Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 18

Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
Алыһардаах Аана
Төрдө-ууһа

Оглавление

Аҕатын өттүнэн сурукка киирбит түгэх өбүгэтинэн Бекчонон Кулакыев (1689–1780 сс.) буолар. В.А. Кондаков бу киһи Туоҕа Боотурдааҕы кытта кэлбит, чугас уруулара дуу эбэтэр буойун киһи сиэнэ дуу буолуохтаах диэн сабаҕалыыр. Бекчонон кэргэнэ, Телиги Быкрина, (1702–1784 сс.) Микита Мологоров кинээстиир Тоҕус (Тааһаҕар) буолаһын киһитэ Быкыры Тулааһынап кыыһа. Кинилэр түөрт уолу: Лэкэттэ (1730 с.т.), Сертеня (1735 с.т.), Жуль (1752 с.т.), Мекерек (1753 с.т.) төрөппүттэр. Кыыс оҕолоохторо биллибэт, баар да буоллахтарына, буоласка 1782 с. ыытыллыбыт биэрэпис иннинэ кэргэн тахсан, ревизия кинигэтигэр ааттара кииримиэхтэрин сөп. Улахан уол Лэкэттэ сүрэхтэнэн Василий Колтовской диэн буолбут. Кэргэнэ Катерина Васильева киниттэн 17 сыл балыһа бэлиэтэммит, биир дойдулааҕа Кутики Быкрин кыыһа диэн ыйыллыбыт. Соҕотох Иван (1785 с.т.) диэн уоллаахтар, түөрт кыыстаахтар: Анна (1772 с.т.), Дарья (1775 с.т.), Федосья (1778 с.т.), Хотуннур (1781 с.т.). 1795 с. ревизия кинигэтигэр кыргыттар ааттара киирбэтэх, бука эрэ кэргэн тахсан атын аҕа ууһун хаҥаттахтара. Уоллара кэргэн ылар сааһын ситэн олоҕун оҥостубут. Кэргэнэ Авдотья Егорова (1792 с.т.) ким кыыһа буолара, хантан төрүттээҕэ биэрэпистэргэ ыйыллыбатах. Оттон олохтоох үһүйээҥҥэ Уйбаан аатыгар Тукун диэн самалыктаан кэпсэнэр.

Уйбааннаах Огдооччуйа үс уол оҕону төрөппүттэр – Осип (1809–1815 сс.), Иван (1814 с.т.) уонна Дмитрий (1815 с.т.). Нэһилиэккэ 1816 с. биэрэпискэ итинтэн атын оҕолордоохторо суруллубатах. Эдэр дьон кэлин оҕоломмут да буолуохтарын сөп. Кырдьык, 1850 с. биэрэпис кэрэһилииринэн, Кэрчээһин Уйбаан (1816 с.т.) диэн уолламмыттар. Тукун Уйбаан уола Миитэрэй Евдокия Тимофеева (1815 с.т.) диэн кыыһы кэргэн ылбыт. Евдокия Тимофей Гаврилов диэн киһи кыыһа этэ. Миитэрэйдээх Евдокия түөрт уол, икки кыыс оҕону төрөппүттэр – Алексей (1839 с.т.), Тимофей (1854 с.т.). Иван (1854 с.т.), Николай (1858 с. биэрэпис кэнниттэн төрөөбүт), Татьяна (1841 с.т.), Анна (1848 с.т.).

Алыһардаах Удаҕан, Анна Дмитриевна Иванова, 1848 с. урукку истиилинэн кулун тутар 19 күнүгэр төрөөбүтүн туоһулуур миэтирикэтэ архыыпка харалла сытара көһүннэ. Аҕата Миитэрэй Иванов, ийэтэ Евдокия Тимофеева (сорох докумуоннарга араспаанньатын Ильина да диэн суруйаллар) диэн ити докумуоҥҥа суруллубут. Аана биһигин ыйаабыт сирэ Сааһаабыт. Сааһаабыт 2-с Лүүчүн Аһахтааччы учаастагын сирэ. Онон биэрэпистэр уот харахха этэ сыталлар эбит.

