҕөн, батыһыннаран идьдьэллэр. Айыы ойууна син балыктардаах: уолугунан айахтаах кээчир балык (хатыыс), хаахынай, ол балыктар буолан кубулуйан айанныыр, ойуун үрэҕин устун, өлүү уутун устун. Айыы ойууна син ийэ кыыллаах. Онтуката киниэнэ уу оҕуһун көрдүк буолуохтаах. Айыы ойууна ийэ кыылыгар кута-сүрэ иҥэ сыдьдьар. Ийэ кыыла өллөр эрэ ойуун өлөр. Ойууттар ийэ кыыллара эккирэтиһэллэр, күссэллэригэр кини таҥарата – эһэтэ-эбэтэ, ойууннар үөрдэрэ таҥара буолаллар. Үөһээ айбыт Айыылара эмиэ таҥара буолаллар. Кини таҥаралара кыырдаҕына, күүс көмө буолаллар.
Айыллыыта. Кини сиэмэх буолбат, киһини-сүөһүнү сиэбэт. Кини кыырар: сүөһү, киһи, сылгы Айыытыгар, Байанайга, уу иччитигэр. Аллараа дойдуга чугас сиргэ син сыдьдьар, ыраах дириҥник түспэт. Онно мэнэрик абааһытын төрдүгэр уонна тоҕус ойуун төрдүгэр улаханнык түспэт. Айыы ойууна кэрэх ыйаабат. Син ытык туруорар. Киһи ыарыйдаҕына түлэһи убаппат, кэрэх туруорбат. Ойуун кыырыан иннинэ дьахтары дүҥүрдэрин, таҥастарын иннинэн быһа ыыппаттар – быртаҕыргаан.
Олбоҕо. Ойуун олбоҕун аата дэпсэ диэн, биир аата түһэргэ диэн. Дэпсэтэ маҥан үөр атыырын эбэтэр тиэргэн түгэҕин биэ гиэнэ баттаҕа буолуохтаах: кулгаахтыын, сиэллиин, көҕүллүүн сыльдьар.
Үөрү син киллэрэр. Кини абааһы ойуунун көрдүк олус иҥсэлээхтик туойбат. Айыы ырыатын көрдүктүк наҕыллык тойугулуур. Айыы ойууна Айыыга ыһыах ыстаҕына дьөһүөлдьүт оҕолоро ыраас кыыс, уол оҕолор буолаллар. Олор маҥан, элэмэс кулун тириитэ саҥыйахтаах буолаллар. Кутуруксута эмиэ маҥан таҥастаах буолар. Кини Үөһээ дойдуга, үөһээ абааһыларга сыдьдьар, кыырар. Айыы ойууна хомуһуна соччо суох буолар, кини син көрүүлэнэр.
Ойуун ийэ кыыла сытар таас хайаҕа. Үрдүк таас оройугар сытар».
1
Чабыргах (чабаргах) – Үө. Хал. сыарҕа атаҕын быата буолар, сэбэһэ (волосяная скрепа оглобли с копытом). (Диалектологический словарь якутского языка. – М.: Наука, 1976. – 295 с.)