Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 2
Аан тыл
ОглавлениеАйылҕаттан айдарыылаах өбүгэлэрбит (ойууннар, удаҕаннар, отоһуттар, ичээннэр, көрбүөччүлэр) сирдиир, араҥаччылыыр, алгыыр, эмтиир оруоллара улахан буолан, саха киһитэ омук быһыытынан эстибэккэ, симэлийбэккэ, бүгүҥҥү сайдыылаах үйэҕэ тыыннаах ордон кэллэҕэ.
Ойуун – айыылары, иччилэри кытта ыкса сибээстээх, кинилэртэн көрдөһөн-ааттаһан тылын ылыннарар эбэтэр куһаҕан күүстэри үтэйэр дьоҕурдаах киһи. Анал таҥастаах, дүҥүрдээх буолар, ону кыырарыгар охсон тыаһатар, эккирээн үҥкүүлүүр.
Дьон өйдүүрүнэн, Айыы ойууна уонна сиэмэх ойуун диэн арахсаллар. ХVIII үйэ бастакы аҥаарыгар Саха сиригэр олоро сылдьыбыт Я.И. Линденау суруйбутунан, айыы ойууна сиэмэх ойуунтан күүстээх. Ойууннар Үрдүкү күүстэри кытта быһа кэпсэтэн дьону үтүөрдэллэр, оҕото суохтарга оҕо кутун иҥэрэллэр, ыраастыыллар, арчылыыллар, өтө көрөллөр. Наука билигин ити түгэннэри быһааран турар. Ойуун араас ыарыыны эмтиирин медицина эмиэ билинэр. Ол иһин сорох отоһуттарга эмтииллэригэр көҥүл биэрэллэр.
Биллиилээх историк Г.В. Ксенофонтов ойууннар тустарынан суруйуутугар «таҥара көмөлөһөөччүлэрэ» диэбиттээх.
Саха норуотун итэҕэлэ атын норуоттар итэҕэллэриттэн уратылардааҕын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Төрүт итэҕэли билиммэт Сэбиэскэй Сойуус сылларыгар саха отоһуттара төһөлөөх ыарыһахха көмөлөспүттэрэ буолуой! Ону сыаналаабакка сэбиэскэй былаас буруйдуур уорганнара ойууннары, удаҕаннары кыыралларын, эмтииллэрин боппуттара, таҥастарын-саптарын дүҥүрдэри баайдары уоттаабыттара, сууттаан баайдарын былдьаан, кулаак оҥортоон, гражданскай бырааптарын быспыттара. Ситэтэ суох көрдөрүүлэринэн 100-тэн тахса киһи эппиэккэ тардыллыбыта. Ойууннары «эксплуататорскай» кылаас диэн ааттыыр буолбуттара. Кинилэр тустарынан архыыпка баар матырыйааллары суох оҥортообуттара. Онон сэбиэскэй былаас сылларыгар ойууннааһын үөрэтиллибэтэҕэ.
Ойууннааһыҥҥа сыһыан 1980-с сыллартан сыыйа уларыйан барбыта. Ол курдук сорох отоһуттарга эмтииллэрин көҥүллээбиттэрэ. Оннооҕор Москва, Киев куораттарга гипнозка үөрэниэн баҕалаахтарга анал куурустары ыытар буолбуттара.
Бүлүү эбэ хотун былыр-былыргыттан сүдү ойууннарынан аатырара. Сорох чинчийээччилэр саха ойууннара тоҥус ойууннарыттан үөрэнэн, уһуйуллан тахсыбыттара дииллэр. Бүлүү сиригэр ХVII үйэ саҥатыгар Хаҥаластан кэлэн олохсуйбут Айыы ойууна Туоҕа Боотур бэйэтин кытта Лүксүрээни ойууну илдьэ кэлбитэ. Бу дьон култууралара үрдүгүнэн, олоххо сатабылларынан олохтоох дьонтон таґымнара үрдүгэ. Үс Бүлүү түөлбэтигэр Туоҕа Боотур кэнниттэн Тыгын Дархан убайа Ньыыка Тойон уолун Уһун Ойуун сыдьааннара (Тайана Махсыын, Быыгынас ойуун) Айыы итэҕэлин салгыы тарҕаппыттара. Кинилэр үтүө дьыалаларын Муоһай удаҕан, Аата Ааттаммат-Дьолуодай, Нээтийэ, Суор Ойуун, Баабыс, Алыһардаах Аана, Тумус Мэхээлэ, Отчут уола Оноху, Куонаан ойуун, Ылдьаана удаҕан, С.А. Сивцев-Боччуон, Ньыыкан ойуун, Бадыл ойуун уо.д.а. салҕаабыттара.