Мантан аллара В.А. Кондаков ахтыытыттан быһа тутан киллэрэбит: «Аана сүрдээх оттомноох, бөдөҥ-садаҥ киһи буолара кыра эрдэҕиттэн биллэр этэ. Бэрт кэрэ дьүһүннээх кыыс оҕо буола улааппыта. Аанаттан оруобуна 60 сыл балыс Иосиф Тимофеевич кини тас дьүһүнүн ойуулаан суруйтарбыта. Иосиф оҕонньор Аанаттан чугас сиргэ үөскээбит, кинини элбэхтик көрбүт киһи этэ. Аана 87 саастааҕар өлбүтэ докумуон быһыытынан дакаастанар, ол аата Иосиф 27 саастаах туруу эр киһи буолбутун кэннэ. Иосиф Мальцев кырдьыбыт Аана тас дьүһүнүн маннык ойуулаан хаалларбыта: «Улахан толуу көрүҥнээх. Икки миэтэрэ дуу, арыый кыайбат дуу үрдүктээх, онно сөп суон уҥуохтаах, бөдөҥ мүһэлээх харылаах, сүрдээх улахан илиилэрдээх эмээхсин этэ. Кэтит үрдүк сүүстээҕэ, киэҥ арылхай харахтааҕа, үрдүк кырыылаах, биллэ-биллибэт сүһүөхтээх муруннааҕа. Дьүһүнүгэр киһи булар омсото диэн айаҕа киэҥ этэ уонна аллара уоһа тэллэҕэрдиҥи соҕуһа. Эдэригэр бэрт сырдык, ыраас, кэрэ сэбэрэлээх эбит быһыылааҕа. Элбэхтик удаҕаннаабыт буолан, хаана-сиинэ сүрдээҕин дьэбидийбит этэ. Эдэр дьон кыайан кэпсэппэт этибит, ыйыттаҕына эрэ эппиэттиирбит. Кырдьаҕас дьон да бэркэ дьулайа-дьулайа кэпсэтэллэрэ. Тугу эмэ сыыстара, омсолуу иһиттэҕинэ, хараҕын кырыытынан кынчарыйар курдук көрөр идэлээҕэ. Хараҕа киэҥэ да, сытыыта да дьулаана бэрдэ. Аргыый көллөҥнөөн хаамара (кырдьан буолуо. – В.К.), олус дуоспуруннаахтык туттара. Саҥардаҕына тыла-өһө киттиэннээх, саҥата-иҥэтэ наһаа ньиргиэрдээх этэ. Хайдах эрэ көхсүн иһиттэн кирдьигинээн тахсар бөдөҥ куоластааҕа».

Буоккалаах уола Прокопий Прокопьев эмиэ Аананы көрбүт, кэлин, Аана өлөрө үс хонук иннинэ, ийэтин илиитэ көрөр буолбутун эмтэппит киһи, Аана дьүһүнүн: «Кырдьыбытын кэннэ көрбүтүм. Үрдүк, көнө уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх дьахтар кырдьыбыта этэ. Дьэ, арылы дьэргэлгэн киэҥ уоттаах харахтааҕа. Хараҕа, кырдьыбытын да кэннэ, сытыы этэ. Сырдык, ыраас хааннаах, бэрт үчүгэй дьүһүннээх дьахтар кырдьыбыта көстө-биллэ сылдьара», – диэн ойуулаабыта.

Аана оҕо сааһа кыһалҕата суох ааһан, сүрдээх мааны, дьон барыта хараҕа иҥнэр кыыһа буола улааппыта. Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Миитэрэйдээх Огдооччуйа ыал улахан оҕолоро буолан атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйбуттара. Аана улаатан эрдэҕинэ, быраата Холохоно Ньукулай кыратыгар аҕалара Миитэрэй өлөн, бу дьон тулаайах хаалбыттара. Сотору Аана биллибэт ыарыыга ыалдьан хаалбыт. Огдооччуйа аймаҕыттан Микииппэр кинээстэн, Никифор Николаевтан, көрдөспүт. Никифор Лүүчүҥҥэ 1865–1866, 1875–1876, 1879–1880 сс. кинээстээбитэ, 1851–1854, 1859–1861 сс. Орто Бүлүү улууһугар кулубалаабыта, оттон 1840–1844 сс. быыбарынай кулуба этэ. Дьэ, улахан үлэһит киһи диэтэҕиҥ! Микииппэр эдьиийигэр Огдооччуйаҕа, сиэн балтыгар Аанаҕа элбэхтик көмөлөспүтэ, бэйэтигэр олордубута. Аана удаҕан буолаары ыалдьарын билэн, Огдооччуйалыын сүбэлэһэн баран, Хаарпа ойууну уонна кутуруксутун Уллук Уйбааны кыырдарбыттара. Бастакы түүннэригэр Аллараа дойдуга түһэн кыыра сылдьыбыттар. Онтон бэрт түргэнник төттөрү ойон тахсан, бастакы уонна иккис түүннэригэр Үөһээ дойдуга тоҕус олох тухары кыырбыттар. Үс түүн кыыран баран, Хаарпа ойуун: «Үөһээттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Оттон дьэ аллараа дойдуга суох эбит. Онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыыһы. Билигин да суолу билэрэ буоллар, иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билигин Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ дойдуга Иэйэхсиккэ, Айыыһыкка, Күрүө Дьөһөгөйгө, Ала Мылаҥсыҥҥа барыларыгар тиийэр алгыстаныа. Кэлин аата-суола аан дойдуга тарҕаныа, суон сураҕа иһиллиэ», – диэн баран Хаарпа ойуун Аана төбөтүгэр силлии-силлии имэрийбит. Аана ойуун алгыһын үүт түһэрэн иһэрэ эбитэ үһү. Хаарпа салгыы алҕаан-домноон баран: «Оҕом Аана, дьиҥнээх оҕо бэйэҕиттэн кэлэр тускута суох буолаахтыырыҥ буолуо диэн көрүүлэнним», – диэн эппит.

Аана бастакы кэргэнэ А.И. Эверстов суруйарынан, Лүксүгүнтэн Булҕаһа Дьаҕарах кыра уола Акыым Дьөгүөрэ Ньылбай Ыстапаан диэн убайдааҕа ыйыллыбыт. Тыайаҕа ыытыллыбыт биэрэпистэри кытта тэҥнээн көрдөххө, Булҕаһа Дьаҕарах – Булугас-Гаврило Яковлев (1783 с.т.) буолан таҕыста. Кэргэнэ Анна Егорова (1800 с.т.), Степан (1834—10.02.1908 сс.), Егор (1846 с.т.) диэн ааттаах уолаттардаах эбит. Кэлин араспаанньалара Докторовтар диэн буолбут. Архыып докумуона кэрэһилииринэн, Акыым Дьөгүөрэ өлбүтүн кэннэ, 1888 с. урукку истиилинэн тохсунньу 31 күнүгэр Аана Кырыкый киһитигэр Николай Павловка-Сыгынньах ойууҥҥа (1853 с.т.) кэргэн тахсыбыт. Эр киһи 35-тээҕин ыйбыттар, оттон Аананы 37-лээх огдообо диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэр. Кинилэри таҥара үлэһитэ Иван Винокуров сиэри-туому толорон бэргэһэлээбит, Иван уонна Спиридон Ивановтар туоһу буолтар. Сыгынньах ойуун иитиллибитинэн толору аата Николай Павлович Борисов. Онон да буолуо, 1927 с. Бороҕон нэһилиэгэр ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ (НА РС(Я). Ф.70. Оп.38. Д.500) Аана араспаанньатын Борисова диэбиттэр. Оччотугар кини толору аата Анна Дмитриевна Борисова диэн буолан тахсар. Ити араспаанньата киниэхэ сыстыбатах, кэлин Павлова диэн сурукка киллэрэр буолбуттар.