Удьуордааһын, утумнааһын баарын билигин учуонайдар билинэр буоллулар. В.Л. Серошевскай «Якуты» кинигэтигэр Саха сиригэр биир кэмҥэ түөрт улахан ойуунтан ордук үөскээбэт диэн суруйар. Бүлүүгэ көһөн барбыт хаҥаластартан, намнартан, таатталартан (Боотур ууһа) уонна бороҕоннортон утумнаан, Үс Бүлүүгэ элбэх ойуун төрөөн-ууһаан олорбута биллэр. Саҥа былаас бастакы сылларыгар Саха сиригэр 380 ойуун баарыттан 97-тэ Бүлүү үс түбэтиттэн эбит. Оччолорго ойуун ахсааныттан биэс гыммыт биириттэн ордуга бу үс улууска баара киһини сөхтөрөр. Удьуордааһын, утумнааһын билигин да бара турар, бара да туруоҕа. Ону биһиги кэммит уһулуччулаах идэлээхтэрэ Эдьиий Дора, Дьөккөн Сөдүөтэ Тайаана Туоҕаттан уонна Уһун Ойуунтан тымыр-сыдьаан тардаллара туоһулуур. Улахан дьоммут эмтиир ньымаларын, төрүччүлэрин төһө кыалларынан ырытан кинигэҕэ киллэрдибит. Баҕар, ким эмит айылҕаттан бэриһиннэриилээх буоллаҕына, ону сайыннаран норуотугар туһаны аҕалыа диэн эрэнэбит.
Сэбиэскэй кэмҥэ ойууннааһыны, отоһуттааһыны умна быһыытыйбыт бириэмэҕэ, Айыы үөрэҕин тарҕаппыт, аан дойду таһымыгар таһаарбыт киһинэн Владимир Алексеевич Кондаков буолар. Кини Саха сиринээҕи норуот эмчиттэрин ассоциациятын тэрийэн, элбэх эмтиир дьону иитэн таһаарбыта. Владимир Алексеевич аатын сүгэр ассоциация кинини суохтаппат курдук салгыы үлэлиир, дьону эмтээн норуот медицинатын суолтатын лаппа үрдэттэ.
Кинигэ сыала-соруга диэн урут олорон ааспытуос номоҕор киирбит айылҕаттан айдарыылаах, улуу өбүгэлэрбит ааттарын, үлэлэрин билиҥҥи ыччакка сырдатыы. Биһиги бу ытык дьоммутун көлүөнэлэр умнубаттарын туһугар үйэтитэр дьаһаллары ылыахтаахпыт. Былырыын улуу Алыһардаах удаҕан төрөөбүтэ 170, Ньыыкан ойуун – 120 cыллара саатар төрөөбүт нэһилиэктэригэр бэлиэтэммэтэ. Быйыл дьон билиниитин ылбыт Бадыл ойуун, В.А. Кондаков, Эдьиий Дора, Дьөккөн Сөдүөтэ бэлиэ сыллара үүннэ…
Кинигэҕэ, кыраайы үөрэтээччилэргэ, төрүт култуура учууталларыгар туһалаах буолаарай диэн, төһө кыалларынан үһүйээннэри уонна номохтору хомуйан киллэрдибит. Балар иитэр-үөрэтэр суолталарын өйдөөн, салгыы хомуйан, дьон-сэргэ билиитигэр бэчээккэ таһааран иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Кинигэҕэ Үс Бүлүү сиригэр-уотугар олорон ааспыт айылҕаттан айдарыылаах биллэр дьон туһунан матырыйаалы барытын киллэрдибит диир кыахпыт суох. Айах аһыллан, уос өһүллэн бардаҕына, бу кинигэҕэ киирбэтэҕи ситэрэн-хоторон биэрэр дьон көстүөхтэрэ диэн баҕа санаалаахпыт.
Итэҕэл баарын тухары норуот сүппэт. Онон Үрдүк Айыылартан бэриллибит итэҕэлбитин кэнэҕэски ыччаттарбыт сиэри-туому тутуһан үрдүкү таһымҥа тиэрдиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит. Үс Бүлүүгэ урукку өттүгэр олорон ааспыт улуу кырдьаҕастарбыт ааттара-суоллара аныгы үйэлэргэ ааттана, сураҕыра туруоҕа.
Күндү ааҕааччыларбыт, сүдү өбүгэлэрбит кэриэс этиилэрин эппитигэр-хааммытыгар иҥэрэн, төрүт итэҕэлбитин норуоппут туһугар туһанан кэскилбитин оҥостуоҕуҥ!
М.П. Григорьев, П.С. Колтовской, А.А. Павлов