Алыһардаах Удаҕан бэйэтиттэн оҕото суох. Икки оҕону ыалтан ылан ииппитэ биллэр. Ииппит кыыһа Даарыйа Кучан олохтооҕор Кылаан Борокуоппайга-Прокопий Прокопьевич Михайловка (1884 с.т.) кэргэн тахсан, 1927 с. биэрэпис (НА РС(Я). Ф.70. Оп.38. Д.221) кэрэһилииринэн, үс оҕолоох: Петр (1914 с.т.), Прокопий (1925 с.т.), Евдокия (1921 с.т.). Кучантан төрүттээх Прокопий Иннокентьевич Саввинов кэпсээбитинэн, Кылаан Борокуоппай оҕолоро Прокопий уонна Евдокия Кэбээйигэ олохсуйбуттар. Ииппит уола Иван Михайлович Борисов аҕата Мэхээт (Мукучу), ийэтэ кимэ биллибэт. Араспаанньатын биэрэн бэйэтин үйэтиппит. И.М. Борисов оҕолоруттан Степан сылгыһыт этэ, кэргэнэ аатырбыт олоҥхоһут Куоҕас Уйбаан кыыһа Дуунньа, уон оҕолоохтор. Иккис уола Иван Иванович – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үһүс уол Алексей биллиилээх механизатор этэ. Билигин Баҕадьанан, Мукучунан, Дьокуускайынан Борисовтар диэн аҕа ууһа, халыҥ аймах үүнэн-үөскээн, эдьиийбит Аана араспаанньатын халыҥата сылдьаллар. Өссө да үүнүөхтэрэ-сайдыахтара турдаҕа.

Алыһардаах Аана хаһан өлбүтэ чопчу биллибэт. С.С. Ионов суруйбутунан, Кучаҥҥа ииппит кыыһыгар Даарыйаҕа, күтүөтэ Кылаан Борокуоппайга олорон үтүмэн сылларга өлбөт-сүппэт үйэлээх өйдөбүлү хаалларан, 1933 с. саас кулун тутар ыйга өлбүт. Саха сирин киэҥ киэлитигэр аата-суола киэҥник тарҕаммыт, уос номоҕо буолбут Алыһардаах Аана көмүс уҥуоҕа кэргэнин өтөҕүттэн чугас сытар Дьэҥкэ күөл хоту өттүнээҕи тиит, харыйа былааһыктаах лиҥкир тиит тумуһахха оҕонньорун Сыгынньах ойуун, быраатын Холохоно ойуун аттыларыгар сэргэстэһэ хараллан сытар. Мэҥэ тааһыгар хараҥа халлаан күөхтүҥү хара кыраасканан «Здесь покоится инородка Вилюйского улуса Павлова Анна» диэн суруллубут.

Олохтоох үһүйээннэргэ Сыгынньах ойууну ааттаах-суоллаах Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кэпсэнэр. Ол төһө оруннаах эбитий? Ити боппуруоска эппиэттээри Нээтийэ Лүүчүҥҥэ олохсуйбут уолун Кюртя (Кортя), Павел Максимов (1758 с.т.) салаатын эридьиэстиибит. Ийэтэ Тыайаттан Сытыкыйа Илбянев кыыһа Татьяна Афанасьева (1713 с.т.) кинини 45 саастааҕар төрөппүт. Павел кэргэнэ Эркя Кысалгина-Агафья эриттэн 13 сыл аҕа, хантан төрүттээҕэ суруллубатах. Архыып докумуоннарын үөрэтии түмүгэр Эркя-Агафья Кэбээйи Левиннэрин ытык өбүгэтэ буолбут Кысалга Бархагаров кыыһа буолара чуолкайданна. Кини туһунан 2012 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Лүүчүннэр. Аймахтары анаардахха, уруулары сурастахха» кинигэҕэ киирбит «Лиэбиннэр» диэн ыстатыйаттан билсиэххэ сөп.

Павел Максимовка төннөбүт. Биэс оҕолоохтор: Кэрэмэс Саппырыан (1789 с.т.), Петр (1795 с.т.), Сымнаҕас (1791 с.т.), Дария (1796 с.т.), Татьяна (1800 с.т.).

Кэрэмэс кэргэнэ Елена Павлова (1789 с.т.) биэрэпистэргэ киирбит биир уоллаахтар – Феофан (05.12.1822 с.т.). Иккис уоллара – Федор (05.12.1823 с.т.), миэтирикэтэ көһүннэ эрээри, 1850 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ аата киирбэтэх, арааһа эдэр сааһыгар өлбүт бадахтаах. Феофан (Софрон) кэргэнэ Мария Егорова (1823 с.т.), оҕолоро: Иван (1852 с.т.), Иван (1854 с.т.) уонна Ульяна (1844 с.т.). Бу салааны манан муҥурдаан кэбистибит.

Иккис уоллара Петр Павлов Евдокия Павлованы (1801 с.т.) кэргэн ылан үс уолламмыттар: Михаил (09.12.1828 с.т.), Петр (1830 с.т.), Ефим (05.1836 с.т.) Михаил Петрович кэргэнэ Екатерина Григорьева (1830 с.т.), уолаттара – Иван (1852 с.т.), Иван (1853 с.т.).

Михаил Петрович иккис Уйбаанын (1854 с.т.) утумун үөрэтэбит. Кэргэнэ Матрена Николаева (1857 с.т.), оҕолоро: Прокопий (1876 с. т), Федот-Мутумаан (10.07.1892 с.т.), Феодор (15.01.1895 с.т.), Григорий-Мандарааскы (20.06.1899 с.т.). Бу оҕолоруттан Прокопий уонна Феодор оҕолоохторо биллибэт. Федот кэргэнэ Мария Ионова, оҕолоро: Василий (1920 с.т., ууга түһэн өлбүт), Степан (1927 с.т., ыалдьан өлбүт), Мария (Намнар кийииттэрэ, оҕолордоох). Мандарааскы Киргиэлэй кэргэнэ Даарыйа, соҕотох Афанасий диэн уоллаах.

Петр Павловтаах кыанар ыал буолан түөрт уолу: Бүөтүрү (1814–1856 сс.), Феофаны (1830 с.т.), Ньукулайы (1831 с.т.) уонна Дьөгүөрү (1832 с.т.) ииттибиттэр. Саастарынан сэдиптээтэххэ, үс кэнники уол биир ыал оҕолоро быһыылаахтар. Бу оҕолоруттан, нэһилиэккэ 1858 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Ньукулай эрэ олоҕун оҥостубут. Кэргэнэ Аана ким кыыһа, хантан төрүттээҕэ ыйыллыбатах. Ньукулай 1854 с. төрөөбүт сүрэхтэнэ илик диэн уоллаах. Бу уол Сыгынньах ойуун-Николай Николаевич Павлов буолара чуолкайданна диэххэ сөп. Аны кинилэр 1897 с. биэрэпискэ 2-с Лүүчүн Хайыҥдатыгар олороллоро ыйыллыбыт. Н.М. Спиридонов суруйарынан, өтөхтөрүн онно баар. Хайыҥдаттан Сыгынньах ойуун өлүөн иннинэ кинилэр Кырыкыйга Нээтийэ өтөҕөр көспүттэр. Туһугар эмиэ дьикти буолла: Николай Павловы Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ булкуурдаах буолан таҕыста. Иитиллибитинэн араспаанньата Павлов буолбутун өссө биирдэ тоһоҕолоон бэлиэтиибит.

Манна даҕатан Аана ийэтэ Огдооччуйа кимтэн тымыр-сыдьаан тардарын үөрэтэбит. Кини эһэтэ Беколтя Чокобутов (1720 с.т.) сааһыран баран олоҕун оҥостубут, Желак (Чалак) Омоносов кинээстиир Тыайа буолаһыттан Омонос Чачигын диэн дьикти ааттаах киһи кыыһын Хомолто Омоносованы (1740 с.т.) сүгүннэрэн аҕалбыт. Кинээс балта быһыылаах диэн сабаҕалыахха сөп. Сурукка киирбитинэн биэс оҕоломмуттар. Олортон иккитэ уол: Тортук-Тимофей Гаврилов (1776 с.т.), Неко-Афанасий Васильев (1787 с.т.) уонна үһэ кыыс – Кылчаҕар (1772 с.т., Тыайа Молжос Даилкин кэргэнэ), Оппогор (1774 с.т., Мукучу Күүстээх Көстөкүүн уолун Тигилээн-Василий Жирков кэргэнэ), Кыбчырах (1779 с.т.).

Беколтя Чокобутов оттуур ходуһата Дьөһүөнэҕэ баар эбит. Бу сир аатын билигин билэр киһи баара көстүбэтэ. Муоһай аҕатын ууһун сирэ эбитэ дуу, эбэтэр аата умнуллубута дуу? Тортук-Тимофей Гаврилов кэргэнэ Аана (1779 с.т.) ким кыыһа буоларын биэрэпискэ ыйбатахтар. Оҕолоро: Акулина (1806 с.т.), Авдотья (1807 с.т.), Николай (22.11.1810 с.т.), Авдотья (1811 с.т., Алыһардаах Аана ийэтэ), Федор (1813 с.т.), Анна (09.01.1814 с.т.), Дария (10.06.1821 с.т.), Иван (12.07.1824 с.т.). Кыра Огдооччуйа кэргэнэ Дмитрий Иванов (1815 с.т.), оҕолоро: Алексей (1839 с.т.), Татьяна (1841 с.т.), Тимофей (1842 с.т.), Анна (19.03.1848 с.т.) уонна Иван (1853 с.т.) диэн үөһэ суруйан турабыт.

Аана быраата Тимофей Дмитриевич Иванов Владимир Алексеевич Кондаков хос эһэтэ буолар. Кини Анна Алексеева диэн кыыһы кэргэн ылан, 1876 с. тохсунньу 1 күнүгэр (урукку истиилинэн) кини эбэтин Кэтириинэни төрөппүттэрэ (аҕатынан эбэтин) докумуоннарга сурулла сылдьар. Эһэтэ Иван Николаевич Кондаков-Андалбаһын Уйбаан (01.08.1862 с.т.) Кэтириинэлиин оҕолоро: Михаил-Тэллэмэй, Евдокия (ийэтинэн эбэтин аата), Парасковья (аҕатынан эбэтин аата), Екатерина, Алексей-Дар (09.01.1905 с.т.) – Владимир Алексеевич аҕата.

Эдьиий Аана кыра быраата Холохоно Ньукулай, нэһилиэккэ 1897 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Хайыҥдаҕа олороро бэлиэтэммит. Кэргэнэ Анна Никифорова киниттэн 20 сыл аҕата ыйыллыбыт, оҕолоро суох. Кыраайы үөрэтээччи, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Н.М. Спиридонов кэпсээбитинэн, Холохоно 1930 с. диэки кыһын өлбүтүн эдьиийэ Аана Дьэҥкэҕэ кэргэнин Сыгынньах ойуун таһыгар уҥуоҕун туттарбыт.

Аана ийэтинэн чугас аймахтара – Дыыдый удаҕан-Алексеева Мария Васильевна, кини уола Эллээһэп ойуун-Григорьев Григорий Афанасьевич, Аянитовтар, Каратаевтар, Макаровтар, онтон аҕатынан аймахтара – Сымаҕыйаан Аана удаҕан, норуот талааннаах эмчиттэрэ Е.С. Лиханова, Ф.И. Кобякова- Эдьиий Дора, Т.А. Никифорова-Тайаана, 2-с Лүүчүн Егоровтара, Михайловтара, Баҕадьа Афанасьевтара буолаллар.

А.А. Павлов, М.П. Григорьев

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх